Якутские буквы:

Якутский → Русский

эрчимир=

набираться силы; илиитэ эрчи-мирбит у него появилась сила в руках.

Якутский → Якутский

эрчимир

туохт.
1. Улам күүһүрэн-уоҕуран, ордук тэтимнээх буолан ис (хол., санаа көтөҕүллүүтүттэн, үөрүүттэн). ☉ Стать более энергичным, решительным (о ком-л.)
Кини [Тогойкин] хамнанара өссө ордук имигэстийдэ, хаамара эрчимирдэ. Амма Аччыгыйа
2. Ордук күүһүрэн, силлиэрэн ис. ☉ Усиливаться, нарастать (напр., о звуке природных явлений)
Тыа баһа суугунаан, тыал сирилэс тыаһа улам эрчимирэн истэ. Н. Лугинов
Аппыт хонук сиригэр чугаһаан, туйахтарын тыаһа эрчимирэн биир кэм хобургуур. С. Маисов


Еще переводы:

эрчимирии

эрчимирии (Якутский → Русский)

и. д. от эрчимир=.

эрчимирт

эрчимирт (Якутский → Якутский)

эрчимир диэнтэн дьаһ
туһ. Талааннаах оҕолору эрдэттэн бэлиэтии көрөн, ыытыллар күрэхтэһиилэргэ кытыннаран, сайыннарар, эрчимирдэр дьоннор — кинилэр (учууталлар). ВВ ТТ

имигэстий

имигэстий (Якутский → Якутский)

туохт. Сымсатый; хамсанарыҥ-имсэнэриҥ өссө тубус, кэрэтий. ☉ Становиться гибче, изящнее, пластичнее
Кини хамнанара өссө ордук имигэстийдэ, хаамара эрчимирдэ. Амма Аччыгыйа

куоһарыы

куоһарыы (Якутский → Якутский)

куоһар диэнтэн хай
аата. Ийэ дойдубут эйэ иһин инники хардыытын эрчимирдэр Куоһарыылаах үлэҕэ Холбостум, доҕоттоор! Н. Степанов

дохсуннур

дохсуннур (Якутский → Якутский)

туохт. Олус күүһүр, эрчимир. ☉ Усиливаться, становиться сильным
Үрэх сылга биирдэ эрэ, сааскы халаан саҕана дохсуннурар. Агидель к. Ардах улам дохсуннуран тобураҕынан курулаччы кутар. «ХС»
Долгуннар дохсуннура эппэҥнэһэллэр. Б. Лунин (тылб.)

дэгдэт

дэгдэт (Якутский → Якутский)

дэгдэй диэнтэн дьаһ
туһ. Кытаҕас курдук кытаанах илии уолчааны аны көтөҕөн ылан үөһэ дэгдэтэн таһаара-таһаара муостаҕа туруорда. И. Никифоров
Вертолет Молтойдоох Моойтуругу өрө дэгдэтэн таһаарбыта. И. Федосеев
[Эстрада] дьону дэгдэтэр, эрчимирдэр, үөрдэр-көтүтэр, кырдьык да, сэргэх жанр. «Кыым»

киэркэй

киэркэй (Якутский → Якутский)

көр киэргэй
Күн киэһэриитэ ордук киэркэйэр биһиги сайылыкпыт. Далан
Ыһыах ыһар сир киэркэйбитэ, тупсубута сүрдээх. Н. Заболоцкай
Кини [Ойуунускай] уҥуохтуун үрдээн, Дьүһүннүүн киэркэйэн, улам Эрчимирэн, сытыырхайан истэ. ПАО ЫА

тэтин

тэтин (Якутский → Якутский)

туохт. Ордук эрчимир, тэбиэһир. ☉ Раззадориться, распалиться
Көтөҕүллэн, сүрдүк тэттэн үҥкүүлээбитим. Р. Баҕатыыйскай. Ньукуукка олус үөрэн-көтөн, тэттэн, быыстала суох кэпсээн эйээрэр. Н. Босиков
Бэйэтиттэн бэйэтэ тэттэн күлэн, хараҕын быһа симэн кэбистэ. М. Доҕордуурап

тэтиэнэхсий

тэтиэнэхсий (Якутский → Якутский)

туохт. Уруккугунааҕар ордук сэниэлэн, эрчимир. ☉ Стать более сильным, энергичным, окрепнуть
[Оҕонньор] ыраас салгынынан тыынан балачча тэтиэнэхсийдэ. И. Данилов
Кыстаанык уруккутунааҕар өссө кырдьыбыт курдук гынан баран, туттара-хаптара хата ордук тэтиэнэхсийбэккэ дылы буолбут. Н. Павлов

чөрөҥнөс

чөрөҥнөс (Якутский → Якутский)

чөрөҥнөө диэнтэн холб. туһ. Көлүүр аттара көҥүл баран, эт тутан эрчимирэн, …… быа түспэтэҕинии быыраттыах курдук өндөҥнөһө чөрөҥнөстүлэр. ПИС СТС
[Куобах] муус маҥан. Мос курдук. Чэп-чэрэҥнэс, чөп-чөрөҥнөс. «ХС»
Биэлэр сиргэнэн таныылара тардырҕас, кулгаахтара чөрөҥнөс. Я. Козак (тылб.)