несов. 1.(предсказывать) сэрэбиэйдээ; 2. (предполагать) таай, сэрэй; # гадать на кофейной гуще таайа сатаа, олоҕо суох сабаҕалаа.
Русский → Якутский
гадать
Еще переводы:
барыһыайдаа= (Якутский → Русский)
разг. ворожить, гадать.
таҥхалаа= (Якутский → Русский)
уст. гадать на святках (см. таҥха ).
түөрэхтэн= (Якутский → Русский)
страд. от түөрэхтээ=; сүүрэн түөрэхтэн = скакать, вскидывая задние ноги (о животном). түөрэхтэт = побуд. от түөрэхтээ=. түөрэхтэтэлээ= многокр. от түөрэхтээ=. түөрэхтээ= 1) уст. гадать (подбрасывая какой-л. предмет; см. түөрэх ); 2) перен. разг. опрокидывать, валить кого-что-л.; кини бастыҥ тустуугу түөрэхтээтэ он повалил лучшего борца.
сэрэбиэйдээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Хаартынан таһааран таайан көр, сылыктаан быһаар. ☉ Гадать, ворожить (на картах)
Маарыйа, элбэх тыллаах дьахтар, хаартынан сэрэбиэйдиир. Пьесалар-1956. Таро хаартыта олох атын истииллээх хаарты, таронан хаһан да сэрэбиэйдээбэппин. ТТ
— Хаартынан сэрэбиэйдиириҥ таһынан өссө тугунан дьарыктанаргын ордороҕун? «ХС»
2. Билгэлээ, таайан көр (хол., уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр). ☉ Гадать, предсказывать с помощью разных приёмов будущее, открывать прошлое
Ороһуоспа түүн хайдах сэрэбиэйдиир, таҥхалыыр туһунан сүбэлэһии, сипсиһии бөҕө буоллулар. И. Гоголев
Сүөкүлэ иккистээн сэрэбиэйдээри эмиэ иҥиир утахтары хатаары оҥостор. Н. Якутскай
Сэрэбиэйдиир киһи, бу дьыала мээнэ оонньуу буолбатаҕын умнуо суохтаах, сиэритуому тутуһуохтаах. «Кыым»
бараһыайдаа (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс. Туох эмэ (хол., хаарты) көмөтүнэн инникини билгэлээ, көрүүлэн. ☉ Ворожить, гадать
Оҕолор дьиэлэригэр кэлэн сэлиэнэйдээх ууга биһилэҕи түһэрэн, олох маска бүргэһи сүүрдэн эҥин бараһыайдыы сатыыллар. Софр. Данилов
Тима сөмүйэтин сөмүйэтигэр анньан бараһыайдыыр. И. Гоголев
Биир эмээхсин таас кыырпаҕынан бараһыайдаан Маннык диэн мин дьылҕабын таайан турардаах: «Инники сыалыҥ эриэккэс эрээри, Элбэхтэрэ бэрт эбит өстөөхтөрүҥ». Р. Гамзатов (тылб.)
таҥхалаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдэн. ☉ Гадать на святках
Ороһуоспа түүн хайдах сэрэбиэйдиир, таҥхалыыр туһунан сүбэлэһии-сипсиһии бөҕө буоллулар. И. Гоголев
Былыр дьон таҥхалыыбыт диэн сүллүүкүн иһиллии ойбоҥҥо, иччитэх дьиэлэргэ баар буолаллара. В. Кондаков
2. кэпс. Туох эмэ буолуохтааҕы бүтэйдии таайан эт, билгэлээ. ☉ Предсказывать, предвещать что-л. «Быйыл ардахтаах дьыл буолара буолуо, кус түөһүн уҥуоҕа хааннаах», — кус атыылааччы саха таах туруохтааҕар күнү-дьылы таҥхалыыр. И. Гоголев
«Сарсын куобаҕы арай “пөс” гына тэптэххэ эрэ турара буолуо, барбах, хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии сытар күнэ иһэр», — диэн таҥхалааммыт, …… сарсыарда эрдэттэн куобахтыы барарга болдьостубут. Р. Кулаковскай
сутуй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Туох эмэ ыарыыны тарҕат, элбэх киһиэхэ сыһыар. ☉ Заражать кого-л. болезнью
Биир модьууннаах куобах тумара куобаҕын барытын сутуйар. И. Гоголев
Кыыс атаҕын ыарыытын көрөөт, кэннинэн чинэккэлээбитэ, төбөтүн булкуйа-булкуйа: «Алдьархай, кыыһы түргэнник туспа олордуохха. Дьону сутуйуоҕа», — диэбитэ. Ф. Софронов
Кумахы мөлүйүөнүнэн дьону, ордук хото итии дойдулар олохтоохторун, сутуйар. ББЕ З
2. көсп. Туох эмэ куһаҕан дьаллыкка угуй, кучуй. ☉ Склонять к плохим привычкам, совращать, вовлекать во что-л. дурное
— Уорууну төрдүттэн эһээри гынар буоллахпытына, оннук дьону төрдүттэн мэлитэргэ эрэ тиийэбит. — Хайыаххыный? Инньэ гымматаххына, ол түөкүнүҥ атыны сутуйуо дии. Н. Лугинов
Арыгы баҕайы сут ыарыы буолан сутуйара кэҥээн, аҕалар алдьархайа араас көрүҥнэрэ үөскээн иһэр буоллаҕа. И. Семёнов
Ымсыы, барыһымсах, иҥсэ санаа дьону сутуйар, буортулуур. КНЗ ТС
ср. бур. зутар ‘пачкаться чем-л., загрязняться; попадать в скверную историю, в беду’, зутарааха ‘гадать’
сэрэбиэй (Якутский → Якутский)
аат.
