Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эндэй

I
туохт. Алҕаһаа, сыыстар; сыыһа туттан үчүгэйэ суох балаһыанньаҕа киир. Ошибаться, заблуждаться; по своей оплошности очутиться в невыгодном, неприятном положении
Көрсүө дьон буоллаххыт, эндэйэн этиэххит дуо? ПЭК СЯЯ. — Оччоҕо икки бухатыырдар холбоһон баран мас балаҕаҥҥа олорорбут сатаммат! — Ээ! Ол иһин эндэйэн этиэ дуо? Мин этиэм диэн истэхпинэ эн урут эттиҥ! Саха фольк.
ср. монг. эндэх ‘ошибаться’
II
туохт. Миэстэҕиттэн, оннугуттан хамсаан, тэйэн хаалан, атын балаһыанньаны ыл; туох эмэ үрдүгэр биллэҕэ түс (тыаҕа мас атын мас үрдүгэр түспүтүн этэргэ). Сдвинуться вбок, наклониться, образовав щель (напр., о двери); свеситься набок, наклониться (напр., о лесине, упавшей на другую близстоящую лесину)
Бу мас эндэйэн турар. ПЭК СЯЯ
Мин халҕан эндэйэн хаалбыт буоллаҕа дии санаан, баран тардыалаан көрбүтүм, адьас сабыллан турар эбит. Эрилик Эристиин
Хантан эрэ сэлээркэ булан, эргэ баалынайы толору куппут уонна сааны уоһун өттүнэн онно умса укпут. Саа баппакка маһа үөһэ эндэйэ сытар. В. Яковлев

Якутский → Русский

эндэй=

ошибаться, заблуждаться; эндэйэн этиэ дуо? разве он ошибается?

Якутский → Английский

эндэй=

v. to make mistakes; эндиэ a. wrong


Еще переводы:

эндэт

эндэт (Якутский → Якутский)

эндэй I диэнтэн дьаһ
туһ. Дьиҥнээх булчуттар суолуттан ханнык саһылын эндэппэттэр. Амма Аччыгыйа
Кини бэйэтин пиэрмэтин сүөһүтүн, төһө да ыраах сырыттар, эндэтиэ диэн саараама. Н. Заболоцкай. Мин үүттээх буолуох тиҥэһэни тас көрүҥүттэн көрөн эндэппэппин. Биэс т.

арыттаах

арыттаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Улахан быыстаах, ардайдаах. Имеющий широкие промежутки; редкий
Арыттаах титирик быыһы дьигиһитэ сигэнэ-сигэнэ, хордурҕаһыылара ыраатта. Амма Аччыгыйа
[Сомсуун] хотон эргэ муостатын үрдүгэр эндэйэн турар, кылгас, арыттаах муоста оҥотторбута. «ХС»
Ити курдук бэлэмнэммит састаабы сиидэнэн эбэтэр арыттаах маарыланан сиидэлииллэр. Дьиэ к.

эндэгэр

эндэгэр (Якутский → Якутский)

аат. Туохха эмэ сыста турар хамсаабытыттан эбэтэр сиргэ сыппыт эндэйбититтэн үөскээбит аһаҕас, хайаҕас. Горизонтальная щель (напр., между упавшими друг на друга деревьями)
Коля, халҕан эндэгэринэн элэс гынан ааспыт маҥан таба тыһа этэрбэһи көрөн кэбистэ. Эрилик Эристиин
[Тоҥот бириэмэтигэр хабдьыларга хаары дьөлө хаһан утуйалларыгар ыарахан]. Онон мас эндэгэрин аннынан киирэн, хаары дьөлө хаһыахха, атын ханнык эмэ ньыманы булуохха наада. И. Федосеев

бүллүгүрээ

бүллүгүрээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт.
1. Күүскэ, ыарыылаахтык тэбиэлээ (сүрэх туһунан). Глухо, но сильно и болезненно биться (о сердце)
Сүрэҕэ бүллүгүрээн, түөһүн харбаммытынан саалаҕа киирэр аан кырыытыгар тардыллыбыт ыскамыайкаҕа олордо. И. Гоголев
Көөстөөн …… түөһүттэн уһулу ойон тахсыахтыы, сүрэҕэ бүллүгүрүү мөҕүстэ, эмискэ этэ-сиинэ кыдьыгыран, кычыгыланан кэллэ. Уустаах Избеков
Чуумпу …… ынырык чуумпу, Сүрэх бүллүгүрүүр. Этиҥ иннинээҕи чуумпу Тыынары ыгар, бүөлүүр. Баал Хабырыыс
2. Бүтэҥитик, биир тэҥник харылаа (хол., сир анныттан уу тыган тахсарын туһунан). Издавать равномерно повторяющийся, клокочущий глухой звук
Өрүс мууһа хайыта ыстанан, хаайтаран-ыгыллан турар уу өрүтэ тэбэн бүллүгүрүү түһэрэ. П. Ойуунускай
Кини түспүт сириттэн уу, ортолуу оргуйан эрэр күөс курдук, өрө бүллүгүрээтэ, уу хабахтара бачыгыраһан таҕыстылар. Т. Сметанин
[Балыктар] муҥха уу түгэҕинээҕи кырылыы сытар хаптаҕай таастартан эндэйэрин кытта, ол диэки дьулурустулар, уу биир кэм бүллүгүрүү олордо. Доҕордоһуу т. Кыараҕас сиринэн бүтэҥитик бүллүгүрүүр дьүүктэ уоскутарга, сөрүүн салгынынан тыынарга дылы. Ч. Айтматов (тылб.)
3. Түргэнник, бүтэҥитик, кыйахаммыттыы саҥар. Говорить глухо, но быстро, раздраженно.