Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрт

туохт.
1. Тыыга, оҥочоҕо олорон эрэн эрдиинэн ууну эрчимнээхтик хаһыйан айаннаа, уһун. Грести (на лодке, ветке, плоту). Сүүрүгү утары эрт
«Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий?» — диэн Бурхалей мээнэ, ньүдьү-балай кыһарыйыыга ынчыктыы-ынчыктыы хардарда. Эрилик Эристиин
Эрдии эрдэн сылайа оҕустубут. Н. Габышев
Хаһан эмэ балыксыт Эн кураанах хонноххор Эмэх буолбут мас тыытын Эрдэн кэлэн хоноро. П. Тулааһынап
Көлүөһэ ууну хаһыйар күүһүнэн айаннаа (урукку көлүөһэлээх борохуоту этэргэ). Передвигаться с помощью колёс (о старых пароходах)
Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит, Борохуот эр бэрдэ, Эрчимник эрдэр. Эллэй
2. көсп. Солуута суоҕу, туох түбэһиэҕи мээнэ саҥар. Болтать наобум, что взбредёт на ум
Талбыппынан аттаран, Таалбын-быарбын тарбанан, Түлэс-балас эрдэммин, Түҥ-таҥ түһэн биэрдим мин. Күннүк Уурастыырап
«Туох буоллуҥ? Тоҕо ити курдук саҥараҕыный?» — Уйбаанча оҕонньор, кырдьык, түөс-маас эрдэн барбытыттан ыйыппыта. Н. Якутскай
Суол уһунун билимээри, күн эгэлгэтин барытын эрдэн кэпсэтэбит. П. Аввакумов
Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт — тиэрэни эрт диэн курдук (көр тиэрэ)
(Киэҥ) халлааны туойар (тыллаһар, эрдэр) көр халлаан. Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт кэп-кээҕинэс куолаһынан Киристиэстэн саҕалаан киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап
Түөрт уоннаах диэн миигин ким этэр? Төрүт да халлааны эрдэллэр! Оччо сыл тухары, ааҕыстар, Олоро иликпин, атастар. С. Руфов
ср. др.-тюрк. еш ‘грести, разгребать’

Якутский → Русский

эрт=

грести (веслом); сүүрүк хоту эрт = грести по течению.

Якутский → Английский

эрт=

v. to row


Еще переводы:

эрдис=

эрдис= (Якутский → Русский)

совм. от эрт =.

эртэр=

эртэр= (Якутский → Русский)

побуд. от эрт =.

бүллүргэт

бүллүргэт (Якутский → Якутский)

бүллүргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Эрдэн бүллүргэтэр

эрдинии

эрдинии (Якутский → Якутский)

эрдин диэнтэн хай. аата. Өрө эрдинии

эйэргэспэхтээ

эйэргэспэхтээ (Якутский → Якутский)

эйэргэс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ Эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, Оҕотук соҕус эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй

эрдээччи

эрдээччи (Якутский → Русский)

и. д. л. от эрт = тот, кто гребёт,

эрдимэхтээ=

эрдимэхтээ= (Якутский → Русский)

ускор. от эрт =; тыал күүһүрэр , эрдимэхтээ ветер крепчает, греби быстрее.

биэбэйик

биэбэйик (Якутский → Якутский)

көр биэбэкэ. Утуй даа, биэбэйигим, сарсын эрдэ туруохтааххын

лээһэрис гын

лээһэрис гын (Якутский → Якутский)

лээһэрий диэнтэн көстө түһүү. Киһим сарсыарда эрдэ лээһэрис гына түстэ

оонньоомохтоо

оонньоомохтоо (Якутский → Якутский)

оонньоо диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, оҕотук соҕус эрдэххэ оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕо-оҕо эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ, Эдэр сэнэх эрдэххэ Этэн-тыынан биэриэҕиҥ. А. Софронов