1) напоминать; киниэхэ ону өйдөтөөр ты ему напомни об этом; 2) объяснять, разъяснять, пояснять; задачаны оҕолорго өйдөт = объяснить детям задачу.
Якутский → Русский
өйдөт=
Якутский → Якутский
өйдөтүһүү
өйдөтүс диэнтэн хай
аата. Хатылааһын сүрүн соругунан урут үөрэтиллибит матырыйаалы өйдөтүһүү, билиини чиҥэтии, умнуллан эрэри чөлүгэр түһэрии буолар. ННН СТМО
өйдөт
туохт.
1. Туох эмэ буоларын эбэтэр өрдөөҕүтэ буолан ааспытын санат. ☉ Напомнить о чём-л. предстоящем или прошедшем
Саша күөгүлүүр ураҕаһынан хайдах эрэ туйгун скрипаһы өйдөтөрө. Н. Заболоцкай
Эн эппитиҥ: бэрт да хатыҥ үүммүт, Чыычаах ыллаатын, күн көрдүн! Оҕо сааска көрүлүүр күммүт Дьоллоох чаастарын өйдөттүн. П. Тулааһынап
2. Быһааран биэр, биллэр. ☉ Объяснить, разъяснить, довести до сознания
А.Е. Кулаковскай киһи, уопсастыба олоҕор тыл суолтата олус улаханын биһиэхэ өйдөтөр. Суорун Омоллоон
Киһиэхэ эрэбил баара Киһини өрө көтөҕөр; Оҥорбутун оҥорторор, Өйдөөбөтөҕүн өйдөтөр. Баал Хабырыыс
Еще переводы: