Якутские буквы:

Якутский → Русский

бүргэс

1) шило; 2) диал. боевая стрела с шилообразным наконечником # иннэ-бүргэс-сүүтүк, куобах! детская игра иголка-шило-напёрсток, прыг!

иннэ-бүргэс

мелкие колющие инструменты (шило, иглы и т. п.).

Якутский → Английский

бүргэс

n. awl, augur, brace and bit

Якутский → Якутский

бүргэс

аат. Укка олордуллубут дьөлүтэ анньан үүттүүргэ аналлаах тимир тэрил. Шило
Онуоха Оноҕочоон Чоохоон, хабахтаах хааны ылан, били удаҕанын моонньугар баайбыт уонна бэйэтин этэрбэһин тилэҕэр бүргэс тиктибит. СГФ СКТ
Кинилэргэ [тимир үйэ дьонугар] тимир быһахтар, батыйалар, батастар, бүргэстэр, иннэлэр, сүгэлэр, үҥүүлэр уонна охтор төбөлөрө бааллара. БИГ ӨҮөС
Толуу бүргэһинэн тобулбут сирдэригэр Тоһоҕотун уган, тонолуппакка көрөн, Молотуок сэбинэн бокуойа суох Туора-маары охсон тобуойдаан барда. Күн Дьирибинэ
Бүргэс сүүрдэр итэҕ., эргэр. — билгэлээһин көрүҥэ: хобордооххо туойунан төгүрүк оҥороллор, онтон суоллары (хол., байыы, ыарыы о. д. а.) таһаарыллар. Бүргэс угар саптаах иннэни хатаан сабыттан төгүрүк ортотугар туруору тутуллар (хобордооххо тиэрпэккэ), сотору бүргэс биэтэҥнээн барар, ол биэтэҥнээн ханнык суолга сөп түбэһэринэн инники дьылҕаны билиллэр. Вид гадания: на дне сковородки из глины делают маленький кружок, от которого радиально проводят линии — дороги (богатства, болезней и т. п.)
К рукоятке шила привязывают иголку с ниткой. Шило держат за нитку над кружочком и по направлению его колебаний определяют судьбу кого-л.. Холобур маннык билгэлэр баар буолаллар: таҥха иһиллиир, бүргэс сүүрдэр, этэрбэс хаамтарар, кут кутар, таас тардар, уу тоҥорор диэн. А. Софронов
ср. тюрк. бургу бурав ‘сверло’

иннэ-бүргэс

аат. Сытыы уһуктаах бытархай туттар сэптэр. Общее название мелких колющих инструментов (иголка, шило и т. д.)
Күлкэдийбэт, мөлтөөбөт Күтүр күүстэннэрбин, Иннэ-бүргэс буолан Иҥииргэ иҥиннэрбин... А. Софронов
Төһө да кылгаһым-кыараҕаһым иһин, биир иннэни-бүргэһи уорбакка эрэ буорга киирэр баҕалаахпын. Болот Боотур
Иннэ-бүргэс буол - киһини сүгүн сырыттыннарбакка баайса, тутуһа сырыт; тылгынан хадаардаһа, хаарыйа сырыт. Придираться к кому-л.; беспокоить, тревожить кого-л., причинять неудобства кому-л.
Дабыыт Өксүөн киниэхэ иннэбүргэс буолбутуттан олус кыһыйа санаата. «ХС». Иннэ-бүргэс тыл - кыһыылаах-абалаах тыл; киһини хаарыйар хатыылаах тыл. Язвительное слово, колкость
Аанчык уруккутун курдук Эдьиэйэни иннэ-бүргэс тылынан бултаспат буолан хаалбыта. Н. Босиков. Иннэ-бүргэс үрдүгэр олорор (буолар) - туох эрэ буолар диэн дьиксинэ, долгуйа олорор; кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киирэн олорор. соотв. сидеть (быть) как на иголках
Сэмэнчик аһаан бүтүөхтэригэр диэри иннэ-бүргэс үрдүгэр олорор. Н. Якутскай
«Тугу эмэ атыылаһыаҥ буолаарай, дьэ кытаат» диэбиттии көрөн-истэн, олоруох-туруох сирин булбакка иннэ-бүргэс үрдүгэр буола түһэр. «ХС»


Еще переводы:

шило

шило (Русский → Якутский)

сущ
бүргэс

шило

шило (Русский → Якутский)

с. бүргэс; # шила в мешке не утаишь поел, хабах иһигэр бүргэс баппат.

чаачардаах

чаачардаах (Якутский → Русский)

лучковый; чаачардаах эрбии лучковая пила; чаачардаах бүргэс лучковое сверло.

егоза

егоза (Русский → Якутский)

м., ж. разг. ытылба, бүргэс эмэһэ (биир сиргэ түптээн таба олорбот оҕо, киһи).

иголка

иголка (Русский → Якутский)

ж. см. игла; # сидеть как на иголках иннэ (бүргэс) төбөтүгэр олорор курдук буол.

заноза

заноза (Русский → Якутский)

  1. ж. мас киирбитэ; вытащить занозу мас киирбитин таһаар; 2. м., ж. разг. (о человеке) хатыылаах киһи, иннэ-бүргэс киһи.
бүргэстээ

бүргэстээ (Якутский → Якутский)

туохт. Бүргэһинэн үүттээ, дьөлө ас. Протыкать, прокалывать шилом. Бүргэстээн бүрдүргэттэ, Көтөн күрдүргэттэ, Тигэн тирдиргэттэ, Оҕус ииктэтэн, Ойуулаан киирдэ. Саха фольк.

оҕуолат

оҕуолат (Якутский → Якутский)

оҕуолаа диэнтэн дьаһ
туһ. Хараан түүннэргэ бырдах тумса эбии тууһугуран, сытыы иннэ-бүргэс буолан тобулу уулаан, хаан оҕуолатар. Н. Заболоцкай

сүүрдэр

сүүрдэр (Якутский → Якутский)

даҕ. Сүүрүктээх, хайа эмэ диэки сүүрэн түһэр. Текучий, не стоячий (о воде, водоёме)
Хайалар быыстарынааҕы аппаларынан үрэххэ сүүрдэр үрүйэлэр ууларын тыастара чылыгырайан иһиллэр. Г. Колесов
Өрүс, үрэх тахсар күөлүн сүүрдэр уулаах диэн ааттыыллар. МНА ФГ
Бүргэс сүүрдэр көр бүргэс
Холобур, маннык билгэлэр баар буолаллар: таҥха иһиллиир, бүргэс сүүрдэр, этэрбэс хаамтарар, кут кутар, таас тардар, уу тоҥорор диэн. А. Софронов

сурааһыннаа

сурааһыннаа (Якутский → Якутский)

туохт. Сурааһынна оҥор, тарт. Провести линию, черту
Киил маһы харандаас курдук уһуктаан мүлтүгүр төбөлөөх бүргэһинэн сурааһыннаан, тэһитэ анньан ойуу таһаараллара. НБФ-МУу ОТАТ