Якутские буквы:

Якутский → Русский

түөрэх

уст. вид гадания, при к-ром подбрасывают какой-л. предмет; ответ считается утвердительным, если предмет падает открытой или вогнутой стороной кверху, отрицательнымесли наоборот; түөрэх хамыйах гадальная ложка; түөрэх кэбис= бросить что-л. с целью гадания.

Якутский → Якутский

түөрэх

аат. Таҥхалыырга, билгэлииргэ туттуллар тээбирин: үөһэ күөрэччи быраҕан, тиэрэ дуу, умса дуу түһэринэн туох эмэ табыллыан эбэтэр табыллыа суоҕун эрдэттэн билэллэр (хол., хамыйах, ойуун былаайаҕа). Атрибут для гадания (напр., большая ложка или колотушка от бубна): подбрасывая его вверх, получают ответ — если предмет падает открытой стороной вверх, то желаемое сбудется, в противном случае — наоборот
Төлкөлөөх түөрэҕим, Олбоҕум үрдүгэр Олоро түс эрэ. А. Софронов
Күөнэ маҥан түөрэхпит тэхтиргэ тэптэримэ. Болот Боотур
Түөрэх хайаан даҕаны эмэгэттээх өттүнэн түһүөхтээх. ЧАИ СБМИ
Түөрэҕин түҥнэр — ким эмэ дьолун, кэскилин быс. Лишать кого-л. счастья, будущего
Ол дойду дьонун Төрүүр оҕотун Түөрэҕин бөҕөтүн түҥнэрдилэр, Кэлэр сүөһүтүн Кэскил бөҕөтүн кэҕиннэрдилэр. Күннүк Уурастыырап
Үлэхпин мэлдьэһэн Түөрэхпин түҥнэрэн, Тоҕо эттиҥ: «Бырастыы, Быралҕан бырастыы!» Сүрэхпэр хараастыы. Чэчир-72. Түөрэх кэбиһэр — түөрэҕи быраҕан инникигин билгэлээн көр. Строить догадки, предположения, гадать
[Лоокуут:] Төһө дьоллоох сир эбитий — Түөрэхтэ кэбиһэн билиэххэ. Суорун Омоллоон
Арыылаах быырпаҕынан күндүлээн-маанылаан баран, мас хамыйаҕынан түөрэх кэбиһэрэ. Г. Угаров
Байанай кырдьаҕас дьороҕоно сотолооҕуттан күндүлээтэ, ойдоох буурунан түөрэх кэбистэ. Кэпсээннэр
ср. монг. төөрөг ‘предопределение, рок, судьба, удача’, хак. төрик ‘возглас присутствующих при бросании шаманом чашки или ложки’


Еще переводы:

тускун

тускун (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ. Түөрэх. Какой-л. предмет, используемый в гадании, ворожбе (напр., деревянная ложка). Кыргыттар сэрэбиэйдэнэллэригэр мас хамыйаҕы тускун оҥоһуннулар

төлкөлөт

төлкөлөт (Якутский → Якутский)

төлкөлөө диэнтэн дьаһ
туһ. Өнньүөс-Наахара үтүө буоругар Түөрэҕин төлкөлөппүт, Хаарыан эдэр саастаах Хабырыыс Паабылап …… Хайҕаллаах Кыһыл Аармыйаҕа Ханыылаһан барбыта. Саха нар. ыр. III

түөрэхтэн=

түөрэхтэн= (Якутский → Русский)

страд. от түөрэхтээ=; сүүрэн түөрэхтэн = скакать, вскидывая задние ноги (о животном). түөрэхтэт = побуд. от түөрэхтээ=. түөрэхтэтэлээ= многокр. от түөрэхтээ=. түөрэхтээ= 1) уст. гадать (подбрасывая какой-л. предмет; см. түөрэх ); 2) перен. разг. опрокидывать, валить кого-что-л.; кини бастыҥ тустуугу түөрэхтээтэ он повалил лучшего борца.

