эһин диэнтэн атаах. Биир эмэ дьиэ таһыгар тахсыбыт чалбахха тапталлан (эрдэтээҥҥи кус) эстээхтиир буоллаҕа. Далан
Куттала суох миэстэ суоҕун өйдөөбүттэрэ буолуо биитэр сэниэлэрэ эстээхтээбитэ дуу? С. Курилов (тылб.)
Якутский → Якутский
эстээхтээ
Еще переводы:
эргэлиир (Якутский → Якутский)
поэз., көр эргэ I
Эргэлиир эстээхтиир үйэттэн Этиҥнээх былыттар элиэтээн, Туналҕан дьулусхан халлааммар Тумарык туманнар көттүлэр. П. Ойуунускай
Эргэлиир олохтон эчэйбит норуотум Эмтэнэнтомтонон иһээхтиир эбит. Эллэй
сэрэхтээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Кутталы үөскэтэр, кутталлаах. ☉ Опасный
Бүгүн улахан тыал буолаары гыммыт быһыылаах, илин таастан ылыыһык, барар да буоллахха, бэрт сэрэхтээх айан буолсу. А. Софронов
Сэксэҕэ кыстаабыт эһэ сэрэхтээх диэччилэр, сэбилэппэккэ эрэ эрдэ уһуктан баттаталаан кэбиһэр эрэ, хайыыр. Болот Боотур
Буурҕа сэрэхтээх, мунан хаалаайаҕыный. Н. Тарабукин (тылб.)
2. көр сэрэх II
2
Үөрэҕэ суох саха уоһа өһүллэн кэпсээнэ киирдэр эрэ, кинини туох даҕаны тохтоппот, бии мааҕы бэйэлээх сэмэй, чиҥ, сэрэхтээх, ньуолбар бэйэтэ, ис сүрэҕин биирдэ тэбиир үгэстээх. Амма Аччыгыйа
[Көҕөн] биир эмэ дьиэ таһыгар тахсыбыт чалбахха табыллан эстээхтиир буоллаҕа, итинник сэрэхтээх көтөргө, дьэ, дьиибэ. Далан
Кини былыр-былыргыттан сэрэхтээх этэ, ханна үктэнэр сирин эрдэтинэ көрбөккө эрэ хардыылаабат үгэстээҕэ. А. Бэрияк
тапталын (Якутский → Якутский)
- таптай диэнтэн атын. туһ. Микиитэ ыаҕайаны ийэтин илиититтэн эһэ охсон ылан көрбүтэ, толору арыы тапталлан баран, үрдэ тарбаҕынан кириэстии сотуллубут. Амма Аччыгыйа
Ол хотуур тапталлан, ампаарга ыйанан, Көр, үрүҥ көмүстүү күлүмнүүр, Бу күөххэ, бу көргө үҥкүүлүөн баҕаран Эйиэхэ бэйэтин көөчүктүүр. Эллэй
Үгүс металлар үчүгэйдик тапталлаллар. КДМ Х - кэпс. Биир сиргэ элбэх буола мунньуһун, тоҕуоруй (көтөрү этэргэ). ☉ Скучиваясь где-л., слетаясь куда-л., облеплять что-л. (напр., о птицах, летающих насекомых)
[Көҕөн] кэлэн биир эмэ дьиэ таһыгар тахсыбыт чалбахха тапталлан эстээхтиир буоллаҕа. Итинник сэрэхтээх көтөргө дьэ муода. Далан
Күөл диэки көрбүтэ, бэтэрээ саҕаҕа кус бөҕө тапталла сытар эбит ээ. Н. Заболоцкай
Сахсырҕалар барыанньа сытын биллилэр да килиэпкэ кэлэн тапталлыбытынан бардылар. Бырааттыы Гриммнэр (тылб.)
көрүнньүк (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Дьиҥнээх буолбатах, көстүүтүгэр, харах эрэ баайыытыгар. ☉ Неискренний, показной, рассчитанный на внешнее впечатление, внешний эффект
Көрүнньүк мичээринэн ыллаҥнаан кэбистэ. Л. Толстой (тылб.)
Арай Люся Осьмухинаны кытта истиҥэ суох, тас, көрүнньүк сыһыаннаһыы үөскээбитэ. А. Фадеев (тылб.) - Туһата суох; солуута суох. ☉ Не приносящий пользы, напрасный; фиктивный; показной
Көрүнньүк дьыала. Көрүнньүк таҥас. — Сүрэҕэ суохтары, көрүнньүк үлэһиттэри абааһы көрөрө. Д. Кустуров - сыһ. суолт.
- Туох да туһата, көдьүүһэ суох. ☉ Бесполезно, напрасно
Сорох кутугунас хаһаайкалар манна да күнү көрүнньүк ыыппат санааламмыттар — уу бычалытан таһааран, таҥас сууйан илигирэтэллэр. И. Никифоров
Бүгүҥҥү күн киниэхэ көрүнньүк ааста. «ХС» - Дьоҕойон, аатыгар эрэ (тугу эмэ гын). ☉ Для вида, напрасно
Иккис таба күүһэ эстээхтээбит быһыылаах, турку такымын астаҕына эрэ көрүнньүк көппөрөҥнөөбүтэ буолаахтыыр. Софр. Данилов
Кыыс сүрэҕэ туох диирэ дьиҥэ биллибэт ээ. Көрүнньүк эрэҥкэдийэ сылдьыбыт даҕаны буоллаҕына көҥүлэ. «ХС»
♦ Күн көрүнньүгэ — туох да туһата суох, таах сибиэ (туох эмэ). ☉ Совершенно бесполезный (о ком-чем-л.)
[Уйбаан:] Баай күн көрүнньүгэ эбит. А. Софронов
Баай да байан, үрдүк да сололонон көрбүтүм. Баай уонна соло диэн күн көрүнньүктэрэ эбиттэр... И. Гоголев. Харах көрүнньүгэр — суолтатыгар эрэ, аатыгар эрэ. ☉ Для вида, для отвода глаз
Хайдыбыт халааҥканы харах көрүнньүгэр хам сыбаан хаалларбыттар. Күн Дьирибинэ
Сорохтор харах көрүнньүгэр эрэ эрдимсийбитэ буола сатыыллара. М. Горькай (тылб.)