Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үөннээҕинэн

сыһ. Туох эрэ дьээбэни-хообону санаан, дьээбэлээхтик (көр). Насмешливо, иронично, ехидно (смотреть)
Чаара бу да сырыыга күлэн лыһыгыратан кэбистэ, үөннээҕинэн көрдө. Н. Габышев
«Аан маҥнай сиэри ситэрэн билсэн кэбиһиэҕиҥ», — били киһи нууччалыы саҥаран баран, кинилэр диэки үөннээҕинэн көрбүтэ. С. Никифоров
Сиваков үөннээҕинэн эриличчи көрүтэлээтэ. «Чолбон»

үөннээх

  1. даҕ.
  2. Үөн буолбут, үөн ыспыт. Червивый. Үөннээх тэллэй элбээбит
    Үөннээх эт сүгэһэрдээх, Буордаах эт аһылыктаах, Муҥутуур түөкүн аатырбыт Мин муҥнаах буоллаҕым. С. Зверев
    Оччоҕо аатырар Темза өрүс кирдээҕиттэн, кылы кырбаабыт курдук кыймаҥнас үөннээҕиттэн сиргэнэн турабын. П. Филиппов
  3. көсп. Хаадьыланарын сөбүлүүр, дьээбэлээх-хооболоох. Насмешливый, хитрый, ехидный
    Тылыгар киллэрэн эрэриттэн үөрэн тойоно үөннээх баҕайытык мичээрдии-мичээрдии, эмиэ саҥаран сыыбырҕатар. Н. Якутскай
    Кыл Сэлээппэ [киһи] харахтарыгар үөннээх кыымнар көстүтэлээбиттэрэ. Л. Попов
    Диэличчи көрбүт саһархайдыҥы киэҥ харахтара туох эрэ элэктиир үөннээх кыымнарынан килбэчиһэллэрэ. «Чолбон»
  4. аат суолт.
  5. Элэк-хаадьы оҥосторун сөбүлүүр, дьээбэ-хообо киһи. Человек, любящий язвить, насмехаться, насмешник
    Эрэйдээҕим сонун сыыһын хайа үөннээх муокастаабыта дуу, туһалаабыттарын дьүһүнэ эбитэ дуу, ыйаабыт сириттэн киллэрэн оһох кэннигэр бырахпыттар. Амма Аччыгыйа
    [Кэтириинэ:] Тугу-тугу кыҥынайаҕын уоһуҥ иһигэр, үөннээх? Н. Түгүнүүрэп
    «Оо, үөннээх!» — эдьиийим мүчүйдэ. «ХС»
  6. Дьээбэ-хообо, элэк-хаадьы. Насмешка, колкость, ирония
    Дима хайа да бэйэлээх киһи тугу эмэ ыйыттаҕына, туох эмэ дьээбэлээҕи, үөннээҕи булан эппиэттиир бэйэтэ, бу сырыыга тугу да тобула охсубатаҕа. С. Федотов
    Үөннээҕи саҥараары гыннаҕына хараҕын араастаан көрөн турулуҥнатааччы. В. Протодьяконов
    Кини дьону күллэрэрин, тугу эмэ үөннээҕи, тарбааһыннааҕы этэрин таптыыра. «ХС»
    Үөннээх сөтөл — сэллик аһаҕас, олус сыстыганнаах формата. Открытая форма туберкулеза
    Үөмэн-үөмэн Үөннээх сөтөлгө дьүөрэлэһэбин. Эриэккэс бэтиэхэ, Дьикти кубулҕат Хатан дьаарай табаах диэн Мин аххан буолабын. С. Зверев
    Кини сүүрбэ түөрт саастааҕар үөннээх сөтөл буолан, Баайаҕаттан Уолбаҕа сыарҕалаах атынан тиэллэн кэлбитэ. АЕД КЧ

Якутский → Русский

үөннээх

1) червивый; үөннээх тэллэй червивый гриб; 2) перен. каверзный, лукавый, коварный; үөннээх киһи каверзный человек.


Еще переводы:

ехидный

ехидный (Русский → Якутский)

прил
үөннээх (киһи майгыта)

бациллярный

бациллярный (Русский → Якутский)

мед. бациллалаах, үөннээх

ехидство

ехидство (Русский → Якутский)

с. бэтэ, үөннээх быһыы, үөнүрүү.

червивый

червивый (Русский → Якутский)

прил
чиэрбэлээх, үөннээх. Червивый гриб

ехидный

ехидный (Русский → Якутский)

прил. бэтэлээх, үөннээх; ехидный человек бэтэлээх киһи; ехидное замечание үөннээх этии.

лукавый

лукавый (Русский → Якутский)

прил. 1. албын, үөннээх; лукавый человек албын киһи; 2. (задорный) үөннээх, тэбэнэттээх, дьиибэлээх; 3. в знач. сущ. м., прост, (бес, дьявол) абааһы.

лукавство

лукавство (Русский → Якутский)

с. 1. (хитрость, притворство) албын быһыы, үөннээх быһыы; 2.(игривость, кокетство) дьиибэ, тэбэнэт.

кыыбаҕалаахтык

кыыбаҕалаахтык (Якутский → Якутский)

сыһ. Үөннээхтик, дьээбэлээхтик. Лукаво, игриво, хитро
Кини, чэйиҥ эрэ диэбиттии, кыыбаҕалаахтык ымайбыт. Ч. Айтматов (тылб.)

ырдьас гын

ырдьас гын (Якутский → Якутский)

ырдьай диэнтэн көстө түһүү. Хаһаактар эмиэ үөннээхтик ырдьас гыннылар. И. Гоголев
Саллаат күлэн ырдьас гынна. А. Сыромятникова

арсаҥнаа

арсаҥнаа (Якутский → Якутский)

арсай диэнтэн б
тэҥ көстүү. Кыыһы утары олорор, мэлэгэр сирэйдээх, туой акаарытык арсаҥнаабыт дьахтар кэлэн, миигин олус малтаччытык, үөннээхтик одуулаһан барда. Н. Габышев