Якутские буквы:

Якутский → Русский

эһиэнэ

ваш; кыайыы эһиэнэ победа ваша.

Якутский → Якутский

эһиэнэ

тард. солб. аат. Биир туох эмэ (хол., барамай) 2 сирэй элбэх ахсаан киэнэ буоларын көрдөрөр (эһиги + киэҥҥит). ☉ Ваш (притяж. мест.)
«Суох, суох, эһиэнэ буолбатах — миэнэ!» — дэһэн охсуһан тунайдаспыттар. П. Ойуунускай
Кэбис, мин эһиэнэбин, Мутукча тыа киһитэбин! Баал Хабырыыс
«Ити мин ынахпын алҕас эһиэнэ буолуо диэн таһыйбыта буолуо», — диир Силлибит Уос [киһи аата]. Күндэ


Еще переводы:

эһиги

эһиги (Якутский → Английский)

pro. you (plural); эһиэнэ pro. yours

ваш

ваш (Русский → Якутский)

притяж. мест.
эһиги, эһиэнэ
ваш друг - эһиги доҕоргут;
это ваше - бу эһиэнэ
Примечание: в якутском языке к одному человеку обращаются в единственном числе (без "выкания")

ваш

ваш (Русский → Якутский)

мест. м. (ваша ж., ваше с, ваши мн.) 1. эһиги, эһиэнэ; эн, эйиэнэ (вежливая форма); ваш друг эһиги доҕоргут; эн доҕоруҥ; 2. в знач. сущ. ваше с. эһиэнэ; эйиэнэ; ваше я положил здесь эһиэнин мин манна уурбутум; вашего мне не нужно эйиэнэ миэхэ наадата суох; 3. в знач. сущ. ваши мн. разг эһиэннэрэ, эһиги дьоҥҥут; эйиэннэрэ, эн дьонуҥ; привет вашим дьоҥҥор эҕэрдэ.

миэнэ

миэнэ (Якутский → Якутский)

тард. солб. аат. Маҥнайгы сирэй биир ахсаан киэнэ буоларын көрдөрөр (миэхэ сыһыаннаах, мин бэйэм гиэнэ). ☉ Мой, моя, моё
«— Миэнэ! — Миэнэ! — Суох, суох, эһиэнэ буолбатах — миэнэ!» — дэһэн охсуһан тунайдаспыттар. П. Ойуунускай
Ырыам миэнэ ыраах тиийдин, Сааскы үтүө Сарсыардаҕа Сайдан туран Сатараатын. Күннүк Уурастыырап
«Оттон атым? Ханнаный миэнэ улааным?» — диэн ба ран, соһуйбуттуу тула көрөбүн. Н. Заболоцкай
♦ Миэнэ миэнин курдук — мин эрэйдээх киэнэ наар аанньа (табыллыбат, туолбат) диэн бэйэни сэнэнэн этии. ☉ Мне, как всегда, не везёт (выражение, принижающее возможности говорящего)
Миэбэл ылыахпын баҕаартым, Миэнэ миэнин курдук буолла, Дьонум харчы ыыталларын Тоҕо эрэ уһаттылар. Күннүк Уурастыырап