аат.
1. Тугу эмэ оҥорорго көмөлөһөр күүскэ тирэҕирии, көмөлөһүннэрии. ☉ Опора, подспорье в каких-л. делах
Мин таба үлэтигэр даҕаны эмиэ тиэхиньикэҕэ наһаа өйөнүү тахсыбыт дии санаатым. «Кыым»
2. түөлбэ. Олоппос, дьыбаан, сыарҕа өйөнөрө. ☉ Спинка стула, дивана, саней
«Эн киниэхэ туох наадалаах этиҥ?» — аҥаар илиитин олох маһын өйөнүүтүгэр биллэҕэ ууран эргиллэ хайыста. А. Софронов
Билигин дьэ дьиҥнээхтик кэлэйдэ. Олох мас өйөнүүтүн кууспутунан олоро түстэ. А. Сыромятникова
Татыйык сыарҕа өйөнүүтүгэр көхсүнэн өйөнө олорон, айылҕа тиллэн эрэрин сэргии көрө олорор. «ХС»
Якутский → Якутский
өйөнүү
өйөн
туохт.
1. Кимиэхэ-туохха эмэ тайан, сыһын. ☉ Опираться, облокачиваться на кого-что-л., прислоняться к кому-чему-л.. Дьыбаан сыттыгар өйөн. Тайахха өйөнөн тур. Истиэнэҕэ өйөн
□ Баһыахтыыр Балбаара аан холуодатыгар өйөнөн турар Сыллайга эргиллэ түстэ. Амма Аччыгыйа
Түннүк сэҥийэтигэр өйөнөн, Маша түҥнэри хайыһан турара. А. Сыромятникова
Өкүүсэ дьиэ ортотугар үрдүк олох маска өйөнөн, бу туох буолан эрэрин таба өйдөөбөтөх киһилии, соҥуйан турар. Эрилик Эристиин
Өлүөнэ өрүһү таҥнары өҥөйөн Өрүтэ будуллар долгунун көрбүтүм. Будьурхай баттахтаах үөттэргэ өйөнөн Буурҕалаах түүннэри мин эмиэ өйдүүрүм. П. Тулааһынап
2. көсп. Кимтэн эмэ туох эмэ көмөнү, өйөбүлү ыл; туохха эмэ тирэҕир. ☉ Получить поддержку от кого-чего-л.; опираться на что-л. (напр., на решение собрания). Мунньах уурааҕар өйөн
□ Кинилэр ыҥырыылара киэҥник өйөннө. «ЭК»
Бачыым өйөннө. «Кыым»
уйг. сүйэнмэк, кирг. сүйөн
Якутский → Русский
өйөн=
1) опираться на кого-что-л., прислоняться к кому-чему-л.; облокачиваться на что-л.; дьыбаан сыттыгар өйөн = облокотиться на подушку дивана; таиахха өйөнөн тур = стоять, опираясь на посох; истиэнэҕэ өйөн = прислониться к стене; 2) перен. опираться на кого-что-л.; получать поддержку от кого-чего-л.; мунньах уурааҕар өйөн = опираться на постановление собрания; ср. тирэҕир =.
Еще переводы: