биэр диэнтэн дьаһ
туһ. Хайаан даҕаны эһиэхэ саппаас баар буолуохтаах, саатар онтон бэрдэрэргэ көрдөһөбүн. А. Софронов
[Уһун Сэмэн:] Нэһилиэк сууттара Ньукулай оҕонньорго дьаам сүүрдэригэр ыалтан биэстии буут оту хомуттаран бэрдэрэллэр. Күндэ
[Бакыыһа кинээс:] Нохоо! Дьэрбэҥээ! Кэл, бу тойонуҥ, кырдьаҕаһыҥ арыгы бэрдэрэр. [Түүнүкү Көстөкүүн (уоһун кытта):] Бэрдэриминэ, көтөр кынаппытыгар, сүүрэр атахпытыгар. Эрилик Эристиин
♦ Айахха бэрдэр көр айахха астар
Киргиэлэй айахха бэрдэрдэ, мух-мах буолла. Болот Боотур
Ах бэрдэр көр ах I. Буут бэрдэр көр буут биэр. Эһэм куттанан, солуурчаҕын түҥнэри тэбээт, буут бэрдэрбит. А. Федоров. Пехота ыстанна. Биһиги эмиэ хоҥуннубут. Өстөөх субу аҕай буут бэрдэрбит окуопаларыгар тиийдибит. Н. Кондаков
Бүөлүү бэрдэр — ах бэрдэр; бөтө бэрдэр диэн курдук. «Сылдьыбыт сырыым бу баар. Анараа суут кыһанарга дылы да, ити кыладыапсыктара! — бүөлүү бэрдэрэн тылын сороҕун эппэтэ. — Онон, чуурбун биэрэммин, тахсаары олоробун». А. Софронов
Эргиллэн баран эрдэҕинэ өйдөөбүтүм Сөдүөрэм эрэйдээх эбит. Бастаан утаа бүөлүү бэрдэрэн хаалан, тугу да сатаан кэпсэппэтим. Эрилик Эристиин
Эмээхсин барытын биирдэ кутан кээспититтэн Дабыыт бүөлүү бэрдэрдэ. У. Нуолур. Мах бэрдэрдэ I — туохтан эмэ соһуйан эмискэ саҥата суох бар. ☉ Замолчать, лишиться дара речи (от неожиданности)
Ийэм мах бэрдэрдэ, онтон: «Кэбиис-кэбис», — ыксаабыттыы, бу соҕуруу ыытан эрэртэн куотардыы, үрүт-үрдүгэр аккаастанна. Далан
Бары суоһар сонунтан мах бэрдэрбиттэр, инникитин кинилэр олохторугар, үлэлэригэр туох хамсааһын, долгуйуу тахсыахтааҕын сабаҕалаабаттар. У. Нуолур
Маҥнай мах бэрдэрбиттэрэ ааһан, кылаабынай инженердэр Айдаарга саба түһүөх курдук гыммыттарын Мылахов тохтотто. Н. Лугинов. Мах бэрдэрдэ II — элбэҕи аһыах курдук эрээри ас элбэҕэр кыайан аһаабата. ☉ У него внезапно пропала охота к еде
Ас элбэҕин көрөн, хайдах эрэ мах бэрдэрэн хаалла. Ас баарыгар киһи айахтаах буолбат эбит. Айталын
Таарыччы ытыйан ылан аҕыйахтык сиэмэхтээтэ да, сотору сөп буолан мах бэрдэрдэ. Тумарча
Муннуга (муоска) бэрдэрдэ көр мурун. [Катя:] Эйигиттэн муннуга бэрдэрбитэ саамай сөп. Кэһэйдин. Ханна да барыа суоҕа, син биир миэхэ кэлиэ. С. Ефремов
Ырыаһыт буолаары Ымыһан көрөн баран, Үҥкүүнэн эмиэ Үлүһүйэн иһэн, Муусукаҕа булкуллан, «Муннуга бэрдэрдэ». Р. Баҕатаайыскай
[Захар:] Кэпсээн суох. Бу диэки сылдьабын. Эн оҕонньоргуттан муоска бэрдэрэн олоробун. С. Ефремов
Сирэйгэ бэрдэрдэ көр сирэй. Маайака бу суруктан сирэйгэ бэрдэрдэ. С. Федотов. Сыыһа бэрдэр — туох эмэ алҕаһы оҥор. ☉ Совершать оплошность, ошибаться; давать маху
Оннук... Сыыһа бэрдэрэн, Ол мин... Ити киирэн биэрдим: Сэмэй, көрсүө кыыс диэн, алҕас Сибикилээн иэдэйдим. Күннүк Уурастыырап. Тилэх бэрдэр — тилэххэ оҕустарбыт киһи курдук, оҕун, суулун; өрүттүбэт гына суулун, эһин. ☉ Внезапно падать, свалиться с ног; быть низложенным, уничтоженным
[Саһыл ойуун — Оруос Баайга:] Эн бэйэҥ билэн олороҕун — Эрэллээх-эҕэрдэлээх эргэ үйэбит Тиэрэ тэптэрэр, тилэх бэрдэрэр Тиксиилээх күчүмэҕэй күнэ кэлбитин... П. Ойуунускай. Тоскун (тос мааскаҕын, тоһун) бэрдэр — буруйга-сэмэҕэ түбэһиннэр, улахан буруйу-сэмэни, кэһэлтэни сүктэр. ☉ Угрожать жалобой кому-л. с целью проучить, наказать за проступок
Хотуой, алыс дьэргэйэн эрэҕин, бэйиккэй, дьоҥҥор этэн тоскун бэрдэрэрим буолуо. Амма Аччыгыйа
«Тойоҥҥо тыллаан Тос мааскаҕын бэрдэриэм ээ, Торҕону», — дии-дии Кытыйа иитин Кырыйа көттө. Күн Дьирибинэ
Бастаан утаа Тутатына тыллаан, Тураах түөкүнү Тоһун бэрдэрэргэ Толкуйдаан ылла. П. Тобуруокап
Уоска бэрдэрбит (оҕустарбыт) курдук көр уос. Дьон өйүнсанаатын үлэнэн уһугуннаран баран, биир-икки оҕонньор этиититтэн, уоска бэрдэрбит курдук, уурайан хаалар сыыһа. М. Доҕордуурап
Максим, уоска бэрдэрбит курдук тохтуу түһээт, сүрдээх хомойбут куолаһынан хардарда. Н. Лугинов
Уоска бэрдэрдэ көр уос. [Дьэллиикэп Дьэкиим:] Дьэ, суох! Төттөрү түһэр санаам суох. Эн тылыҥөһүҥ кытаанаҕыттан соһуйаммын, уоска бэрдэрэн олоробун. П. Ойуунускай
Ити кырдьаҕас киһи хоргуппут куолаһынан эппит тылларыттан Аласов уоска бэрдэрэ түстэ. Софр. Данилов
Якутский → Якутский
бэрдэр
Еще переводы: