Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрбэхтэн

туохт. Эрбэхтээх буол. Иметь большой палец
Эһэ эрбэхтэннэҕинэ, ыт сааланнын (өс хоһ.). Сиридойдуну эһиэ диэн куттанан Таҥара киниэхэ эрбэҕи биэрбэтэх. Ол, арааһа, сөп буолуо, эһэ эрбэхтэннэҕинэ алдьархайы оҥоруо этэ. Далан

эрбэх

аат. Киһи илиитин улахан тарбаҕа. Большой палец руки
Соҕотох эрбэхтээх эрээри тугу барытын кыайар баар үһү (тааб.: ытарча). Харытыан хараҕа уу-хаар баһан ылла, онтун эрбэҕин сүһүөҕүнэн ньуххаланна. Л. Попов
Эрбэҕэ наһаа ууллубута, сынньанасынньана ыы сатаабыта. М. Доҕордуурап
Иккитэ эрбэҕин эргитиэ, үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө түөлбэ. — албын, түөкүн киһини этэргэ туттуллар. соотв. обводить вокруг пальца (букв. [он] дважды проведёт вокруг большого пальца, трижды — вокруг указательного). Эрбэҕин салаата — хаарты оонньоон сүүйтэрдэ. Проиграть с треском в карты (букв. свой палец облизал)
[Ньыыхан:] Били эн бардаҕыҥ түүн эрбэхпин салаан кэбиспитим. «ХС»
Эрбэх анныгар баттыыр — эрбэххэ (тарбахха) баттыыр диэн курдук. Өлөр охтууну оҕуннахха биирдэ ыҥыртарыллыа. Эрбэҕим анныгар баттыыр кыыһым, кыаммат буоллахпына, көрүө-харайыа диэн. В. Иванов
Күрэтиилэрин элбэх куобахтаах, эрбэхтэрин анныгар баттаан сыппыт сирдэрин, тыымпы күөл тыатыттан саҕалаатылар. В. Протодьяконов
Эрбэхтэн эмп — тарбахтан эмп диэн курдук (көр тарбах). Киһи баар буоллаҕына, сылтах көстүөҕэ, эрбэхтэриттэн да эмэн таһааран, туох эмэ биричиинэни булан ыт атаҕын туттарыахтара. ТИН ДьХУуИ. Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) — сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах киһи. Бойкий, ловкий, смелый человек
Эрбэҕин үрдүгэр сэттэтэ эргийбит Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох. Эллэй
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эрэттэр диэтэҕиҥ. И. Никифоров. Эрбэх үрдүгэр эргит — киһини таптаабыккынан албыннаа, сүүй. соотв. обвести вокруг пальца
Мэҥиэни эрэ көрдөр — Мэйиилиин иирээччи, Эрбэх үрдүгэр Эргитэн баран, уопсай үптэн-астан Охсо түһэн ылааччы. Р. Баҕатаайыскай
Онтон угаайытыгар киллэрэн баран, тоҕоостоох түгэҥҥэ эйигин эрбэҕин үрдүгэр эргитиэ. «ХС». Эрбэххэ (тарбахха) баттыыр — саамай эрэллээх, эрэнэр, эрэли үөскэтэр (ким эмэ). Входящий в число самых надёжных
Өстөөх тыыннаах күүһүгэр да улахан ороскуоту оҥорбута. Онтон эрбэххэ баттыыр эр бэрдим этэ. «ХС»
Тарбах (эрбэх) сүрэҕэ көр сүрэх I
Сүөдэр Бөтүрүөбүс анньыытын кылаанын эрбэҕин сүрэҕинэн бигээн көрдө. Айталын
Сыа Тиҥилэх [киһи аата] икки харыстаах быһаҕын эрбэҕин сүрэҕинэн кылаанын бигээн көрдө. Ф. Постников
Тойон эрбэх көр тойон. «Тойон дьоно Токуой үчүгэйдэр», — диэт, Тойон эрбэҕин Чочоччу тутта. Р. Баҕатаайыскай
Уйгуурап аптамаатын чыыбыһын тойон эрбэҕинэн иннин диэки аста. В. Титов
Синцов тойон эрбэҕин кытары сөмүйэтэ хамсаабаттар. К. Симонов (тылб.). Эрбэҕи харыга тиэр- дии — оҕо оонньуута: хаҥас илии тарбахтарын харыттан тардыһыннаран, эрбэҕинэн оргууй аҕай уҥа эрбэҕи тиэрэ баттаан харыга тиэрдии. Якутская детская забава: обхватив запястье правой руки пальцами левой, большим пальцем левой руки нужно медленно прижать большой палец правой руки к внутренней стороне запястья. Оҕо сылдьан эрбэҕи харыга тиэрдии сөбүлүүр оонньуубут этэ. Эрбэх дапсыта — эрбийэ III диэн курдук. Археологтар эрбэх дапсытын булбуттар
ср. др.-тюрк. ернэк ‘палец’, тюрк. эргек ‘палец; большой палец’

Якутский → Русский

эрбэх

большой палец; эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр на кончике большого пальца семь раз обернётся (говорится о пройдохе).

Якутский → Английский

эрбэх

n. thumb, big finger; big toe


Еще переводы:

саламмахтаа

саламмахтаа (Якутский → Якутский)

салан диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Хаартыһыт] эрбэҕин саламмахтыы-саламмахтыы уҥа-хаҥас уурталаан быһан элэҥнэтэ олорор. Амма Аччыгыйа

палец

палец (Русский → Якутский)

сущ
тарбах. Большой палец - эрбэх. Указательный палец - сөмүйэ. Средний палец - ортоку тарбах. Безымянный палец - аата суох тарбах. Мизинец - ылгын-чыгыйа

бэлтэччи

бэлтэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Көннөрүтээҕэр быдан улаханнык, тэниччи. Выпукло, намного заметнее, чем обычно. Мохоо эрбэҕин сүрэҕин бистэрэн баран, кумааҕыга бэлтэччи баттатан кэбистэ. И. Оконешников

чочот

чочот (Якутский → Якутский)

чочой диэнтэн дьаһ
туһ. Мин сөбүлээбиппин биллэрэн, эрбэхпин чочотон көрдөрдүм. ИН КК
Николай эмиэ үөрбүт көрүҥнээх, сөмүйэтин чочотон көрдөрдө. ИИФ УоУоО

эрбэҕэй

эрбэҕэй (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Мөлтөх, иинэҕэс, бэһэл (мас). Малорослый, со скудными, редкими ветвями (напр., о дереве)
Куһаҕан, эрбэҕэй мастаах тыа көстөр. Н. Неустроев

кулус

кулус (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Дөбөҥнүк кыайтарыма, туруулас, дьирээлэс. Не давать быстро одолеть себя, не поддаваться, держаться стойко
Уоттаах харахтаах утары көрбөтөх, түөс күүстээх тирэхтэһэн кулуспатах, эрбэх эрчимнээх кыайан эргитиспэтэх. Н. Түгүнүүрэп

кыһарыйыс

кыһарыйыс (Якутский → Якутский)

кыһарый диэнтэн холб. туһ. Биһилэхтээх хомуска оонньуурга, тутарга аҥар кулгааҕа эрбэҕиҥ төрдүгэр, аҥара сөмүйэҥ уонна ортоку тарбаҕыҥ тыҥыраҕынан үөһээ сыҥааҕар кыһарыйсыахтаахтар. ЧАИ СБМИ
[Лопухов уонна дьахтар] сарыннарынан кыһарыйсан ааспыттара. Н. Чернышевскай (тылб.)

сыыйбахтаа

сыыйбахтаа (Якутский → Якутский)

сыый диэнтэн тиэт
көрүҥ. Нэһилиэги уһаты-туора сыыйбахтыыр. Амма Аччыгыйа
Туоскун, хараҕын симэн, хаҥас илиитин сөмүйэлээх тойон эрбэҕинэн кэҥэриитин сыыйбахтаата. Софр. Данилов
Ньарбай сэҥийэтигэр абыр-табыр үүммүт сэдэх бытыгын иинэн-хатан синньээбит тарбахтарын төбөтүнэн таҥнары сыыйбахтаата. И. Никифоров

үөҕүн

үөҕүн (Якутский → Якутский)

үөх диэнтэн бэй
туһ. «Экий я ду-рак!» — диэн кини бэйэтин үөҕүнэ санаата. Амма Аччыгыйа
«Айыа-айа... Ол иһин дэлэ буолан турбатаҕым. Талкы тииһигэр эрбэхпин ибили баттаан кэбистим. Ама Кыаһайа сытыйбыт, сааттым ини!» — диэн бэйэтин үөҕүннэ. Эрилик Эристиин

хаарыйтар

хаарыйтар (Якутский → Якутский)

хаарый диэнтэн атын
туһ. Эрбэҕин чоххо хаарыйтаран айаҕар батары биэрдэ. И. Гоголев
Элбэхпит буоллар, оҕуруот кыратык да хаһыҥҥа хаарыйтарыа суох этэ. А. Фёдоров
Киһим төһө да күллэр, бадаҕа, мин тылбар хаарыйтарда быһыылаах. Н. Габышев