1. Туох эрэ биллибэти, киһиэхэ туох эмэ төһө табыллыаҕын хаартынан таайан көрүү. ☉ Жребий, гадание (на картах)
Дьиэлээх Кулуутап талах олох маска олорон сэрэбиэй кэбиһэр. Амма Аччыгыйа
Бэйэбин хаарты хаһаайкатын курдук сананабын, хаарты миэхэ бас бэринэр, ол эрээри мин кинини сэрэбиэйгэ эрэ туттабын. ТТ
[Белокуров:] Мин былыр тойонноох олорбут эргэ дьиэлэригэр олорбутум, …… биир остуол баарыгар хаартынан сэрэбиэй быраҕарым. А. Чехов (тылб.)
2. Билгэлээһин, таайан көрүү (уруккуну-хойуккуну, инникини, сүнньүнэн, туох эрэ биллибэти, хол., таҥха кэмигэр). ☉ Гадание, ворожба, предсказание судьбы (напр., во время традиционно сложившегося в народе саха обычая гадать во время святок — таҥха). Арчы дьиэтигэр таҥха кэмигэр сэрэбиэй арааһа ыытыллар
□ Суодьаах ойуун сэрэбиэй кэбиһэрэ, ичээмсийэрэ. В. Протодьяконов
Кини эдьиийбэр сэрэбиэй түһэрдэ: «Илин Хаҥалас киһитигэр эргэ тахсыыһыгын». «Чолбон»
Ахсынньы ороһооспо Биир кириһиэнньэ киэһэҕэ Сэрэбиэй кэбиһэннэр, Кыргыттар бачыыҥкаларын Аан таһыгар элиттилэр. ТГС ЫА
3. Кимиэхэ туох тиксэрин көрбөккө бүтэйдии талан быһаарсыы. ☉ Жребий (путём вынимания наугад условного предмета)
Ньургун Кырбааһап мааҕын сарсыарда сэрэбиэй тартарбыттарыгар сэттис нүөмэри таһаарбыта. Н. Лугинов
Сэрэбиэй аан бастакынан саамай күүстээх хамаандалары көрсүһүннэртээтэ. «ББ»
Күрэхтэһии саҕаламмыта, маҥнайгы эргииргэ сэрэбиэй обургу, болдьообут курдук, Пётр Попову кытта түбэһиннэрдэ. СМН ТС
♦ Окко түспүт оҥоруу, сиргэ түс- пүт сэрэбиэй — көр оҥоруу II
Хата, доҕоор, биһигини Ойох-эр буолан олоруҥ диэн Окко түспүт оҥоруубут Уруйдаабыта буолаарай? Сиргэ түспүт сэрэбиэйбит Сиэрдээн тэрийбитэ буолаарай? А. Софронов
Окко түспүт оҥоһуум, Сиргэ түспүт сэрэбиэйим Кэскиллээх кэргэним, Дьоллоох доҕорум! П. Ядрихинскай
русск. жребий
түөрэх (Якутский → Якутский)
аат. Таҥхалыырга, билгэлииргэ туттуллар тээбирин: үөһэ күөрэччи быраҕан, тиэрэ дуу, умса дуу түһэринэн туох эмэ табыллыан эбэтэр табыллыа суоҕун эрдэттэн билэллэр (хол., хамыйах, ойуун былаайаҕа). ☉ Атрибут для гадания (напр., большая ложка или колотушка от бубна): подбрасывая его вверх, получают ответ — если предмет падает открытой стороной вверх, то желаемое сбудется, в противном случае — наоборот
Төлкөлөөх түөрэҕим, Олбоҕум үрдүгэр Олоро түс эрэ. А. Софронов
Күөнэ маҥан түөрэхпит тэхтиргэ тэптэримэ. Болот Боотур
Түөрэх хайаан даҕаны эмэгэттээх өттүнэн түһүөхтээх. ЧАИ СБМИ
♦ Түөрэҕин түҥнэр — ким эмэ дьолун, кэскилин быс. ☉ Лишать кого-л. счастья, будущего
Ол дойду дьонун Төрүүр оҕотун Түөрэҕин бөҕөтүн түҥнэрдилэр, Кэлэр сүөһүтүн Кэскил бөҕөтүн кэҕиннэрдилэр. Күннүк Уурастыырап
Үлэхпин мэлдьэһэн Түөрэхпин түҥнэрэн, Тоҕо эттиҥ: «Бырастыы, Быралҕан бырастыы!» Сүрэхпэр хараастыы. Чэчир-72. Түөрэх кэбиһэр — түөрэҕи быраҕан инникигин билгэлээн көр. ☉ Строить догадки, предположения, гадать
[Лоокуут:] Төһө дьоллоох сир эбитий — Түөрэхтэ кэбиһэн билиэххэ. Суорун Омоллоон
Арыылаах быырпаҕынан күндүлээн-маанылаан баран, мас хамыйаҕынан түөрэх кэбиһэрэ. Г. Угаров
Байанай кырдьаҕас дьороҕоно сотолооҕуттан күндүлээтэ, ойдоох буурунан түөрэх кэбистэ. Кэпсээннэр
ср. монг. төөрөг ‘предопределение, рок, судьба, удача’, хак. төрик ‘возглас присутствующих при бросании шаманом чашки или ложки’
кэбис (Якутский → Якутский)
I
1. туохт.
1. Оттоммут оту биир сиргэ мунньан улахан чиҥ чөмөхтө оҥор. ☉ Стоговать сено
Бардар бараммат киэҥ ходуһаҕа өлгөм оту оттооннор, кэбиһэн үллэтэн кэбиспиттэр. Амма Аччыгыйа
[Ханньалба:] Үрэххэ от кэбиһэ киирэбин, атырдьах уларса кэллим. П. Ойуунускай
Кур оту кэбиһэн эрэрдии Ахсынньы тымныыта сырылыыр. Эрилик Эристиин
2. фольк. Бырах, элит. ☉ Бросать, кидать, метать что-л. Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, суон саалынан мохсуо кэбиһэр (өс хоһ.)
Бии дьон кэлэллэрин, олбуор аһан, тэһиин тутан, олбох кэбиһэн, тоһуйдулар. ПЭК ОНЛЯ VI
Муостаах хара саһыл бэргэһэни кырыытынан кэбиспит. Ньургун Боотур
3. Бараргар бэйэҕин кытта ылыма, хааллар. ☉ Оставить, покинуть, бросить кого-что-л.
Аҕам оҕотоо, тоҕо, тоҕо көһүппэтиҥ, тоҕо миигин соҕотохтуу кэбистиҥ? Суорун Омоллоон
[Царевнаны] Онно, тыаҕа кэбистим, тууйа-бобо кэлгийдим. А. Пушкин (тылб.)
Эн ийэҥ үлэлии бардаҕына эйигин миэхэ кэбиһэн барара. Г. Николаева (тылб.)
