Якутские буквы:

Якутский → Русский

эрдэҕэс

  1. довольно большой, подросший; эрдэҕэс оҕо подросток; 2. самка глухаря.

Якутский → Якутский

эрдэҕэс

I
аат. Улар тыһыта. Самка глухаря, глухарка
Ити эрдэҕэс саҥата, арааһа, оҕолоруттан көҥүүр быһыылаах. Н. Заболоцкай
Курупааскы, бочугурас, эрдэҕэс туһаҕа эмиэ кылтан хатыллар. Хомус Уйбаан
Эрдэҕэс, курупааскы үстүү буолуохтарын сөп, өрөҕө түүтүн таһаарыннахтарына, ураты өҥнөнөллөр. ПНИ ЭД
Эрдэҕэс куртуйах түөлбэ. — токутар тыһыта. Самка тетерева, тетёрка. Нуур кырдьаҕас эмискэ кыыһыран бурҕалла түстэ: «Хайа акаары эрдэҕэс куртуйаҕы ытар үһүнүй!» Л. Попов
Эрдэҕэс куртуйах моонньун хамсаппахтаан, тула көрбөхтөөтө. Ф. Захаров
Эрдэҕэс улар — эрдэҕэс I диэн курдук. Сугун абаҕатын быыһыттан эрдэҕэс улар төбөтө быкта. И. Гоголев
Биир киһи сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. Л. Попов
Иннибитигэр эрдэҕэс улар оҕолорун батыһыннаран, суолу быһа туораабыта. ЕФП ОКА
ср. эвенк. иртинни ‘самка глухаря’
II
даҕ., түөлбэ. Обургу. Немелкий, довольно крупный. Суоттуттан Бэйдиҥэҕэ эрдэҕэс тиит мастардаах тыа быыһынан айаннатан истибит. Биэс т.
Эрдэҕэс көһүйэ көр көһүйэ
Эрдэҕэс көһүйэ саҕа Уот кэлэн Сэттэ төгүл Эриллэ түстэ эбээт. Күннүк Уурастыырап. Эрдэҕэс күөс эргэр. — орто кээмэйдээх күөс иһитэ (уон муунта курдук убаҕас аһылыкка сөптөөх). Горшок средней величины, вмещающий около десяти фунтов жидкой пищи
Таас хайалара Эрдэҕэс күөс саҕа Эмтэритэ ыстанан, Элэйтэлээн синньээтэ. Д. Говоров
[Кулун Куллустуур] эрдэҕэс күөс саҕа тимир чомпо сүллүгэстээх. ПЭК ОНЛЯ III
Эрдэҕэс оҕо көр оҕо. Эрдэҕэс оҕолор бэйэлэрин олохторун, дьайыыларын уопсастыбаны кытта сибээстии үөрэниэхтэрин наада. ЧКС ОИиСТ
Уон икки-уон алта саастаах эрдэҕэс оҕолор куһаҕан кэмэлдьилэрэ олус тэтимнээхтик сайдарын бэлиэтииллэр. «ЭК»


Еще переводы:

отрочество

отрочество (Русский → Якутский)

с. эрдэҕэс оҕо саас.

отроческий

отроческий (Русский → Якутский)

прил. эрдэҕэс оҕо саҕанааҕы, эрдэҕэс оҕо; отроческие годы эрдэҕэс оҕо саҕанааҕы саас.

отрок

отрок (Русский → Якутский)

м. уст. эрдэҕэс оҕо (улаатан эрэр уол обо).

куртуйах

куртуйах (Якутский → Русский)

тетерев || тетеревиный; эрдэҕэс куртуйах тетёрка; хара куртуйах тетерев-косач.

подросток

подросток (Русский → Якутский)

м. улааппыт оҕо, эрдэҕэс оҕо (уон иккититтэн уон алтатыгар диэри саастаах).

улар

улар (Якутский → Русский)

глухарь || глухариный; хара улар каменный глухарь; чакыр улар глухарь обыкновенный; эрдэҕэс улар глухарка # улар мэйии бестолковый, дурак.

бытарааҥкы

бытарааҥкы (Якутский → Якутский)

аат., сэнээн. Улааппыт оҕо, эрдэҕэс оҕо. Сопляк, молокосос
Ээ, аны маннык бытарааҥкылар борбуйдууллара хаалбыт дии, сүүрдүмэ! Эйигинэн оҕо бараммыт үһү дуо? Д. Таас

тииҥчээн

тииҥчээн (Якутский → Якутский)

тииҥ диэнтэн атаах.-аччат. Ким аймыа этэй мин сүдү чуумпубун? Тииттэргэ чэрэҥниир тииҥчээн дуо? М. Ефимов
Эриэхэһит тииҥчээннэр, чычып-чааптар, эрдэҕэс улардар, кукаакылар күлсэн быардара суохтар. Эрчимэн

бурҕаҥнат

бурҕаҥнат (Якутский → Якутский)

бурҕаҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Пушка снарядтара үрүҥнэр окуопаларын табыталаан бурҕаҥнаталлар. Амма Аччыгыйа
Биир киһи сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. Л. Попов
Айан киһитэ дьиибэ суолу көрөр. Дьон дьиэ иһиттэн буруолаах хааһахтары таһаараннар бурҕаҥнаталлар. Саха ост. I

эриэхэлээ

эриэхэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Эриэхэтэ хомуй, итигэстээн сиэ. Собирать орехи, шишки
Бултаабыт ойуура, эриэхэлээбит мастара, сайыҥҥы самаан салгын! С. Окоёмов
Оҕолордуун эриэхэлиир Ойуурдарбын ахтабын. В. Тарабукин
Эриэхэлээн сии олорор Эрдэҕэс улар кыылым Эрбийэтин түүтүн курдук Эбир дьаҕыл былыт Иэнигийэ тэнийэн таҕыста. П. Ядрихинскай