I
туохт. Кими эмэ мөҕөн, күөмэйгин сонотон саҥар; көбүөлээ. ☉ Обругать сердитым окриком кого-л.; раздраженно накричать на кого-л. [Ньукулай — Мэхээлэҕэ күргүйэр:] Ити эн уолуҥ, бассабыык буолан баран, эйиэхэ баайтан баай ылан биэрээри сылдьар ээ… Күндэ.
II
аат. Куолаһы сонотон кими эмэ күүскэ мөҕүү. ☉ Сердитый окрик, громкая ругань, брань, обращенные к кому-л.
Күргүй диэн — этиһии ийэтэ, Өстөһүү, үөхсүһүү төрүөтэ, Салайар үлэһит бэйэтэ Сатаҕай буолбутун бэлиэтэ! П. Тобуруокап
Үлэ дьиссипилиинэтэ олус сатаҕай. Үлэттэн аккаастаныы, үлэҕэ күргүй, этиимөҕүү күүһүнэн эрэ, куттаан таһаарыы. Г. Нынныров