Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эһиэхэйдэн

туохт. Синньигэс куоласкынан олус тэтимнээхтик, эрчимнээхтик ытаа (кыһыл оҕону этэргэ). Плакать тоненьким голоском очень энергично (о новорождённом ребёнке)
Балаҕан иһигэр саҥа киһи эрчимнээх куолаһа өрө эһиэхэйдэнэ түстэ. Н. Лугинов
[Сергей] оҕотун суутун өһүллэ, онуоха уолчааннара илиитинэн тарбачыһа-тарбачыһа, атаҕынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаан эһиэхэйдэннэ. Т. Находкина
Моторҕоно курдук уол оҕо ытаан эһиэхэйдэнэрин ийэтэ көрөн үөрэн: «Дьэрэмэйбэр этиҥ», — диэн аҕаларыгар этэ таҕыстылар. А-ИНА ДьБО


Еще переводы:

тэбиэлэн

тэбиэлэн (Якутский → Якутский)

  1. тэбиэлээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Иннинэн-кэннинэн тэбиэлэнэр Эмньик кулун баар үһү (тааб.: аан). Күлүмэн бөҕө түспүт, сүөһүлэр тэбиэлэнэн эрэллэр. У. Нуолур
    [Сергей] оҕотун суутун өһүллэ, онуоха уолчааннара илиитинэн тарбачыһа-тарбачыһа, атаҕынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ ытаан эһиэхэйдэннэ. Т. Находкина
  2. Туохтан эмэ кыыһыран сирбиэтэн (үксүгэр туох да олоҕо суох, атаахтаан). Бурно выражать гнев (обычно безосновательно)
    Аһары тэбиэлэнимэ эрэ, мин даҕаны хаһан эрэ мин аҕай дуо дэнэ сылдьыбытым. В. Гаврильева
    [Люба] сыанатын үрдэппитэ буолан өрө тэбиэлэнэр. П. Степанов
    Онтукаҥ дьэ интэриэһинэй киһи. Бастаан хаалымаары тэбиэлэммитэ. Онтон хайыыр да кыаҕа суох буолтун көрөн, үс күн бэркэ кыргыспыта. К. Симонов (тылб.)
лахсыыр

лахсыыр (Якутский → Якутский)

  1. аат., кэпс. Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох. Бессодержательная долгая речь, пустые слова
    Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах. Амма Ач чыгыйа. [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар-1956. Маас са лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахай бат буолла. В. Ленин (тылб.)
    Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. Бессмыслица, вздор, болтовня
    Аҕам оҕонньор: «Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал», — диэтэ. Ф. Софронов
    «Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!» — Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ. В. Яковлев
    Ээ, устурууксуйа диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй? Тумарча
  2. даҕ. суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох. В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр., о речи); любящий много говорить, болтливый
    Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи.  Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб.)
    Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. — элбэх саҥа, күүгээн. Шумный разговор, гомон
    «Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!» — дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар. Д. Апросимов. Кус-хаас лахсыыра кэпс. — туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. Долгая невра зумительная речь (или разговор).
    ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’