аат. Ууга, сыһыыга тумустаан, чорбойон киирэр сир. ☉ Выступ в водоём, равнину, мыс (обычно горный)
Аарыма тумуллар бүк хоойдоругар …… былыргы дьон уҥуохтара күөрэ-лаҥкы түһэн, адаарыһан көстөллөр. В. Титов
Иинэҕэс, абына-табына тиит мастаах тумулу мүччү түһээт, сырыынньа хайа анныгар тиийэн кэллэ. В. Протодьяконов
Сайылык түптэтин буруота алаас илиҥҥи тумулугар тиийэн анньылла турар. «ХС»
◊ Арыы тумул көр арыы I
Биһиги тиийдибит арыы тумулга, Мотуор тохтоло суох күрбүйэр сиригэр. Л. Попов
Тумул арыы көр арыы I. Арабтар төрөөбүт сирдэрэ Азия соҕуруулуу арҕаа өттүгэр сытар киэҥ Аравийскай тумул арыы этэ. АЕВ ОҮИ
Муоралар сиргэ ыраахха диэри тоҕойдоон киирэннэр, элбэх тумул арыылары …… үөскэтэллэр. СПН СЧГ
ср. тюрк. томалыш ‘округлый выступ’