Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эҕэлээ

туохт. Саҥарар саҥаҕар туох эмэ туһунан аһаҕастык буолбакка, хос ис хоһоонноон эт. Придавать своим словам скрытый смысл, говорить с подтекстом
Иһиттим: мин сиикэй көй бааспын, Эҕэлээн, дьоннорго кэпсииргин — Олоххо оҥорбут алҕаспын Уон төгүл омуннаан этэргин. Р. Баҕатаайыскай
«Хайа, бу тоҕо хотонтон субурустугут, ынах ыы сылдьаҕыт дуу?» — диэн эҕэлээтэ. Е. Неймохов
Эҕэлээн этэри сатыыр буолан, кини кэпсээннэрэ күлсүүнү үгүстүк күөдьүтэллэрэ. В. Гаврильева


Еще переводы:

эҕэлээһин

эҕэлээһин (Якутский → Якутский)

эҕэлээ диэнтэн хай
аата. Иван Егоров кэпсээннэригэр сиэрмайгы өрүттэригэр итэҕэһи-быһаҕаһы көрөн эҕэлээһин баар. П. Аввакумов. Ити кыһыл-маҥан киһи тугу-тугу үрүҥ-хара диирий? Ити эмиэ дьиҥ-чахчы Эллэйдиҥи эҕэлээһин этэ. С. Федотов

адьылаа

адьылаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Кыһанмүһэн, үтүө оҥоро сатаа (эҕэлээн этии). Намереваться делать доброе дело; услужить кому-л. (обычно ирон.)
«Били ампаар охсон биэриэх буолан баран, адьылаан ылбыт үпкүн умнан кэбистиҥ дуо?» — тойон ньиргиэрдээх суон куолаһынан доргуйда. Эрилик Эристиин

эҕэлэн

эҕэлэн (Якутский → Якутский)

эҕэлээ диэнтэн бэй., атын
туһ. «Туох да аһа-таҥаһа суох, тоҥуу хаар ортотугар хаалбыттар», — Тиитэп саҥата чиҥээн, хамаандалыыр эҕэлэнэн барда. Амма Аччыгыйа
Ол барыта Маарыйа кулгааҕар: «Тоҕо эһиэхэ эрийиэхтээхпитий?» — диэн эҕэлэнэн иһиллэр. Сиэн Чолбодук
Аа, «сапожник без сапог» диэн эҕэлэнэн эрэрэ. Г. Нельбисова

күөнэхтээ

күөнэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт. Күөнэҕи бултаа. Ловить гольяна
Эҕэлээмэ мин мунду туутун Эйиэхэ бүгүн бэлэхтиирбин: «Сааскы кэмҥэ» суруйбутуҥ Эһэҕин кытта күөнэхтииргин. Күннүк Уурастыырап
Көҥүлүнэн күөнэхтиир — тугу эмэ хааччаҕа суох хайдах саныырынан, таптаабытынан оҥорор. Вести себя вольготно, свободно, непринужденно, без каких-л. ограничений
Арай биир саҥардыыта чороччу улааппыт кыысчаан уһун суол устата көҥүлүнэн күөнэхтээн айаннаата. ЧКС АК
Күннээнкүөнэхтээн олорор (сылдьар) көр күннээ. Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин иннинэ манна Яковлевтар диэн баайдар күннээн-күөнэхтээн олорбуттар. ЧНН СОИСК