Якутские буквы:

Якутский → Русский

эрт=

грести (веслом); сүүрүк хоту эрт = грести по течению.

Якутский → Английский

эрт=

v. to row

Якутский → Якутский

эрт

туохт.
1. Тыыга, оҥочоҕо олорон эрэн эрдиинэн ууну эрчимнээхтик хаһыйан айаннаа, уһун. ☉ Грести (на лодке, ветке, плоту). Сүүрүгү утары эрт
□ «Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий?» — диэн Бурхалей мээнэ, ньүдьү-балай кыһарыйыыга ынчыктыы-ынчыктыы хардарда. Эрилик Эристиин
Эрдии эрдэн сылайа оҕустубут. Н. Габышев
Хаһан эмэ балыксыт Эн кураанах хонноххор Эмэх буолбут мас тыытын Эрдэн кэлэн хоноро. П. Тулааһынап
△ Көлүөһэ ууну хаһыйар күүһүнэн айаннаа (урукку көлүөһэлээх борохуоту этэргэ). ☉ Передвигаться с помощью колёс (о старых пароходах)
Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит, Борохуот эр бэрдэ, Эрчимник эрдэр. Эллэй
2. көсп. Солуута суоҕу, туох түбэһиэҕи мээнэ саҥар. ☉ Болтать наобум, что взбредёт на ум
Талбыппынан аттаран, Таалбын-быарбын тарбанан, Түлэс-балас эрдэммин, Түҥ-таҥ түһэн биэрдим мин. Күннүк Уурастыырап
«Туох буоллуҥ? Тоҕо ити курдук саҥараҕыный?» — Уйбаанча оҕонньор, кырдьык, түөс-маас эрдэн барбытыттан ыйыппыта. Н. Якутскай
Суол уһунун билимээри, күн эгэлгэтин барытын эрдэн кэпсэтэбит. П. Аввакумов
♦ Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт — тиэрэни эрт диэн курдук (көр тиэрэ)
(Киэҥ) халлааны туойар (тыллаһар, эрдэр) көр халлаан. Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт кэп-кээҕинэс куолаһынан Киристиэстэн саҕалаан киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап
Түөрт уоннаах диэн миигин ким этэр? Төрүт да халлааны эрдэллэр! Оччо сыл тухары, ааҕыстар, Олоро иликпин, атастар. С. Руфов
ср. др.-тюрк. еш ‘грести, разгребать’


Еще переводы:

эрдис=

эрдис= (Якутский → Русский)

совм. от эрт =.

эртэр=

эртэр= (Якутский → Русский)

побуд. от эрт =.

бүллүргэт

бүллүргэт (Якутский → Якутский)

бүллүргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Эрдэн бүллүргэтэр

эрдинии

эрдинии (Якутский → Якутский)

эрдин диэнтэн хай. аата. Өрө эрдинии

эйэргэспэхтээ

эйэргэспэхтээ (Якутский → Якутский)

эйэргэс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ Эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, Оҕотук соҕус эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй

эрдээччи

эрдээччи (Якутский → Русский)

и. д. л. от эрт = тот, кто гребёт,

эрдимэхтээ=

эрдимэхтээ= (Якутский → Русский)

ускор. от эрт =; тыал күүһүрэр , эрдимэхтээ ветер крепчает, греби быстрее.

биэбэйик

биэбэйик (Якутский → Якутский)

көр биэбэкэ. Утуй даа, биэбэйигим, сарсын эрдэ туруохтааххын

лээһэрис гын

лээһэрис гын (Якутский → Якутский)

лээһэрий диэнтэн көстө түһүү. Киһим сарсыарда эрдэ лээһэрис гына түстэ

оонньоомохтоо

оонньоомохтоо (Якутский → Якутский)

оонньоо диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, оҕотук соҕус эрдэххэ оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕо-оҕо эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ, Эдэр сэнэх эрдэххэ Этэн-тыынан биэриэҕиҥ. А. Софронов