довольно рано, рановато || довольно ранний.
Якутский → Русский
эрдэтиҥи
эрдэ
рано; эрдэ тур = вставать рано; сарсын эрдэ а) завтра рано (напр. встанем, начнём работать и т. п.); б) завтра (ещё) рано (но послезавтра может быть поздно); эрдэтинэ пока не поздно; эрдэттэн заранее; эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор погов. рано вставшая птичка клюв протирает # эрдэттэн эттэххэ модальное словосочет. заранее скажем; дьэ , эрдэттэн эттэххэ , араас дьоннор бааллар ну, заранее скажем, есть разные люди.
эрдэ-сылла
заблаговременно, заранее.
Якутский → Якутский
эрдэтиҥи
сыһ. Эрдэ соҕус. ☉ Довольно рано, рановато. Саҕаланыан өссө да эрдэтиҥи
эрдэ
сыһ.
1. Хойут буолбакка, күн саҕаланыытыгар (хол., сарсыарда). ☉ В начале дня, рано утром
Маҥнай таһырдьа тахсалларыгар олус тымныы, хараҥа, эрдэ этэ. Амма Аччыгыйа
Сарсыарда эрдэ туран, үлэлэрин сып-сап курдук бүтэрдилэр. В. Яковлев
Дьөгүөрдээх Луха эрдэ киирэн үлэ бөҕөнү оҥорбуттар этэ. М. Доҕордуурап
△ Наһаа киэһэрэ илигинэ, хойутаабакка. ☉ Не поздним вечером, не поздно, пораньше
Үс түүннээх күн ыһыллыбыт ыһыах бүтүөн иннинэ Бииктэр эрдэ дьиэлээбитэ. Л. Попов
[Өрүүнэ:] Торбоскун эрдэ тутан үчүгэйдик баайар буол эбээт. С. Ефремов
Маннык үрдүк хайалаах дойдуга күн бу курдук эрдэ киирээччи. Г. Колесов
2. Кэмэ кэлэ илик. ☉ Ещё не время, рановато
[Нүһэр Дархан:] Илбис иҥэриэххэ, дуулаҕа кэтэрдиэххэ эрдэ буоллаҕа дии. И. Гоголев
Көмүс күөмэй күөрэгэй, Кээлтиҥ тугун эрдэтэй! С. Данилов
Дьиҥинэн, сири дууһа быһыытынан түҥэттиэхтээх этибит, ол билигин эрдэ буоллаҕа дии. М. Доҕордуурап
△ Кэмин иннинэ, кэмиттэн урутаан. ☉ Раньше срока, раньше времени
[Ааныка:] Былыр кыыс оҕону эрдэ сыыттыыр этилэр. С. Ефремов
Сылаас кыһын буоларыгар тиит эрдэ көмнөҕүрэр. И. Сосин
Эрдэ суоттаан бүтэрбит киһиэхэ — кэмпиэт диэн буолара. УДь
ср. др.-тюрк. ертэ ‘рано утром’, тюрк. эрте ‘рано’, бур. арай эртэ ‘рановато’
эрдэ-сылла
сыһ. Туох эмэ буолуон иннинэ; эрдэттэн, эрдэтинэ. ☉ Заблаговременно, заранее; пока не поздно
Онон хаһан, тугу гынары эрдэ-сылла болдьоһон кэбиһиэҕиҥ. С. Никифоров
Бастыыр [киһи аата] син сүгүн үлэлэтиэ суоҕа, эрдэ-сылла ханна эмэ барарыҥ буоллар. В. Гаврильева
Эмээхсин оҕонньоро кыыһырарын билэрэ бэрт буолан, эрдэ-сылла ньим барааччы. В. Титов
Якутский → Английский
эрдэ
adv. early
Еще переводы: