нареч. много, в большом количестве; элбэхтик аһаа = есть много; көтөрү элбэхтик бултаа= добыть много дичи.
Якутский → Русский
элбэхтик
элбэх
многочисленный; обильный || много || множество, обилие; элбэх сүөһү многочисленный скот, много скота; элбэх ас обильная пища; элбэҕи биллим я узнал многое; элбэх тыллаах киһи аҕыйаҕын үчүгэйи саҥарар посл. кто много говорит, тот хорошего мало скажет; элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар погов. много слов — много ошибок.
элбэх мандааттаах быыбардыыр уокурук
многомандатный избирательный округ
Якутский → Якутский
элбэхтик
сыһ. Биирдэ эмэ буолбакка, үгүстүк. ☉ В большом количестве, много, много раз
Нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатын быһыытынан быыбардааччыларын кытта элбэхтик көрсүһэр, үгүс сорудахтарын толорор. «ЭК»
АЯМ тыһыынчанан килэмиэтирдээх суолугар кураанах массыыналар айаннаан иһэллэрин элбэхтик көрөҕүн. Хорсуттар с. Ходууну ынах сүөһүгэ аҥаардастыы биэрдэххэ ходууллуур, ол аата ситэ сиэбэт, элбэхтик тобохтуур. ПАЕ ЭАБ
үгүс-элбэх
даҕ. Олус элбэх. ☉ Очень много
«Мин да санаабар оннук», — диэтэ Ылдьаа туох да үгүсэлбэх толкуйа суох. Н. Заболоцкай
Ити чааһыгар мин үгүс-элбэх дискуссияны да сөбүлээбэт этим. В. Гаврильева
элбэх
- даҕ. Ахсаанынан баһаам үгүс («аҕыйах» диэҥҥэ утары суолталаах быһаарыыта суох аат). ☉ Многочисленный, состоящий из большого количества (о ком-чём-л.)
Кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх! Саха фольк. Киэһээлик кулуупка элбэх дьон мустубуттара. М. Доҕордуурап
Элбэх түннүк кылбаарар. С. Васильев
Бу күөллэргэ чыыр бастар бараммат элбэх этэ. С. Курилов (тылб.) - аат. суолт. Ахсаанынан аҕыйаҕа суох, үгүс ахсааннааҕа. ☉ Большое число, количество кого-чего-л., множество
Охоноос бэрт элбэҕи кэпсээтэ. Амма Аччыгыйа
Кыргыһыы уотугар элбэхтэр умсаннар сиэртибэ буоллулар. Күннүк Уурастыырап
Кини этиитин элбэхтэр сэргэҕэлээтилэр, сөбүлээтилэр. М. Доҕордуурап
Дьиэлээх тойон, кыратык итирэн, Дьикти элбэҕи сэһэргээтэ. С. Васильев
♦ Элбэхтэн элбэх охтуо (өлүө, үгүс), аҕыйахтан аҕыйах охтуо (ордуо, өлүө) көр аҕыйах
[Бытыктаах хаайыылаах:] Оҕолоор, сибилигин босхолонуоҕуҥ, элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо. С. Ефремов. Элбэх уу устан ааста калька. — ол кэмтэн элбэх кэм аастаҕа диэн суолтаҕа. ☉ С тех пор много воды утекло
Онтон ыла син элбэх уу устан ааста. Хомус Уйбаан
Элбэх хаар уулунна көр хаар. Ол кэмтэн, ама даҕаны, элбэх хаар уулуннаҕа. «ХС». Элбэх үрүҥү-хараны көр — олоххор араас моһоллору, күчүмэҕэйдэри, ыарахаттары көрүс. ☉ Пройти огонь и воду и медные трубы.
◊ Элбэх ахсаан тыл үөр. — предмет ахсаана элбэҕин (икки эбэтэр иккиттэн ордугу) көрдөрөр пуорма. ☉ Множественное число
Саха тылыгар уопсай схематтан атыннык элбэх ахсааннара үөскэтиллэр тыллар бааллар. ПНЕ СТ
Икки эбэтэр элбэх предмети көрдөрөр аат тыл элбэх ахсааҥҥа туттуллар: куобахтар, хайалар, сылгылар. КИИ СТ-2. Элбэх суолталаах тыл тыл үөр. — икки эбэтэр онтон ордук тус-туһунан өйдөбүлү бэлиэтиир тыл. ☉ Многозначное слово
Элбэх суолталаах тыллары ханнык баҕарар саҥа чааһын иһиттэн булуохха сөп. ПНЕ СТ. Элбэх сыллаах бот. — хас да сыл устата үүнэр (үүнээйи). ☉ Существующий много лет, многолетний, долголетний
Элбэх сыллаахтарга бары мастар, сэппэрээктэр, ону тэҥэ үгүс от үүнээйилэр киирсэллэр. КВА Б
Элбэх сыллаах оттор, быраабыла курдук, икки хонууттан ордукка ыһыллыа суох тустаахтар. КПЫ. Элбэх тылланыы — норуот эбэтэр хайа эмэ бөлөх күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар хас да тылы тэҥҥэ билэн кэпсэтиитэ. ☉ Многоязычие
Элбэх тылланыы — биир күлүүскэ элбэх тыллаах буолуу. ЭБЭДьА
ср. алт. элбек ‘достаток; достаточный, обильный’, тув. элбек ‘много’, монг., бур. элбэг ‘обильный, изобилующий; обилие, изобилие’
Якутский → Английский
элбэх
a. multiple, a lot, many; элбээ= v. to multiply, increase
Еще переводы: