несов. разг. сөҥнүк саҥар.
Русский → Якутский
басить
Еще переводы:
көөҕүнээ= (Якутский → Русский)
хрипло басить, издавать хриплые звуки; көөҕүнээн саҥар = говорить хриплым басом.
көҥкөт= (Якутский → Русский)
побуд. от көҥкөй =; күөмэйгин кеҥкөт = говорить громко, повышать голос; стараться говорить басом, басить.
ньириһит= (Якутский → Русский)
псбуд. от ньириһий = басить; издавать громкий, гулкий звук; киһи саҥаран ньириһитэр человек заговорил басом.
көрдьүгүнээ (Якутский → Якутский)
тыаһы үт. туохт. Сөҥ, хойуу куолаһынан бүтэҥитик саҥар. ☉ Говорить глухим басом, басить
— Ыскылааккар тахсыах, — суон баҕайытык көрдьүгүнээн баран, сэбиэдиссэй эргичис гынан тахсан барда. А. Софронов
көөҕүнээ (Якутский → Якутский)
тыаһы үт. туохт. Бүтэн хаалбыт курдук кэһиэхтээх куоласкынан улаханнык хаһыытаа, ыллаа эбэтэр оннук саҥар. ☉ Хрипло басить, издавать густой, низкий, басистый звук
Киэһээҥҥи утуйар ырыатын ыллаан көөҕүнээтэ, — күөмэйин арыгыга сиэппит дьаахан курдук. Л. Попов
— Эн туох дииргинэн буоллун, — улахан убайа Үөдүгэн кэһиэхтээхтик көөҕүнээбитэ. Далан
Киил оҕонньор нүһэрдик көөҕүнээтэ: — Дьэ эн бэйэҥ, ускуустубаҕа чугас киһи, итини туох дии саныыгын?! Н. Лугинов
көҥдөйдөн (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Көҥдөйдөөх буол. ☉ Стать полым, заиметь полость, пустоту, дупло
Тиистэрэ бүүс-бүтүннэрэ үһү. Арай бу соторутааҕыттан көҥдөйдөнөн, эрэйдээн эрэллэр эбит. «ЭК». Көҥдөйдөммүт хаххалары өлбүт сэрииһиттэр тоҥ өлүктэринэн бүөлээбиттэрэ. «Ленин с.»
2. Көҥкүнээн иһилин; көҥдөй, киэҥ, аһаҕас дорҕоону таһаар; дорҕооннонон, доргуйан иһилин (киһи саҥатын, куолаһын туһунан). ☉ Говорить басом, басить; громко раздаваться; отдаваться эхом (о звуке, голосе)
Кини сүрдээх модьу көрүҥнээх, көҥдөйдөммүт киэҥ саҥалаах. С. Руфов
Эксээмэн барар буолан оскуолаҕа уу чуумпу. Арай хам-түм оҕолор хааман сурдургуур сэрэх тыастара, төһө да кыратын иһин, кураанах көрүдүөргэ көҥдөйдөнөн балай эмэ дорҕоонноохтук иһиллэр. «ХС»
көҥкөт (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт.
1. Оҥостон туран кэҥэт (үксүгэр ыллаары гыммыт киһи күөмэйин оҥостон, кэҥэтэн, чөллөрүтэн хабарҕатын быччыҥнарын күүрдэрин этэллэр). ☉ Прочищать (горло); напрягать мышцы (горла, груди)
Көҥдөй түөһүн көҥкөтөн, Саҥата суох үөһэ тыынна, Төрүөтэ суох кыйаханна. Р. Баҕатаайыскай
Кэрдиис хабарҕатын дабатан Кэпсээн-кэҕийэн киирдэ, Көмүс күөмэйин көҥкөтөн Күөрэтэн-дьиэрэтэн барда... С. Васильев
Ыйдаҥатааҕы тэргэн тиит күлүгүн саҕа эриэн үөн бөҕөлөр …… кинини тоһуйан үөлэс айахтарын көҥкөтөн, дириҥ куолайдара хараара чөҥөрүспүттэр. Д. Апросимов
2. Күөмэйгин күүрдэн улаханнык саҥар, ыллаа. ☉ Говорить, петь громким голосом; петь басом, басить
Күөмэйин көҥкөтүөҕүнэн көҥкөтөн, куолаһын сонотон, салгыы ыллаан сатаарытта. Болот Боотур
Толуу бэйэҕин Тото көрөммүн, Үтүө бэйэҕин Үөрэ көрөммүн, Алтан чороон Айахпын атыттым, Көмүс чуораан Күөмэйбин көҥкөттүм. Болот Боотур