Якутские буквы:

Якутский → Русский

эрдии

  1. и. д. от эрт = гребля; 2. весло; эрдии салбаҕа лопасть весла.

эрт=

грести (веслом); сүүрүк хоту эрт = грести по течению.

Якутский → Английский

эрдии

n. oar

эрт=

v. to row

Якутский → Якутский

эрдии

I
эрт диэнтэн хай. аата. Тыынан эрдии
□ Поэзия «ааспыт кэрдииһин», пуорма санааны тууйарын, саҥа суолу көрдөөһүн тустарынан элэйбалай эрдии, түҥ-таҥ өйдөөһүн биһиэхэ барыта баар суоллар. Күннүк Уурастыырап
Таах сибиэ мунньахтаан хайаан, син биир кураанаҕынан эрдии. Н. Лугинов
Учаастак хомсомуолларын мунньан баран, эн суруккун ааҕан биэрбитигэр араас тиэрэ-маары эрдии тахсыбат дуо! «ХС»
II
аат. Ууга эрдинэн тыыны, оҥочону уһуннарар, төбө өттө салбахтаах ураҕас. ☉ Шест с лопастью для гребли, весло
Эрдии тыаһа, уу чалыма үрэххэ туола. Амма Аччыгыйа
Толлор [киһи аата] тымтайдаах балыгын сүгэн, эрдиитин тутан, инники киирэн суол устун бакыҥныыр. Н. Якутскай
Туруо дуо. Эрдиитин тардыалаан, Буруйдаах быһыынан уол барда. Эрилик Эристиин
♦ Эрдиитэ суох тыыга олорто көр тыы
[Дуня:] Кэм буолуо. Ити аата эрдиитэ суох тыыга олордохпут. Н. Туобулаахап
Эрдиитэ суох тыыга олордон Эдэр саас арахсан барбатын — Ытаама, доҕоруом, ытаама. И. Артамонов
◊ Кутурук эрдии көр кутурук

эрдии-ойохтуу

  1. сыһ. Кэргэнии дьон сыһыанынан, эр-ойох быһыытынан. ☉ Как муж и жена
    Эй! Дьахтаар! Билин эрэ! Эн Савелий бааһынайдыын Эрдии-ойохтуу олоортуҥ дуо? Н. Некрасов (тылб.)
  2. аат суолт. Ыал буолан бииргэ олорор кэргэннии дьон. ☉ Супружеская чета, супруги, муж и жена
    Онтон эрдии-ойохтуу иккиэн дьиэлэригэр сиэттиһэн киирэн бардылар. Саха фольк. Дьэ ити курдук эрдии-ойохтуу өр кэпсэтэ олордулар. Н. Павлов
  3. даҕ. суолт. Кэргэннии (дьон). ☉ Семейный
    Былыыр-былыр ыраах Уһук Хоту сиргэ эрдии-ойохтуу дьон сордоох-муҥнаах дьылҕаларын туһунан биир ынырык номох үөскээбит эбит. С. Курилов (тылб.)

эрт

туохт.
1. Тыыга, оҥочоҕо олорон эрэн эрдиинэн ууну эрчимнээхтик хаһыйан айаннаа, уһун. ☉ Грести (на лодке, ветке, плоту). Сүүрүгү утары эрт
□ «Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий?» — диэн Бурхалей мээнэ, ньүдьү-балай кыһарыйыыга ынчыктыы-ынчыктыы хардарда. Эрилик Эристиин
Эрдии эрдэн сылайа оҕустубут. Н. Габышев
Хаһан эмэ балыксыт Эн кураанах хонноххор Эмэх буолбут мас тыытын Эрдэн кэлэн хоноро. П. Тулааһынап
△ Көлүөһэ ууну хаһыйар күүһүнэн айаннаа (урукку көлүөһэлээх борохуоту этэргэ). ☉ Передвигаться с помощью колёс (о старых пароходах)
Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит, Борохуот эр бэрдэ, Эрчимник эрдэр. Эллэй
2. көсп. Солуута суоҕу, туох түбэһиэҕи мээнэ саҥар. ☉ Болтать наобум, что взбредёт на ум
Талбыппынан аттаран, Таалбын-быарбын тарбанан, Түлэс-балас эрдэммин, Түҥ-таҥ түһэн биэрдим мин. Күннүк Уурастыырап
«Туох буоллуҥ? Тоҕо ити курдук саҥараҕыный?» — Уйбаанча оҕонньор, кырдьык, түөс-маас эрдэн барбытыттан ыйыппыта. Н. Якутскай
Суол уһунун билимээри, күн эгэлгэтин барытын эрдэн кэпсэтэбит. П. Аввакумов
♦ Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт — тиэрэни эрт диэн курдук (көр тиэрэ)
(Киэҥ) халлааны туойар (тыллаһар, эрдэр) көр халлаан. Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт кэп-кээҕинэс куолаһынан Киристиэстэн саҕалаан киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап
Түөрт уоннаах диэн миигин ким этэр? Төрүт да халлааны эрдэллэр! Оччо сыл тухары, ааҕыстар, Олоро иликпин, атастар. С. Руфов
ср. др.-тюрк. еш ‘грести, разгребать’


Еще переводы:

весло

весло (Русский → Якутский)

сущ
эрдии

гребля

гребля (Русский → Якутский)

ж. эрдии, эрдинии.

весло

весло (Русский → Якутский)

с. эрдии; идти на вёслах эрдиинэн бар.

лопасть

лопасть (Русский → Якутский)

ж. салбах; лопасть винта эрдии салбаҕа.

правило

правило (Русский → Якутский)

с. 1. тех. бэрэбиилэ; 2. уст. салайар мас, эрдии.

кормовой

кормовой (Русский → Якутский)

II прил. куорматааҕы, куорма; кормовое весло куорма эрдии.

супруг

супруг (Русский → Якутский)

м. 1. кэргэн, эр; 2. супруги ми. кэргэнниилэр (эрдии-ойохтуу).

чета

чета (Русский → Якутский)

ж. эрдии-ойохтуу; супружеская чета эрдии-ойохтуу; # не чета кому-л. тэҥэ суох, дьүөрэтэ суох (кимиэхэ эмэ тиийбэт эбэтэр орду к).

парный

парный (Русский → Якутский)

прил. пааралаах, паара; парные органы паара органнар; парная гребля пааранан эрдии.

салбахтаа

салбахтаа (Якутский → Якутский)

туохт. Туохха эмэ салбахта оҥор, салбахтаах гын. ☉ Приделывать к чему-л. лопасть. Ураҕаһы салбахтаан эрдии оҥоһунна