Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бөгдьөй

дьүһ. туохт. Өрө токуруйан таҕыс, токуруччу бар (киһи-сүөһү көхсүн, арҕаһын этэргэ). Согнуться, сгорбиться, сильно ссутулиться
[Ийэм] баттаҕын дуома арбайбыт, көхсө бөгдьөйбүт, ис иһиттэн күүскэ өрүтэ тыыммахтаан ылла. Н. Заболоцкай. Тэҥн. бөгдөй


Еще переводы:

сгорбиться

сгорбиться (Русский → Якутский)

сов. бөгдьөй, бөкчөйөн хаал.

выгнуться

выгнуться (Русский → Якутский)

сов. иэҕилин, токуруй, бөгдьөй.

горбиться

горбиться (Русский → Якутский)

несов. бөкчөй, бөгдьөй, ньохчой.

бөгдөй

бөгдөй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Өрө токуруйан таҕыс (хол., туох эмэ сиһэ) эбэтэр сискин оннук тутун. Немного согнуться, сгорбиться (напр., о спине) или сгорбить спину. Тэҥн. бөгдьөй

бөгдьөс

бөгдьөс (Якутский → Якутский)

бөгдьөй диэнтэн холб. туһ. Кэм-кэрдии баттаан сиргэ ньимси киирбит эргэ дьиэлэр бөгдьөспүт, хотостубут сарайдарын үрдүнэн тэйиччи соҕус саҥа таас дьиэлэр лаһыгыраһан көстөллөр. Н. Лугинов

бөгдьөт

бөгдьөт (Якутский → Якутский)

бөгдьөй диэнтэн дьаһ
туһ. Ыас хара куоска, кэннин хайыһан, төгүрүк күөхтүҥү араҕас харахтарынан Хабырыыһы атыҥырыы одуулаата, көхсүн бөгдьөтөөт, ньааҕынаата. И. Гоголев