аат., сэнээн. Тугу эмэ оҥорорго, гынарга, этэргэ (этии киллэрэргэ) олус эдэр, үөрүйэҕэ суох, онон ахсааҥҥа ылыллыбат, тыла аахсыллыбат киһи. ☉ Молокосос, юнец, мнение которого в счет не берется
Эйиэхэ, маннык бэтэнээскигэ, бэйэлээх бэйэм холкуоспун үрэйтэриэм суоҕа. Л. Попов
Ойуунускай сахатын тылын ууһа-урана, олоҥхотун омуна-төлөнө, нууччаттан киирэн саха тылын байыппыт тыллар, «бэҕэһээҥҥи бэтэнээски» диэн ити бедняжкаҥ сылдьар эбээт! Амма Аччыгыйа
[Чоочо:] Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски, сигэнэ оонньуур арыҥах маһыҥ мин буолбут дии. В. Протодьяконов
русск. бедняжка