көр боруллуо
Тыҥырахтаах көтөрдөртөн андаатары барыллыа наһаа сойуолаһар. ТСКБ
Арай эмискэ оҕолортон чугас соҕуһунан туох эрэ хараны тыҥырахтаан барыллыа сири кырсынан дапсыҥнаан ааһан эрэр эбит. Чэчир-85
Якутский → Якутский
барыллыа
барыллаа
I
туохт. Маннык эбэтэр бачча буолуо диэн быһа холоо, сабаҕалаа. ☉ Предполагать, допускать, допустить что-л. Учуонайдар барыллаан ааҕан таһаарыыларынан, биир кэҕэ мүнүүтэҕэ икки түүлээх үөнү булан сиир. И. Федосеев
Максим хаһан эрэ маннык буолуо диэн барыллаабатаҕа даҕаны. Н. Лугинов
Үргэлинэн барыллаатаҕына, түүн үөһэ эрэ буолан ааспыт этэ. «ХС»
II
көр бараллаа
Эдэр дьон иккиэн тэҥ, биэстии кылаас үөрэхтээхтэр. Саастарынан да барыллаалар. ДФС КК
Данил Герасимович …… уолчаанын кытта барыллаа саастаах ити ыарыһах оҕолоох ыалы аһына саныыра. Айталын
Ол биһиги отчуппут …… мин аҕабын кытта барыллаа киһи сурахтааҕа. «ХС»
Якутский → Русский
барыллаа=
определять приблизительно, на глаз; предполагать; барыллаан ааҕыы приблизительный подсчёт; барыллаан көр = определить что-л. приблизительно.
Еще переводы: