Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өҕүллэҥнээ

туохт. Өҕүллэөҕүллэ көн. Упруго выгибаться, изгибаться, пружинить
Үрэх тумулугар соҕотох буруо тыалга бүк охсуллан араастаан өҕүллэҥнии көһүннэ. Эрилик Эристиин
Дьиэлэрин эркиннэрэ Дьигиһийбэхтээн ылла, Баҕаналара бачыгыраамахтаата. Өһүөлэрэ өҕүллэҥнээтэ Муосталара хотолдьуйда. П. Ядрихинскай
Оронун сиһэ ыарырҕаппыттыы өҕүллэҥнээн, кыычыгыраан ылла. М. Доҕордуурап

Якутский → Русский

өҕүллэҥнээ=

упруго сгибаться, пружинить.


Еще переводы:

өҕүллэҥнэт=

өҕүллэҥнэт= (Якутский → Русский)

побуд. от өҕүллэҥнээ = упруго сгибать что-л.

гнется

гнется (Русский → Якутский)

гл
өҕүллэр, өҕүллэҥниир

бачыгыраамахтаа

бачыгыраамахтаа (Якутский → Якутский)

бачыгыраа I диэнтэн төхт
көрүҥ. Баҕаналара бачыгыраамахтаата, Өһүөлэрэ өҕүллэҥнээтэ, Муосталара хотолдьуйда. П. Ядрихинскай
Сүллэр этиҥ бачыгыраамахтаата. Д. Таас

түллэх гын

түллэх гын (Якутский → Якутский)

түллэс гын диэн курдук
Этэрээт биирдэ түллэх гына хамнаата да, суол устун өҕүллэҥнээн, адаарыҥнаан бара турда. Амма Аччыгыйа

биэрэҥнээ

биэрэҥнээ (Якутский → Якутский)

туохт. Уйуккун сүтэрэн хачайдан, иҥнэҥнээ, иэҕэҥнээ. Качаться, пошатываться, покачиваться
Хатыҥнар тыалга …… биэрэҥнииллэр, өҕүллэҥнииллэр. И. Сосин
Икки атаҕа ыаҕастаах уу курдук биэрэҥниир. Эрилик Эристиин
[Иннэ] муоста быыһыгар кыл мүччү түһүөхчэ түспэккэ, биэрэҥнии сытта. Н. Заболоцкай. Тэҥн. түөрэҥнээ, биэтэҥнээ

өҕүллэҥнэт

өҕүллэҥнэт (Якутский → Якутский)

өҕүллэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Эбиэннээх хотуна хааһын тэрбэс гыннарда, өттүгүн өҕүллэҥнэттэ. Үйэлээх сааһыгар хамыһаардары эрэ кытта бодоруспут курдук тутунна. И. Гоголев
Моҕойдор сиринэн эттэрин өҕүллэҥнэтэн сыҕарыйаллар. ББЕ З
Сыалыһар кутуругун аргыый өҕүллэҥнэтэр, мөхсө сатыыр. А. Чехов (тылб.)

өҕүлдьүй

өҕүлдьүй (Якутский → Якутский)

туохт. Мэтэлдьий, өҕүллэҥнээ (күүскэ баттаатахха, үктээтэххэ). Пружинисто выгибаться, пружинить (при сильном надавливании)
Үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт Үрдүк мындаалаах, Кэбиэлээтэххэ кэйбэлдьийбэт Кэтит киэлилээх Аан дайды. П. Ойуунускай
Баттаатахха маталдьыйбат, Үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт, Тэбистэххэ кэдэлдьийбэт Кэҥириир кэтит үөтүкэн. Күннүк Уурастыырап

хотоҥнос

хотоҥнос (Якутский → Якутский)

I
хотоҥноо диэнтэн холб. туһ. Тыалтан тэтиҥнэр хотоҥноһо хамсыыллар
II
даҕ. Иэҕиллэ токуруйар, өҕүллэҥниир, кэдэйэр. Прогибающийся, выгибающийся, гнущийся
[Чаара] түүппүлэлэрин сулбурута тэбээт, хотоҥнос үөт устун, икки илиитин даллатан, сүүрэн тыбыгырайан, уҥуор баар буола оҕуста. Софр. Данилов

итиэр

итиэр (Якутский → Якутский)

итий диэнтэн дьаһ
туһ. Саҥарбаты саҥардыам, Тоҥмуту итиэриэм, Токуру көннөрүөм... А. Софронов
Үрэх тумулугар соҕотох буруо тыалга бүк охсуллан араастаан өҕүллэҥнии көһүннэ. Ону көрөн Уулаах өлөн эрэр дьону киллэрэн итиэриэхтэрэ диэн үөрэ санаата. Эрилик Эристиин
Ылдьааны түргэнник промкомбинакка таһааран итиэрбиттэрэ, таҥаһын-сабын уутун ыкпыттара. Д. Таас

ньаҕыллаҥнаа

ньаҕыллаҥнаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Хомуллаҥнаа, өҕүллэҥнээ (хол., ньаалбаан туһунан). Мяться, вминаться (напр., о жестянке). Ньаалбааннара ньаҕыллаҥнаан сүгүн саайтарыа суох быһыылаах
2. көсп. Араастаан тутун-хабын, мунньаҥнаа (хол., атаахтаан — оҕо туһунан). Гримасничать, кривляться, ломаться (о капризном ребёнке)
Биэһин туолбут Ньургун бу сарсыарда, дьэ, атаахтаан ньаҕыллаҥнаан турбата дуо? Багдарыын Сүлбэ. Тэҥн. ньаҕаҥнаа