и. д. от эрбээ = пиление, распилка, распиловка; мас эрбээһинэ распиловка дров.
Якутский → Русский
эрбээһин
эрбээ=
пилить, перепиливать; быһа эрбээ = перепилить, отпилить; хайа эрбээ = распилить вдоль.
Якутский → Якутский
эрбээһин
эрбээ диэнтэн хай
аата. Биһиги үлэлиир кэммитигэр суоруу, эрбээһин, устуруустааһын, үөһэ таһаарыы барыта илии күүһүнэн оҥоһуллара. БГП-Дь ТСК. [Түүлгэ] хаптаһыны эрбээһин, уһаныы — куһаҕаҥҥа буолуон сөп. БРИ ТТ
Манна мас эрбээһинигэр үлэлиир байыастартан сэрии туһунан истэн баран, уон түөртээх уоллара сүтэн хаалбыт. К. Симонов (тылб.)
эрбээ
туохт.
1. Тугу эмэ эрбиинэн туора быс. ☉ Пилить, распиливать что-л. Тиит охтон барчаланара, сүгэ тыаһа табыгырыыра, мас эрбээн сырылаталлара …… иһилиннэ. М. Доҕордуурап
Бэл, тоҕус уоннаах кырдьаҕас, Көрбөт да буоллар, Уончалаах сиэнэ уоллуун Мас эрбии тураллар. Эллэй
Оскуола оҕолоро кыһыҥҥы кыстык маһы бэйэбит эрбиирбит. Хомус Уйбаан
2. көсп., кэпс. Кими эмэ арахсыбакка аал, саҥар, сэмэлээ. ☉ Беспрерывно упрекать, попрекать, распекать кого-л., пилить
Киэһэ аайы ийэлээх аҕам миигин тылларынан эрбээн тахсаллар. А. Фёдоров
[Дьоптуруоппуй:] Кэргэним тура-тура миигин эрбээ да эрбээ: үлэлээ диир, арыгылаама, күүлэйдээмэ диир. Р. Кулаковскай
Эбэбин балта сылайбат-элэйбэт тылынан эрбээбитэ. М. Горькай (тылб.)
Еще переводы: