Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эрэлий

көр эрилий
Сүҥкэн өрүс нэлэһийэ устар. Эрэһэ долгуна эрэлийэр. Таллан Бүрэ
Эрэһэлээх долгуннаах, Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм. Н. Степанов
[Омуоча — Манчаарыга:] Арааһа, хоргус киһи буолбатах быһыылааххын. Эрэлийэн хотой курдук эбиккин ээ! И. Гоголев

эрэл

аат.
1. Туох эмэ туоларыгар, баар буоларыгар итэҕэйии. Надежда, вера во что-л. Норуот бэйэтин саныыр санаатын, эрэнэр эрэлин биэрэр. Суорун Омоллоон
Эр киһини эрэл кынаттыыр. Н. Лугинов
Ааҕабын эһиги хараххытыгар эрэл сырдык уоттарын. Т. Сметанин
2. Киһи инникитигэр туохха ордук итэҕэйэрэ, тугу кэскил оҥосто саныыра. То, на что уповает человек в будущем. Оҕо …… киһи дьоло, эрэлэ
Кыыс оҕо — биһиги олохпут киэргэлэ, Ыллыыр ырыабыт, сүрэхпит ыраас эрэлэ. Суорун Омоллоон
Миигин «доҕор» диэтилэр, Омуннаахтык куустулар — Ол үлэһит французтар, Эрэл дьиҥнээх доҕордор. С. Данилов
Ким эрэл доҕордоох — ол дьоллоох! П. Тобуруокап
Эрэл кыыма (уота) — туох эрэ үтүө түмүктээх буоларыгар кыра итэҕэл күөдьүйэрэ, кылам гыныыта. Искра надежды
Эн буор муосталаах балаҕаҥҥа Үктэнэ түстэргин эрэ — Дьайҕарар курдуга хараҥа, Эрэл кыыма күөдьүйэрэ. Эллэй
Ким хараҕар эрэл уота хат кыламнаан ааһар. Н. Заболоцкай
Бастаан сыттаҕына кыра эрэл кыыма баара: баҕар туруом, баҕар ыарыым сыһыйыа диэн. Н. Габышев
ср. хак. изес ‘надежда’

эрэл-итэҕэл

аат. Туохха эрэ саарбаҕа суох итэҕэйии, халбаҥнаабат эрэл баар буолуута. Незыблемая вера, твёрдая уверенность в чём-л., надежда на что-л. [Марина:] Ама эн тылгыттан туоруом дуо? Эн тугу эрэнэҕинитэҕэйэҕин да, ол барыта миэхэ эмиэ эрэлим-итэҕэлим буолуоҕа. А. Пушкин (тылб.)

эрэл-тэтим

даҕ. Күүстээх, эрчимнээх. Сильный, энергичный (о походке)
Ыйдаҥалаах, Волгатааҕы оччугуй хонуу иһэ уларыйда эмискэ: Эрэл-тэтим хардыылаах Эрэт дьоннор сүттүлэр. Н. Некрасов (тылб.)

эрэлий-дьэрэлий

дьүһ. туохт. Дьэрэлийэ оонньуур, дьэрэлийэр. Виться, сверкать, блистать
Эрэлийэрдьэрэлийэр долгуннар Ирибинии-дьирибинии сырсаллар, Кылыгыраан-кылыгыраан тахсаннар, Кытылга кыыгыныы ыллыыллар. Л. Попов

Якутский → Русский

эрэл

надежда; эрэлбин сүтэрбэппин я не теряю надежды.

эрэлий=

образн. быть, казаться очень ясными и круглыми (обычно о глазах).

Якутский → Английский

эрэл

a. reliable, safe, trustworthy


Еще переводы:

эрилии=

эрилии= (Якутский → Русский)

см. эрэлий =.

эрэлиҥнээ=

эрэлиҥнээ= (Якутский → Русский)

равн.-кратн. от эрэлий=.

