нареч. обильно, в изобилии, щедро; избыточно; хаар өлгөмнүк түстэ снег выпал обильно.
Якутский → Русский
өлгөмнүк
өлгөм
обилие, изобилие; щедрость II обильный, изобильный, щедрый; балык өлгөмө изобилие рыбы; елгөм үүнүү обильный урожай; өлгөм биэрии щедрый дар; өлгөм манньа щедрое вознаграждение.
Якутский → Якутский
өлгөмнүк
сыһ. Олус дэлэйдик, элбэхтик. ☉ Обильно, в изобилии. Хаар өлгөмнүк түстэ
□ Эдэр киһиэхэ дьол өлгөмнүк да тосхойор буолар эбит! Амма Аччыгыйа
Өлгөмнүк бултуйан төнүннэ. Софр. Данилов
Үтүөкэн үүнүүнү өлгөмнүк бэлэхтээн, Алаастан сайыммыт арахта. П. Тобуруокап
Аны дьэ холкуоһум бурдугу, оту Хомуйар буолта өлгөмнүк. Баал Хабырыыс
өлгөм
- даҕ. Олус элбэх, дэлэй. ☉ Обильный, изобильный, щедрый. Өлгөм үүт. Өлгөм манньа. Өлгөм үүнүү. Өлгөм үүнүүлээх от. Өлгөм харчы
□ [Байҕал] Өлгөм өрөгөй күүһэ Өрүтэ түллэн мэҥийэр. П. Ойуунускай
Ээ, ол эһиги, хоһуун дьон, маннааҕар өлгөм бултаах сирдэри булуоххут буоллаҕа. С. Никифоров
Маппый аллара түһэн, бэрт өлгөм сугун уктаах мэндэгэ ойууру ааһан, от-мас күлүктүүр сиригэр киирэн, аргыыйдык иннин диэки баран испитэ. П. Аввакумов
Быһата сүөһүгэ өлгөм илиилээх киһи. «ХС» - аат суолт. Туох эмэ олус элбэҕэ, дэлэйэ. ☉ Обилие, изобилие чего-л.. Балык өлгөмө
□ [Украина] саадтарыгар яблонялар сибэккинэн кэйдэхтэрэ өлгөмүн, өҥнөрө-дьүһүннэрэ нарынын! Суорун Омоллоон
Үүнүүгүт өлгөм буоллун! И. Эртюков
Көрөн кэллим: сүөһү бөдөҥүн, Көтөрү, оҕуруот аһын, Тиэхиникэни, үүнүү өлгөмүн. Дьуон Дьаҥылы
ср. бур. үлүү ‘избыток, избыточный’
Еще переводы: