Якутские буквы:

Якутский → Якутский

быгылах

аат., кэпс. Оллур-боллур ньуурдаах сиргэ чочоруһан турар боллохтор, быллаардар. Небольшие бугорки на неровной поверхности
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт, Бадараан саҕатын аайы Барылас бараах буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй


Еще переводы:

былдьырыыт

былдьырыыт (Якутский → Якутский)

аат., зоол. Күрэҥниҥи бороҥ дьүһүннээх, синньигэс кэдэгэрдиҥи тумустаах, араҕас атахтаах чөкчөҥө көрүҥэ. Дулҕалаах, бадарааннаах сиргэ олохсуйар. Кулик; бекас сибирский
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Микиитэлээх Өлөксөй алаас ууларын бадарааныгар …… былдьырыыты бултууллар. Амма Аччыгыйа

бырылас

бырылас (Якутский → Якутский)

даҕ. Олус хойуу, быыһаарда суох буолан көстөр; элбэх халыҥ үөрдээх (хол., үөр көтөр, сүөһү туһунан). Многочисленный (напр., о стае мелких птиц, стаде скота)
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт, Бадараан саҕатын аайы Барылас бараах буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Быдан барбыт бырылас сылгылаахтар, бырах барбыт бырылас ынахтаахтар бу дьон. ПЭК ОНЛЯ I

барылас

барылас (Якутский → Якутский)

I
барылаа диэнтэн холб. туһ. Байҕал уута барыласпыт, Муора уута булкуспут, Тоҥмут ирбит, отут уорҕалаах Модун дьыл уларыйбыт
Саха фольк. Сэрииһиттэр тыынан сиэтэн харбатан иһэр аттара тыбыыран барыластылар. Амма Аччыгыйа
Сүүрбэччэ үөрдээх моонньоҕоттор …… мин баарбар соччо кыһамматылар быһыылаах. Чугаспар түһэн барыластылар. И. Сосин
II
даҕ.
1. Биир күдьүстүк, улаханнык харылыы тыаһыыр (хол., уу тыаһа). Производящий беспрерывный шум, рокот (напр., о воде)
Барылас долгуннар Күннэри-түүннэри Күүгэннии көттүлэр. С. Данилов
Барылас байҕалы барытын оборуох ол улуу дьаалыларга арай остуоруйа Чурумчукута чугаһаа ини. С. Федотов
Барылас балкыыр үрдүнэн кытыл чээл күөҕэ кэчигирэс истиэнэ буолан көстөр. В. Катаев (тылб.)
2. Элбэх буолан кэчигирээбит, үөмэхтэспит, ыксаласпыт, түмсүбүт. Сосредоточившиеся в одном месте (в большом количестве)
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт, Бадараан саҕатын аайы Барылас бараах буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бадарааҥҥа сахсаҥнас Бараах үөрэ барылас. В. Чиряев