нареч. 1) переломив, сломав; булгу ту= переломить; маһы булгу тут= переломить палку; булгу эрий = свернуть (напр. ручку чего-л., шею птице); булгу оҕус = перебить, разбить ударом; 2) см. булгуччу 1; сарсын булгу кэл завтра приходи непременно.
Якутский → Русский
булгу
Якутский → Якутский
булгу
- көр булгуччу. Кини тугу эппитэ барыта булгу туолан иһиэхтээх. Болот Боотур
Дьону үлэҕэ булгу кэлиҥ диэн гудок хаһыытаабыта. М. Горькай (тылб.) - Олох быһа баран тостор курдук, олох тосту (туох эмэ модьу, кытаанах тостуутугар этиллэр). ☉ Так, чтобы сломалось совсем, оторвалось напрочь (употр. в отношении чего-л. твердого и нетонкого)
От-мас чоҥкуйа кырыарар, мутук булгу тоҥор, икки атахтаах дьиэттэн быкпат үлүгэрэ буолар. Н. Якутскай
Кыайбыт бухатыыр …… Нуоҕай алаас Уҥуоргу өттүгэр турар Оруктаах тиит төбөтүн Булгу ытан түһэрдэ. С. Зверев
[Күлүүһү] икки илиитинэн бобо тутан баран, булгу эрийэн кэбистэ. Эрилик Эристиин
Үрдүк өһүөнү, Сомоҕо баҕананы Булгу туойар, Тосту этэр Туһааннаах күнүм Чуоҕуйан тахсан кэллэ дии! С. Зверев
Булгу баран хаалла, бэйэм да соһуйдум. Н. Заболоцкай
Көрбүтэ — инники хаҥас көлүөһэлэригэр баар «эрбэх» диэн ааттанааччы чааһа булгу ыстанан хаалбыт. «Кыым» - кэпс. Туох да саарбаҕа суох, олох, букатын (аккаастан). ☉ Категорически, наотрез (отказаться). Барбаппын диэн булгу аккаастанар
◊ Булгу баттаа — күүскүнэн эбэтэр бүтүн ыйааһыҥҥынан баттаан олох быһа барарын курдук тоһут. ☉ Навалившись, надавив своей тяжестью, переломить что-л. (напр., какой-л. стержень, ось и т. п.). Туох эмэ тутааҕын булгу баттаа. Төһүүнү булгу баттаа. Булгу оҕус (дайбаа, саай) • охсон олох быһа барарын курдук тоһут. ☉ Ударом совсем сломать, переломить что-л. Тыһы эһэ батыһыннара сылдьар үнүгэһин куһаҕан киҥнээх атыыр эһэ сиһин булгу охсор. И. Гоголев
[Эһэ] булчут батыйатын сулбу тардан ылан, охсон көрбүтүн туора садьыйан булгу дайбаабыта. Далан. Булгу сөрөө — түҥнэри тарт, охтор. ☉ С силой опрокинуть, повалить (напр., дерево, человека)
Ок-сиэ, чиргэл да маһы Буурҕа булгу сөрөөбүт. Баал Хабырыыс
Амыр Бааската, саалаҕа көтөн түһээт, Мейер Едлини булгу сөрөөн түһэрдэ. Эрилик Эристиин
Ити кэнниттэн Олоннов ротата өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн булгу сөрүөхтээҕэ. И. Федосеев. Булгу тарт — тардан олох быһа барар курдук тоһут. ☉ Дернуть так, чтобы переломить что-л. Аан хатыырын булгу тарт. Булгу тут — илиигинэн тутан олох быһа барар курдук тоһут. ☉ Сломать, переломить, надломить что-л. (свернуть рукой)
Наһаар, хамсатын чубуугун булгу тутан, тостубутун сиргэ бырахта. Суорун Омоллоон
Еще переводы: