сущ
олом
Русский → Якутский
брод
брод
м. олом; идти бродом оломноо, кэс, кэстэр.
Еще переводы:
оломноох (Якутский → Русский)
имеющий брод; с ... бродом; оломноох үрэх речка, в которой есть брод.
олом (Якутский → Русский)
брод; үрэҕи оломунан кэс = переходить речку вброд.
кэһилин= (Якутский → Русский)
страд. от кэс = 1) проходиться в брод, быть проходимым вброд; 2) нарушаться, попираться, быть нарушенным, попранным; сокуон кэһилиннэ закон нарушен.
оломнон (Якутский → Якутский)
туохт. Кэһэн эбэтэр кэстэрэн тахсар чычаас сирдээх буол (үрэх, өрүс туһунан). ☉ Иметь брод (о реке, речке)
Уорааннардаах сүүрүктэрдээх, Оломноммот өрүстэрдээх, Тайалҕаннаах тайҕалардаах, Дабааннардаах аартыктардаах, Уһун айаҥҥа холуубун Олорон кэлбит олохпун. Күннүк Уурастыырап
оломур (Якутский → Якутский)
туохт. Чычаар, кэһэн туораныллар буол (үрэҕи, кыра өрүһү этэргэ). ☉ Обмелеть, заиметь брод (во время малой воды, о реках). Үрэхпит уолан, оломуран уҥуоргутугар туоратар буолбут
□ Улахан күөлбүт оломура сыспыт. «Кыым»
Тымныы уулаах Куркурсу өрүс оломуран, уута быстан барбыта. Ч. Айтматов (тылб.)
аартыктаах (Якутский → Русский)
имеющий проход, перевал; с... проходом, с... перевалом; аан дойду аартыктаах , күөх далай оломноох , хара тыа ыллыктаах погов. мать-земля имеет проходы, синяя бездна — броды, дремучий лес — тропы.
чалым (Якутский → Якутский)
I
1. даҕ. Чычаас (уу). ☉ Неглубокий, мелководный
Чаллыргыыр чалым уу, Күллүргүүр күөх далай. В. Кейметинов
Налыыга оҕолор уһун сайыны быһа чалбыыр, кумаҕынан будулуйар чалым уулаах. А. Сыромятникова
Чалым уунан халыйбыт хотооллору туораата. Уустаах Избеков
2. аат суолт.
1. Уу ньуурун охсор тыас. ☉ Шум от удара по поверхности воды, плеск
Дьон саҥата, эрдии тыаһа, уу чалыма үрэххэ туолла. Амма Аччыгыйа
Уу үрүҥ кыым буола бырдаҥалыыр. Күлсүү, ыһыы-хаһыы, уу чалыма. Н. Габышев
2. Чычаас, чычаарбыт уу. ☉ Неглубокая вода, брод, мелководье
[Алыһар] Иирэ талах кытылларга, Итии уулаах чалымнарга Кыракыйчаан күстэхтэри Кырыытыттан кыайталаата. П. Тобуруокап
ср. ног. шалп-шылп, казах. шалп ‘звукоподражание плеску, всплеску волны, плесканию воды’
II
аат., түөлбэ. Таба эбэтэр кыыл синньигэс оһоҕоһо. ☉ Тонкая кишка оленя или какого-л. зверя
Тимир оһох үрдүгэр буһа турар күөстэн буруолуу сылдьар таба этин, чалымы таһааран сыыһа-халты уобаат, таҥаһын үрдүгэр түстэ. Г. Нынныров
Чалымы тоҥортуу уурбуттара. А. Егоров. Табаҕыт эмис ини? Саатар чалымы ыраастаһыам этэ. А. Кривошапкин (тылб.)
олом (Якутский → Якутский)
аат. Ууну (хол., үрэҕи) кэһэн эбэтэр кэстэрэн туоруур үчүгэй үктэллээх (түгэхтээх) чычаас уулаах сир. ☉ Брод. Үрэҕи оломунан кэс
□ Эмискэ хоһуун үрэх оломун көрө түспүтэ
Ол онно, ыраах, кимнээх эрэ олому туораан адаарыҥнаспыттара. Далан
Бука диэн бэйэ-бэйэҕититтэн хаалсымаҥ, оломун сыыһа барыаххыт. СГФ СКТ
Күһүҥҥү күн кинилэрдээҕэр ордук ыксыыр. Оломун туораан номнуо хонук сирин булара чугаһаабыт. «Кыым»
♦ Оломун булбакка (билбэккэ) эрэ ууга (ууну) кииримэ (кэһимэ) — үчүгэйдик билбэккэ эрэ сэрэхтээх суолу саҕалаама. ☉ соотв. не зная броду, не суйся в воду
Ууну оломун булбакка эрэ кэһимэ. Өс хоһ. Эрдэттэн чинчилээн көрбүт ордук, оломун билбэккэ ууга кииримэ диэччилэр дии. В. Миронов
Тукаларыам, сахалар «оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ» — диэн этэллэр. И. Сосин. Оломун буллар — кимиэхэ эмэ тугу эмэ сиһилии, ыйан-кэрдэн биэр. ☉ Хорошенько разъяснить кому-л. что-л. Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммут — табыгаһа суох кэмҥэ тугунан эмэ дьарыктан. ☉ Заниматься чем-л. не к месту и не ко времени (букв. он сделал себе стрелу при переходе через речку вброд). Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммукка дылы. Өс хоһ. Ууһут ат оломун курдук — өйдөөхтүк, өйдөөн-төйдөөн. ☉ Умный, сговорчивый и отзывчивый.
◊ Олох оломо — киһи дьылҕата, олоҕун суола. ☉ Судьба, жизненный путь человека
Олохторун оломун Уҥуоргута көстүбүт, Кырдьан хаалбыт дьону кытта Кыҥкыйдаһар сыыһа. Күннүк Уурастыырап
монг. олом