I
эрт диэнтэн хай. аата. Тыынан эрдии
□ Поэзия «ааспыт кэрдииһин», пуорма санааны тууйарын, саҥа суолу көрдөөһүн тустарынан элэйбалай эрдии, түҥ-таҥ өйдөөһүн биһиэхэ барыта баар суоллар. Күннүк Уурастыырап
Таах сибиэ мунньахтаан хайаан, син биир кураанаҕынан эрдии. Н. Лугинов
Учаастак хомсомуолларын мунньан баран, эн суруккун ааҕан биэрбитигэр араас тиэрэ-маары эрдии тахсыбат дуо! «ХС»
II
аат. Ууга эрдинэн тыыны, оҥочону уһуннарар, төбө өттө салбахтаах ураҕас. ☉ Шест с лопастью для гребли, весло
Эрдии тыаһа, уу чалыма үрэххэ туола. Амма Аччыгыйа
Толлор [киһи аата] тымтайдаах балыгын сүгэн, эрдиитин тутан, инники киирэн суол устун бакыҥныыр. Н. Якутскай
Туруо дуо. Эрдиитин тардыалаан, Буруйдаах быһыынан уол барда. Эрилик Эристиин
♦ Эрдиитэ суох тыыга олорто көр тыы
[Дуня:] Кэм буолуо. Ити аата эрдиитэ суох тыыга олордохпут. Н. Туобулаахап
Эрдиитэ суох тыыга олордон Эдэр саас арахсан барбатын — Ытаама, доҕоруом, ытаама. И. Артамонов
◊ Кутурук эрдии көр кутурук