иҥнэрилин

иҥнэрилин (Якутский → Якутский)

иҥнэр диэнтэн атын
туһ. Эрэлийэр долгуннардаах Эҥкэһийэр дириҥ муора Иҥнэриллибит иһит курдук, Чурумчуку иһигэр Чупчуруллан киирдэ. Эллэй
Итии хааны эмсэхтэммит Илбис бииһэ иҥнэриллэн, Күр таас ииҥҥэ көмүлүннэ. Эллэй

саймааһыннаах

саймааһыннаах (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Аймааһыннаах, аймалҕаннаах. Причиняющий кому-л. беспокойство, вселяющий тревогу, беспокойный, тревожный
Буокай иннинэн, налыы сыыр аннынан дьэрэлийэ-эрэлийэ дьалыстанан ааһар сүүрүк эмиэ саймааһыннаах санаалаахха дылы. С. Федотов

ирибинээ-дьирибинээ

ирибинээ-дьирибинээ (Якутский → Якутский)

туохт. Чараастык күлүмүрдүү, долгуннура, илибирии хамнаа. Рябить, мелькать, переливаться; мелко дрожать, биться
Эрэлийэр-дьэрэлийэр долгуннар ирибинии-дьирибинии сырсаллар, Кылыгыраанкылыбыраан тахсаннар, Кытылга кыыгыныы ыллыыллар. Л. Попов
Онтон күөл килэҥэ кытара кыыспыта, ирибинээн-дьирибинээн барбыта. Л. Попов

дьэбиннир

дьэбиннир (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Дьэбиҥҥэ ыллар, дьэбиҥҥэ сиэт. Ржаветь, заржаветь, покрываться ржавчиной
Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр (өс хоһ.). Манчаары батыйата билиҥҥэ диэри Элиэнэ эбэ эрэлийэр чүөмпэтигэр Дьэбиннирэр диэни билбэккэ Дьэрэлийэ оонньуу сытар үһү. И. Гоголев
2. көсп. Бастакы ыраас, кэрэ көрүҥҥүн сүтэр, дьиэктэн, омсолоох, мөлтөх өрүттэн; кыыкынаа, кэһиэҕир (хол., өр кэмҥэ саҥарбакка, ыллаабакка). Лишаться первозданной красоты, чистоты, свежести, здоровья, приобрести какие-л. изъяны (напр., хрипоту, сипение), отрицательные черты
Мин сүрэҕим түүнүгүрбэт, сытыйбат, дьэбиннирбэт, киртийбэт оҥоһуулаах. И. Гоголев. Хомус хоһуйар аналлаах: Хоһуйбатаҕына - дьэбиннирэр. С. Данилов
Өрөөбүт уоһум өһүлүннэ, Дьэбиннирбит күөмэйим дьэҥкэрдэ. С. Васильев
3. көсп. Дьэбин курдугунан, өһүөннээхтик, кырыктаахтык көр, өһөҕүр. Смотреть жестким, злым, враждебным взглядом; темнеть (от злости, гнева и т. д.)
Маппый оҕонньор Дьэбиннирэ өһөҕүрбүт харахтара өһөгөйдөөх өс-саас уотунан кыыспыттар. Софр. Данилов

надежда

надежда (Русский → Якутский)

сущ.
эрэл

эрэһэлээх

эрэһэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьиримнэс күүгэннээх эрэһэ долгуннаах. Покрытый рябью; пенистый (о волнах)
Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
Эрэһэлээх долгуннаах Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм Эҕэрдэлээх кытылыгар …… Уруй-туску олбохтоох Ороссолуода хочото Олохсуйан олорор. Н. Степанов
2. көсп., фольк. Аймалҕаннаах, сүпсүктээх (илин халлаан). Беспокойный, тревожный (о восточном небе — в олонхо)
Эрэһэлээх илин халлааннарын Эҥийэлээх иитин аннынан Эрийэ баттаан көрдөххө …… Улуу удаҕан дьахталларым Илгистэ-эккирии туралларын курдук [тыалардаах эбит]. П. Ойуунускай
3. Бөҕө миилэлээх, бөҕө (тиис). Крепкие (о зубах)
Эрэһэлээх тииһим эргэрэн эмтэрийбитин Эмээхсин буолан баран Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ Этэр тылыҥ тиийбэтинэн Эгэлгэ-эриэккэс эбит. А. Софронов. Уол оҕо барахсан …… Эрэһэлээх тииһэ Эмтэрийбитин иһин, Киэһэ хонорун кэмнэнэр, Сарсын турарын сананар. Саха нор. ыр. II
4. Илбистээх, абылаҥнаах (тыл). Проникновенный, внушительный (о слове)
Дьэ, мин киһи эрэһэлээх тылым иччитин Икки тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут кэй чуор кулгааххытынан истэ сэҥээрдиҥитиий. А-ИМН ОЫЭБЫ
5. Чуор, сэргэх (кулгаах). Чуткий (об ушах)
Этэр тылбын Эрэһэлээх кулгааххынан Истэн тур эрэ! Д. Говоров
6. Туруору көрөр, сытыы (харах). Прямой, острый, проницательный (о взгляде)
[Квагантирадзе] Мунна өссө кырыыламмыта, чыпчылыйбат эрэһэлээх хараҕа төгүрүйэн кэҥээн кэлбитэ. «Кыым»
Икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах — олус киэҥ төгүрүк сырдык харахтаах. С большими круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами.

