Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эттээх-сииннээх

даҕ.
1. Бэйэтигэр сөп толору эттээх, этиргэн (үксүгэр дьахтары этэргэ). Полнотелый, в теле (обычно о женщине)
Хойуу хара хаастардаах, кыһыл төгүрүк уостаах, толору эттээх-сииннээх эдэр дьахтар. Күндэ
[Ньургуһун] уһун, хойуу хара баттахтаах, толору түөстээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, синньигэс бииллээх …… дьылыгырас кыыс дьахтар буола улааппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап
[Луҥхалыырап] аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон хаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров
2. көсп. Тугунан эмэ киһи интэриэһин ордук тардар, сэҥээрдэр, толору (суругунан айымньы, хол., наука ыстатыйата). Содержательный, глубокий, ёмкий (о продукте умственного труда, напр., о научной статье). Эттээх-сииннээх ыстатыйа
Усулуобуйа суох буоллаҕына, суруйааччы хантан тарбаҕыттан эмэн дьиҥ эттээх-сииннээх геройдары айыаҕай? Күн т. Биһиримнээх геройдар Дженни уонна кини уола Тонни ордук толору эттээх-сииннээх гына суруллубуттар. «ХС»


Еще переводы:

куҥнаах

куҥнаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Эттээх-сииннээх. Упитанный, полнотелый. Бу сүөһү куҥнаах эбит

тилик

тилик (Якутский → Якутский)

тилик курдук — бөҕө-таҕа көрүҥнээх; кытаанах эттээх-сииннээх. Здоровый на вид, с крепким телом
Куонаан оҕонньор билигин да баттаҕа маҥхайа илик, тилик курдук. М. Доҕордуурап
Сэмэнчик …… тилик курдук кытаанах эттээх-сииннээх, кэлбитбарбыт сытыы уолчаан этэ. «Чолбон»

титир курдук

титир курдук (Якутский → Якутский)

даҕ. Чиргэл (эттээх-сииннээх), кытаанах. Крепкого телосложения, крепкий, твёрдый
Арай киһим илиитэ титир курдук. П. Ойуунускай
Син титир курдук ат буолаарай диэн сылдьабын, доҕор! Амма Аччыгыйа
Титир курдук толору эттээх-сииннээх …… эдэр дьахтар. П. Аввакумов

кубышка

кубышка (Русский → Якутский)

  1. ж. (сосуд) харчы хаата (кыараҕас моойдоох култаҕар истээх туой эбэтэр мас иһит); 2. м.,ж. разг. (о человеке) төп-төгү-рүк (толору эттээх-сииннээх лахаҕар дьахтар, оҕо).
нотой

нотой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Толору эттээх-сииннээх, төгүрүк буолан көһүн (оҕону этэргэ). Быть, казаться пухленьким, кругленьким (обычно о ребёнке). Балаҕан иннигэр биир оҕо нотойон турар

салталын

салталын (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Улахан уонна олус салтайбыт быһыылаах буол. Быть большим и широким в верхней (или передней) части
Бэрт симии эттээх-сииннээх уонна баппаҕайдар диэх курдук салталлыбыт атахтардаах. ЫДЫа

симэл

симэл (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Бытааннык улаатар, кыра, бэһэл. Низкорослый, отставший в росте
Экскаваторщик кэннигэр симэл эттээх-сииннээх саха киһитэ саҥата суох турар. И. Данилов

бириитибэ

бириитибэ (Якутский → Якутский)

көр бирииппэ
Климович саҥата суох бириитибэтин түннүк сэҥийэтигэр уурда. К. Симонов (тылб.)
Кинилэр чэгиэн-чэбдик, ньыгыл эттээх-сииннээх сирэйдэрэ бириитибэ таарыйа илик намчы түүтүнэн саҥардыы саба үүммүт этилэр. Н. Гоголь (тылб.)

дьэлтэ

дьэлтэ (Якутский → Якутский)

дьэлтэ маҥан - төгүрүк быһыылаах, харахха быраҕыллар маҥан (киһи сирэйин этэргэ). Круглый и белый (о лице)
[Лэппиэрэй] кэргэнэ симмит курдук эттээх-сииннээх, төгүрүк сирэйдээх, төгүрүк харахтаах дьэлтэ маҥан дьахтар. «ХС»

киспэй

киспэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Модьутаҕа, толору эттээх-сииннээх буол (эр киһи туһунан). Быть плотного сложения, крепким, кряжистым
Хара буор, киспэйэ сытыйаҥҥын, бу туох ааттаах бачча үлүгэр хойутаатыҥ. Күннүк Уурастыырап
Киспэйбит модьу киһи …… ойон таҕыста. Н. Якутскай