Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ол үлүгэрдээх

ол айылаах

туох үлүгэрдээх

туттул. сыһыан. холб. Туох эмэ хаачыстыбатын сөҕөн-махтайан этэри көрдөрөр. Выражает удивление говорящего (что за, какой). Туох үлүгэрдээх бөдөҥ хортуоската үүммүтэй
Туох үлүгэрдээх Тороххой дорҕоонноох Туһулаатаҕай диэммин Толкуйдуу истим. С. Зверев

үлүгэрдээх

I
даҕ.
1. Ынырык, дьулаан. Чудовищный, ужасный
Эрдэлиир өлбүт үлүгэрдээх сураҕа нэһилиэккэ тарҕана охсубут. Амма Аччыгыйа
Үлүгэрдээх эрэйи Үөскэтэр эбит таптал! Баал Хабырыыс
Соҕотохто үлүгэрдээх тыас түптэ сааллыбыта. ФВС К
2. Таһынан, аһара. Сверх меры, слишком
Алдьархайдаах уол бу! Өйө диэн Үлүгэрдээх, Толкуйа диэн Туохтан да олус. П. Тобуруокап
Сааскы ириэһин кэнниттэн ороһуол уута арахсан үрэххэ халыйдаҕына, үлүгэрдээх элбэх туус олорон хаалар. И. Находкин
II
көр үлүгэр II (сэдэхтик үксүн ыйар солбуйар ааттары кытта тут-ларупотр. ограниченно и обычно с указательными местоимениями’)
Ол үлүгэрдээх тимир халҕаһа бүтүннүү биһиги үрдүк ааппытын ааттаан иһэр. Амма Аччыгыйа
Ити үлүгэрдээх баһаам үгүс суруктарга төһөлөөх киһи ахтылҕана, иэйиитэ иҥэриллибитэ буолуой? Г. Колесов

Якутский → Русский

үлүгэрдээх

I разг. см. үлүгэр.
II 1. чудовищный, ужасный, страшный; үлүгэрдээх буруйу оҥорбут он совершил ужасное преступление; 2. с мест, указ. означает усиление признака предмета: бу үлүгэрдээх тымныыга в такой сильный мороз; бачча кыра дьиэҕэ бу үлүгэрдээх киһини ханна олордоҕут? как поместишь столько народу в такой маленький дом?


Еще переводы:

мертвящий

мертвящий (Русский → Якутский)

прил. өлүүлээх, үлүгэрдээх.

губительный

губительный (Русский → Якутский)

прил. үлүгэрдээх, өлүүлээх, иэдээннээх; губительный климат үлүгэрдээх климат; губительный огонь артиллерии артиллерия өлүүлээх уота.

бедственный

бедственный (Русский → Якутский)

прил. үлүгэрдээх, иэдээннээх, быстыылаах; бедственное положение иэдээннээх балаһыанньа.

гиблый

гиблый (Русский → Якутский)

прил. разг. өлүүлээх, үлүгэрдээх; гиблое дело өлүүлээх дьыала.

гибельный

гибельный (Русский → Якутский)

прил. өлүүлээх, үлүгэрдээх, влүүгэ тиэрдэр; гибельный шаг өлүүлээх хардыы.

бодуор

бодуор (Якутский → Якутский)

көр бодоор. Кырдьан бодуордахпыт эбээт
Бу үлүгэрдээх бодуорбут киһи үлэлии-хамсыы турдаҕа. А. Кривошапкин (тылб.)

убийственный

убийственный (Русский → Якутский)

прил. 1. (убивающий, губительный) өлүүлээх, үлүгэрдээх, иэдээннээх; убийственный климат өлүүлээх климат; 2. перен. (ужасный) иэдээннээх; убийственная жара иэдээннээх куйаас.

тайахтас

тайахтас (Якутский → Якутский)

тайахтаа I диэнтэн холб. туһ. Күһүн аҕабыныын тайахтаспытым
Бу үлүгэрдээх бопсуу-хаайсыы үгэнигэр тоҕо эмиэ тайахтаһан тарбачыспыта буолуой. Н. Борисов

тоҥхоһуй

тоҥхоһуй (Якутский → Якутский)

тоҥхой диэнтэн хамс. көстүү. Кыталык кыыл түһэн олорорун көрөҥҥүн, доруоптанан тоҥхоһуйбут, үөмэн өкчөрүйбүт үлүгэрдээх эбиккин, нохоо!… Амма Аччыгыйа

дьулуруйуу

дьулуруйуу (Якутский → Якутский)

дьулуруй диэнтэн хай. аата. Көлүнэр көлөм, Миинэр миҥэм Үлүгэрдээх үрдүк мындаатыгар Олоро түһэрбин кытары - Таҥнары дьааһыйара Дьалысханнаах буолар эбит, Умса дьулуруйуута Олус да буолар эбит. Саха фольк.