эрэдэһин

эрэдэһин (Якутский → Якутский)

  1. аат.
  2. Сурааһыны эрийэ тардан оҥоһуллубут киэргэл, ойуу. Орнамент в виде закрученной линии
    [Огдоо] эриэккэс эрэдэһин оһуордаах ойуулаах толору арыылаах кымыстаах улахан чороону икки илиитинэн тутан Чөрөкөйгө биэрдэ. «Чолбон»
    Дьабака ортотун эрэдэһин ойуунан биэрбиттэр. Бу эр киһи уонна дьахтар куттарын көрдөрөр. Б. Павлов
    Кини синиэлин кыһыл көмүс эрэдэһиннэринэн саба тигиллибит үрдүк саҕатын, тыынарын мэһэйдэппит курдук, илиитинэн көннөрүнэн баран, санаатын ситэри эттэ. Н. Островскай (тылб.)
  3. Саа уоһун иһинээҕи быһыыта. Нарезка ружья
    Карабин өр туһаннахха ис эрэдэһинэ кэһиллэр, оччоҕо буулдьата көҥдөйдүү барар. В. Миронов
  4. Эриллибит, эриллэн хаалбыт (хол., быа). Кручёная бечёвка, нитка. Сап эрэдэһинэ
    Хатыллыбыт сабы күүскэ чиккэччи тардыллар: сап эрэдэһинэ ыпсыахтаах
    Оннук сап бөҕө буолар. Хомус Уйбаан
  5. көсп. Олох ыар мускуурдара. Жизненные трудности, невзгоды, неудача
    Эргитэ санаан кэлэбин Эрэдэһин эриэн эгэлгэтин …… Сайын холоруктар сөрүүллэр, Кыһын силлиэлэр бөрүүллэр. П. Тобуруокап
    Онно буһуу-хатыы оскуолатын барбыт эрэ ыччат олох уустук эрэдэһинигэр туруулаһар аналлаах. «Кыым»
  6. даҕ. суолт. Эриллэн аһыллар (күлүүс, күлүүс тыла). Открывающийся, закрывающийся поворотом ключа (о замке)
    Аан эрэдэһин күлүүстээҕин көрөн, балыыһаҕа чоочугураан тиийбиттэрэ. П. Аввакумов
    Эбэм эрэдэһин тылынан аһыллар күлүүстээх дьааһыгын түгэҕиттэн үрүҥ саппыйааны таһааран тыҥырах саҕаны биэрэрин эмэн сиир, эчи, минньигэһин, эриэхсит. «Чолбон»
    Хотуур эрэдэһинэ — хотуур тууратын укка хам тутар биһилэхтэрэ — олору түөрт муннуктуу оҥоһуулаах анал күлүүһүнэн эрийэн кытаатыннараллар. Кольца для прикрепления косы к рукоятке с помощью специального ключа. Эрэдэһин быа — тирии быаны эрийэн баран ууннары тардан хатарыллыбыта. Кручёная бечёвка. Эрэдэһин дол- гун — улахана суох дьиримнэс долгун. Небольшая волна, рябь
    Таас хайа дьаҥнаах, Эрэдэһин долгуннардаах Эрэлийэр бааллардаах Элиэнэлиир эбэбит Эҥсилгэннээх биэрэгэр …… Баһаам улахан Бастыҥ затон баар эбит. Н. Степанов
    Муора тунаархай ньуурун устун кыра эрэдэһин долгуннар таас быыстаах кумах эҥээргэ тиксэн, сур гына-гына күүгэннирэ усталлар. СҮК
    ср. тув. ээрил, алт. эрэҕин, калм. эрэсн ‘винт’
надежда

надежда (Русский → Якутский)

ж. эрэл, эрэмньи.