△ Тугу эмэ гынаргын хааллар, бырах. ☉ Бросать, оставлять (привычку)
Табахпын кэбистим. Эн эрэн миигин, итэҕэй миигин, Истиҥнээх санаабын этэрбин: Кэлэйэн булбут «кэдэрги киҥмин» Кэбиһиэм диэммин, тыл биэрэбин. Күннүк Уурастыырап
△ үрд. Кэннигэр хааллар (кэс тылы, кэриэһи). ☉ Оставить после себя (завещание)
Санаарҕаамаҥ: кэбиспит кэриэскит Сата тыалга ыстарбата. Эллэй
Ол киэһэ Тиийбитим, Тиит Маһым, Эйиэхэ Кэс тылбын кэбиһэ. П. Тобуруокап
4. Кэмин иннинэ итэҕэс оҕону төрөт (кыыл, сүөһү туһунан). ☉ Выкидывать (плод); рожать недоношенного (детеныша — о животных)
Аһаах оттон биэлэр кулун кэбиһиэхтэрэ. Л. Габышев
Оҕо кэбиспит кырса аһаабат. АВЛ ГСФ
Дьүүкэрбит табалар үксүгэр тугут кэбиһэллэр, Оҕолоро хойуккааҥҥа диэри мөлтөх, аһаах уонна ыарыыга ылларымтыа буолаллар. ВВ ЫСЫ
5. Тугу эмэ таай, билгэлээ. ☉ Гадать (на картах), раскладывать (карты); предсказывать что-л. Төһө дьоллоох сир эбитий, Түөрэхтэ кэбиһэн, билиэххэ. Суорун Омоллоон
Дьиэлээх Кулуутап, куһаҕан таҥастаах киһи, талах олох маска олорон сэрэбиэй кэбиһэр. Амма Аччыгыйа
6. Кимиэхэ-туохха эмэ анаан биэр, бэрис. ☉ Выделить кому-л. что-л., поделиться чем-л.
Бу да сырыыга айыы таҥара аһынар ини, баай Байанай тугу эмэ кэбиһиэ. Болот Боотур
Эбэ муҥхатыгар өр сылтан сылдьыспыт оҕонньоттор: «Эбэбит быйыл даҕаны өлүү кэбиһэн, өттүк харалаан ыытар ини», — диэн бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар ботугураһаллар. «Кыым»
7. түөлбэ. Көөнньөр (чэйи). ☉ Заваривать (чай)
Охоноон ойон туран көлөнү туора тардан, чаанньыгын кытыыга таһааран баран, чэй кэбистэ. «ХС»
2. көмө туохт. суолт. -ан сыһыарыынан бүтэр сыһыат туохтуурга сыстан хайааһын бүтэһиктээхтик оҥоһуллубутун, түмүктэммитин көрдөрөр. ☉ В сочетании с деепричастием на -ан основного глагола означает законченность действия
Сиэн кэбис. Бүтэрэн кэбис. Олорон кэбис. Эдэр киһи таһыттан киирэр айаҕы хатаан кэбистэ. Эрилик Эристиин
Бобров! Билсэн кэбиһиҥ! Амма Аччыгыйа
Үчүгэйдик өйдөөн кэбис. С. Ефремов
◊ Илин-кэлин кэбиһэр көр илин-кэлин
Үрүҥ көмүс бастыҥа, Илин-кэлин кэбиһэр, Халадаайдаах былааччыйа, Хаарыс харсыат кэппиттэр. С. Данилов
Илин-кэлин кэбиһэрэ айгыраан Иэйэхсит хотун илэ кэлбитэ. С. Тарасов
Сото кэбис көр сото. Өлөксөй уол эрбэҕин айаҕар уган баран, сото кэбиһэн, эмээхсини одуулаһан турда. Амма Аччыгыйа
Дыргыччы өтүүктээх бүрүүкэлээх атаҕын үрдүктүк сото кэбиһэн, оргууй биэтэҥнэтэ олордо. Н. Лугинов. Хараххын кэбис — көр, көрө сырыт. ☉ Поглядывать, бросать взгляд
Көр, ол-бу диэки көрөн, харахтара килбэчиҥнэс, ол ыккардыгар, кини диэки харахтарын кэбиһэн ааһаллар. «ХС»
др.-тюрк. кемиш
II
сыһыан т.
1. Саҥарааччы аккаастанарын, сөбүлэспэтин көрдөрөр. ☉ Выражает отказ, несогласие говорящего (нет)
Кэбис, Миитэрэй, эн миигин итиннэ булкуйума. Амма Аччыгыйа
Кэбис, эн ас. Н. Заболоцкай. Кэбис, уурайабын. А. Федоров
2. Ханнык эмэ хайааһыны бопсууну, тохтотууну, этиллибит санааны утарыыны, мэлдьэһиини көрдөрөр. ☉ Выражает возражение говорящего, отрицание им чего-л., имеет запретительное значение (нет, что ты)
Кэбис, муодалаама. Суорун Омоллоон
Кэбиһиҥ, доҕоттоор, эбэбитин Талбабытын ити курдук куһаҕаннык санаамаҥ. Амма Аччыгыйа
Сымыйа! Кэбис! Уоруйахтар буолбатахтар. Эллэй