Якутские буквы:

Якутский → Якутский

будулу

даҕ. Хойуу туман курдук бутумах, хараҥа. Мутный, тусклый, как густой туман
Үрдүк булгунньах чабырҕайыгар турар киһи Ийэ сирин хара будулу халлааныгар үөмэхтэһэр былыттар кыа хаан сардаҥаларынан кыыспыттарын көрөн турбахтаабыт. Софр. Данилов

будул

  1. аат., поэт.
  2. Сырдыгы мэһэйдиир туох эмэ хараҥа бутумах, тумарык. Какая-л. муть (напр., в виде облака, тумана), нависшая на небе, в воздухе
    Оттон сөмөлүөт ааллара Отой өтөр көппөт буолбут: Дохсун буурҕа, туман будул Дьокуускайы тууйа кууспут. Күннүк Уурастыырап
    2
    көр будулҕан. Суостаах охсуһуу будулугар Сураҕа суох кини сүппүтэ. Сүппүтэ байҕал далайыгар Тааһы бырахпыт кэриэтэ. М. Ефимов
  3. даҕ. суолт. Хойуу туман курдук бутумах, хараҥа. Мутный, тусклый, как густой туман
    Мин кынаттаах атым көтөр Будул былыт уҥуоругар, Чуордук кистиэ, баҕар, өтөр Ый туналҕан толоонугар. И. Гоголев
    Хапытаал хаайыытыгар Хараҕа аһыллыбатах Хараҥа дьон хараҕар Туох дуоһунас Туора көстүбэтэй? Хайа комиссар Хараҕы аалбатай? Бу будул туман буруо Бука сотору сүтүө. П. Ойуунускай
    Бүдүк-бадык, хараҥа. Сумрачный, малоосвещенный
    Чуоҕур күннээх, чуоҕур ыйдаах, Чуоҕур-буулуур халлааннаах, Муналы будул дойдуга Муна сылдьар курдуга. Күннүк Уурастыырап
    Мин умнуллуоҕум; эн оччоҕо Кэлиэҥ дуо миэхэ, Кэрэ кыыһыам, Ииним буорун үрдүгэр ытыы: «Кини соҕотох миэхэ аныыра, Буурҕа олоҕун будул сырдыгын, Кини миигин таптыыра», — диэн саныы. А. Пушкин (тылб.)

Еще переводы:

будулуйбахтаа

будулуйбахтаа (Якутский → Якутский)

будулуй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Көстөкүүн чэйэ оргуйан өрүтэ будулуйбахтаата. «Кыым»

будулут

будулут (Якутский → Якутский)

будулуй диэнтэн дьаһ
туһ. Буурҕа муораны будулутар, Борохуот күөрэҥнии ытыллар. Эллэй

ньыҥыл

ньыҥыл (Якутский → Якутский)

көр ньыгыл
Сыраллар төлөнтөн паар көтөҕүллэн, Ньыҥыл олгуйга будулла ытыллар. А. Абаҕыыныскай

замутиться

замутиться (Русский → Якутский)

сов. (стать мутным) будулуй.

будулун

будулун (Якутский → Якутский)

будулуй диэнтэн бэй., атын
туһ. Уу хараара будулунна. А. Федоров. Ити түүн будуллар буурҕа ортотугар Володя, үүтээнин көрдөөн …… туундара устун көтүтэ сылдьыбыта. А. Сыромятникова
Өртөн ыла сииги билбэтэх уулусса буора, куорат үрдүнэн будуллан, оргуйа турар. Эрилик Эристиин

будулуҥнаа

будулуҥнаа (Якутский → Якутский)

будулуй диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Хараҥа былытынан сабыллыбыт Балтика халлаана күүстээх тыал быһыта курбуулууруттан араастаан будулуҥнуур, ыдьырыйан ылаыла түүрүллэҥниир. «ХС»

будулус гын

будулус гын (Якутский → Якутский)

будулуй диэнтэн көстө түһүү. Мотя өһүргэһэ сүрүн
Сэрэнэн да сэмэлээри гыннаххына, сонно кыыһыран будулус гына түһэр. «ХС»

дэбиллэҥнээ

дэбиллэҥнээ (Якутский → Якутский)

дэбилий диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Сороҕор, өрүс кытара, Дэбиллэҥнии будуллар, оччоҕо долгун абара, Очуос тааска охсуллар. И. Эртюков

будулус

будулус (Якутский → Якутский)

  1. будулуй диэнтэн холб. туһ. Буурҕа астыбатаҕа, хаар бөдөҥ кыырпахтара өрө-таҥнары будулуһаллара
  2. Тугу эмэ астаан-күөстээн уоту кытта булкус, тирит-хорут эбэтэр тугу эмэ тиритэ-хорута оҥор. Копошиться и потеть, жариться у огня, приготовляя пищу, или биться в поту над чем-л.
    Балачча өр астаан будулустубут уонна дьэ аһылыкпытын «күөх остуолга», ол аата күөх окко, тардан кээстибит. И. Данилов
бурулҕан

бурулҕан (Якутский → Якутский)

аат. Дохсун сүүрүктээх уу эргичийэ, ытылла сытар сирэ (хол., өрүскэ, үрэххэ). Водоворот
Үөһүнэн эргийэн харбаан тахсаары, Афоня, били ытылла, оргуйа сытар бурулҕаҥҥа тартаран, тула холоруктаан эргийбитинэн барда. Дьүөгэ Ааныстыырап
Урут дириҥ аппа баар сиригэр улахан бурулҕан, уһаат айаҕын курдук аҥайан, халдьыгырыы, бурулуҥнуу сытара көһүннэ. А. Федоров. Чалым уу бастакы тымныыга Тааһыран чакыччы тоҥуоҕа, Бурулҕан ахсынньы да ыйга Бу мөхсө, будулла сытыаҕа. Айталын