Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэйэкэтэ

көр бэйэтэ
Арыт хамсабын уоба сылдьан көрдөөн, арыт бултуу сылдьан саабын умнан, дьоҥҥо элбэхтик күлүүгэ барбыт бэйэкэм. С. Никифоров
Тайах курдук тамаһыйа сиэлэр, бөрө курдук субуруйа сүүрэр ааттаах аттарынан сылдьыталаабыт бэйэкэтин биллэрдэ. Амма Аччыгыйа
Олоҕу таптаабыт аххан бэйэкэм, Олоххо отойун талаһыам суоҕа баар. С. Данилов
Сүүрэр-көтөр да бэйэкэм бу айылаах буолан хааллаҕым. Эрилик Эристиин

бэйэкэтэ буоллаҕа

көр бэйэтэ буоллаҕа
Кыыһырыах, хоргутуох бэйэкэтэ буоллаҕа. Амма Аччыгыйа
Эмиэ үүнэ-тэһиинэ, иҥэһэтэ эҥинэ суох айанныах бэйэкэм буоллаҕа. Н. Заболоцкай
Мин эмиэ итиннэ киирдэхпинэ, көҥүл сылдьарым бүтэн, наар хамаанда, бирикээс илиитигэр киириэх бэйэкэм буоллаҕа дуу диэх курдук санаабытым. Г. Колесов

бэйэкэтэ дуу

көр бэйэтэ дуу
Кэпсээни истибэтэх бэйэкэтэ дуу? Н. Заболоцкай
Атын оонньууну билбэт бэйэкэлэрэ дуу? П. Ойуунускай
Чэ, эбэтэр, чугастыы ыллахха, маннааҕы үлэһиттэрэ даҕаны төһө наадалааҕын кыайан өйдөөбөт бэйэкэлэрэ дуу, тугуй? Г. Колесов
Ардыгар суланыы дэгэттэнэр. Иногда имеет оттенок сетования
Бу, акаары, бачча кырдьан бараммын, ити Бассабыык Баһылайы …… иннин ылыам диэн санаа санаммыт бэйэкэм дуо?! П. Ойуунускай
Саха сиригэр сатаан саһыллыа суох бэйэкэтэ буолуо дуо? Күндэ


Еще переводы:

кынтайаахтаа

кынтайаахтаа (Якутский → Якутский)

кынтай диэнтэн аччат. Иҥнэрэ тэтэрэ кыыһаахтаан Тоҕо баҕас кэрэкэтэй! Көрүҥэүскэлэ кынтайаахтаан Тоҕо баҕас көнөкөтөй! С. Васильев. Кырасыабай бэйэкэҥ [дьуолка] Кынтайаахтыы лаглайан, Күндү алмаас өҥүнэн Күлүмүрдүү тураҕын. Г. Данилов

бэйэкэтэй

бэйэкэтэй (Якутский → Якутский)

көр бэйэтэй
Иван Иванович итинник быһыыланар сыыһатын хайдах өйдөөбөт бэйэкэтэй? Софр. Данилов
Тоҕо урут, доҕоччугуом, Таба көрбөтөх бэйэкэбиний? П. Тобуруокап
Бээ эрэ, ол хайдах тус-туһунан ыаллар кыттыһан, сүөһүбүтүнаспытын бииргэ холбоон, тугу-тугу үлэлээн-хамсаан, аһаан-сиэн сатаан олоруох бэйэкэбитий? Г. Колесов

соҥуй

соҥуй (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Туох эмэ куһаҕантан улаханнык соһуйбут, хом түспүт дьүһүннэн. Иметь скорбный, опечаленный, горестный вид, печалиться, скорбеть, грустить. [Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын! Аай-аайбын! Ытаабатах бэйэкэм Ытаахтыы олордоҕум, соҥуйбатах бэйэкэм Сордонон эрдэҕим… П. Ойуунускай
Кини биир улахан артыыс көмүллүүтүгэр сылдьан баран сүрдээҕин соҥуйан, санаарҕаан иһэрин көрсүбүтүм. Н. Габышев
Арыт киһи кыраттан соҥуйар, сүөм түһэр. Баал Хабырыыс
ср. тюрк. йоҕ ‘печаль’

аҥаарыма

аҥаарыма (Якутский → Якутский)

көр аарыма
Аҥаарыма атыыр илэ бэйэкэтэ эбит. Амма Аччыгыйа
Биэс миинэр миҥэ, Алта аҥаарыма атыыр, Сэттэ тиһэх тиҥэһэ, Уон улахан оҕус. Саха фольк. Ааккасуолга сураҕырар Аҥаарыма ааттаахтарын Кыраман айан кырыппыт Кырдьаҕас аар хотойдоро Саар уйаларыттан, Саҥа тэспит оҕолоро. И. Эртюков

боччой

боччой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Кыра гынан баран төгүрүктүҥү толору дьүһүннэнэн көһүн (хол., кыра оҕо сирэйин дьүһүннээн этэргэ). Иметь довольно полный (выпуклый) вид, будучи кругловатым и небольшим (напр., о лице маленького ребенка)
Мин кинини маннык дьүһүннээх диэн өйдөөбөппүн. Нэккэ сууламмыт быыкайкаан бэйэкэтэ боччойбут кып-кыһыл сирэйдээҕэ. П. Аввакумов

ибигирээмэхтээ

ибигирээмэхтээ (Якутский → Якутский)

ибигирээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тумсунан ыырааҕын быыһын ыраастанан дуу, тыҥыраҕынан кулгааҕын кулугутун хастынан дуу, биир кыымах кур түү саҕа бэйэкэтэ ибигирээмэхтээн ылла. Амма Аччыгыйа
«Мин оҕобун аһыммат үһүбүн!»- диэн уоһа ибигирээмэхтээтэ. М. Доҕордуурап
Оҕонньор күлэн сэһигирэппитигэр, аллараа бытыга ибигирээмэхтээн ылла. М. Доҕордуурап

сыбыктаа

сыбыктаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Өтөрөтөр, төттөрү-таары киир-таҕыс. Часто выходить и заходить, ходить взад-вперёд
Өрөпкүөм чилиэнэ Сэмэнчик Дьоннорун ыҥыртаан аҕалла. Бу кэлэн түүннэри мунньахтаан Элбэҕи быһаарар буолбуттар. Ол иһин дьиэ дьиэттэн сыбыктаан Солуну истээри турбуттар. Эрилик Эристиин
Эйиэхэ наада буоллаҕына, Ардахта ыҥыран чулуктаа! Манна бурдук бустаҕына, Сүүр-көт, сыбыктаа! С. Васильев
Кутуйаҕыҥ даҕаны хорҕойоро хаар анна, онон хороонугар сыбыктаабыт бэйэкэтэ. ПИС СТС

умнуган

умнуган (Якутский → Якутский)

даҕ. Болҕомтото суох, дьалаҕай, билбитин-көрбүтүн өйүгэр туппат. Забывчивый, рассеянный
[Оҕонньор:] Бэйэм аатырбыт умнуган киһибин. Арыт хамсабын уоба сылдьан көрдөөн, арыт бултуу сылдьан саабын умнан, дьоҥҥо элбэхтик күлүүгэ барбыт бэйэкэм. С. Никифоров
Киһи сааһырдаҕына умнуган буолар дииллэрэ кырдьык эбит. ДНС РБ

чымаан

чымаан (Якутский → Якутский)

даҕ. Кытаанах, тыйыс (хол., айылҕа усулуобуйатын эбэтэр охсуһууну этэргэ); күүстээх (хол., тымныыны этэргэ). Суровый, жестокий, безжалостный (напр., о битве); сильный, крепкий (напр., о морозах)
Бу айылаах …… таас хайалар быыстарыгар дьон ханан …… сылдьыах бэйэкэлэрэй диэн киһи бэркиһиэн, дьулайыан курдук тыйыс, чымаан. П. Аввакумов
[Саллааттары] өссө ордук чымаан кыргыһыылар күүтэллэрэ. «ХС»
Бытарҕан тымныы тостон, чымаан дьыбар бүтэн сааскы күн күлүмүрдүү көрдөҕө. «Кыым»

сордон

сордон (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Сору көр, эрэйикыһалҕаны бил. Страдать, мучиться, терзаться
[Туйаарыма Куо:] Ыый-ыыйбын! Аай-аайбын! Ытаабатах бэйэкэм Ытаахтыы олордоҕум, Соҥуйбатах бэйэкэм Сордонон эрдэҕим. П. Ойуунускай
[Маайа:] Мин сордоох сааһым тухары сордонон сылдьыам буоллаҕа. А. Софронов
Эйиэхэ туох буолуой атын дьон сордоноллоро, эйиэхэ туох буолуой атын дьон аччык сылдьаллара. С. Ефремов
2. Күүскүн, сыраҕын биэрэн туран тугу эмэ гын, оҥор. Делать что-л., прилагая большие усилия
— Хайа, милииссийэҕэ дьону хомуйар туһунан туох үлэни ыыттыҥ? — Тойонуом, сордоно сатаатым да, олох буолбаттар. М. Доҕордуурап
Сороҕор төһө да үлэлээ, сордон, айаххар үгүөрүтүк тиийэр аһы ылбаккын. А. Фёдоров
Тыый, тукаам, ол баччаҕа дылы иитэн сордонон баран, биир ынахпытын атыылаан кэбиһэрбит сүрэ бэрт буоллаҕа дии. МНН
хак. сортан, кум. чортан