далаҕай

далаҕай (Якутский → Якутский)

аат., фольк. Олорор сир. Место обитания. Оһоллоох оҕоруктаах Даадар-Дүүдэр оҕонньор Далаҕайын таһыгар [тиийдилэр]. П. Ойуунускай
Эбир <далаҕай> хамыйах көр хамыйах
[Лабыҥха Сүүрүк] сиэллээх эбир далаҕай хамыйаҕынан баһан турар кымыһын ыһыахтаан баран, үс төгүллээн түөрэх кэбиһэр. Саха сэһ. I

төлкө

төлкө (Якутский → Якутский)

аат. Ким эмэ инники анала, кэскилэ, дьылҕата. Судьба, участь, предназначение
Ыра ырааппат, төлкө төннүбэт (өс хоһ.). Биһиги Серго хаһан да мунчаарбытын, санаарҕаабытын, эбэтэр төлкөтүттэн астымматаҕын көрбөтөхпүт. ЯАМ СД
Ылы-чып барбыт кылаастарга үөрэнээччилэр төлкөлөрө: ким тахсара, ким иккис сыл хаалара өссө да быһаарылла турбута. Е. Ильина (тылб.)
Төлкөнү (түөрэҕи) олорт көр олорт
Түөрэххитин түһэрдим, Төлкөҕүтүн олортум. П. Ойуунускай. Төлкөнү төрүттээ көр төрүттээ
ср. тув. төлге ‘жребий’, хак. төлке, кирг. төлгө ‘ворожба, гадание’, алт. төлгө ‘рогатка для определения влажности воздуха’, монг. төлөг ‘знамение’

туску

туску (Якутский → Якутский)

  1. аат., эргэр. Киһи, норуот олоҕун дьоло-соргута, дьоллоох кэскилэ. Благо, благополучие, светлое будущее (человека, народа)
    Андаҕайабын Дьол туоларынан, Туску улаатарынан, Өрөгөй үрдүүрүнэн. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Дьолуҥ тосхойдун, Тускуҥ улааттын, тойон убаай! А. Софронов
    Туску буоллун Туйгун бэркэ. Күннүк Уурастыырап
  2. саҥа алл. суолт. Үөрэр саҥа (түөрэх олорчу түстэҕинэ). Радостный возглас (при падении гадальной ложки открытой, вогнутой стороной кверху)
    Кыдама атырдьах атахтаах аймахтарым, тускуо! ПЭК СЯЯ
    Төлкөлөөх түөнэ маҥан түөрэх, Тэхтиргэ тэптэрэр, Очурга оҕустарар буолаайаҥый. Туску-уо! Өксөкүлээх Өлөксөй
    ср. маньчж. тусху ‘встречная чара вина, подносимая на пирах входящему гостю у дверей зала’
бураллаҥнат

бураллаҥнат (Якутский → Якутский)

бураллаҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. Дьон мустубутун кэннэ миитини Мартын аспыт. Кини өрүкүйэ үүммүт уһун хойуу баттаҕын сааскы тыал бураллаҥнатара. П. Филиппов
Сороҕор түөрэх умса кэлэн түһэрэ. Оччоҕо эбэтэ сонно тута кутасүрэ тостон өссө ордук кырдьыбыт курдук көрүҥнэнэрэ, аастыйбыт баттаҕын тыал холустук бураллаҥнатара, тула бары-барыта тымныйбыт, өстүйбүт курдук буолара. Г. Угаров

күөнэ

күөнэ (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Өлбөөркөй. Тусклый, неяркий
Аал уот иччитэ Күөнэ көҕөччөр, Көмүс ураанньык, Хахай саҕынньах, Хатан Тэмиэрийэ, Алтан баһырҕас, Аан-Уххан тойону …… Амарахсытар астара [арыгы] буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй
«Сындалҕаннаах сырыыбыт сатаныа буоллаҕына, күөнэ маҥан түөрэхпит тэхтиргэ тэптэримэ», — диэт, [Дыгыйа удаҕан] хамыйаҕы күөрэччи быраҕан кыыратта. Болот Боотур

сапсыл-дьүөкэт

сапсыл-дьүөкэт (Якутский → Якутский)

даҕ. Күтүр улахан, кэтит (ойуун былаайаҕын туһунан). Большущий, широкий (о колотушке шамана). Уҥа илиитигэр Улуу тайах кыыл Саннын саҕа Сапсыл-дьүөкэт былаайаҕын Умса туппут Улуу ойуун тахсан: «Хатаҥа чуор туйахтаах Халлаан Хара Маҥаастайа Тыҥата кэҥээн, Тыына уһуо буоллар — Түөрэ төлкө олоро түс!» — диэн Түөрэх кэбиһэн хааллаҕа… П. Ойуунускай

чөллөрүүн

чөллөрүүн (Якутский → Якутский)

даҕ. Туохтан да мэһэйдэппэккэ, көҥүл босхотук сүүрүгүрэр (ханнык эмэ убаҕаһы этэргэ). Текущий, льющийся свободно, без помех (о какой-л. жидкости)
Чөҥөрө чүөмпэ Чөллөрүүн сүөгэй сүүрүктээх, Эмньик тый быарын курдук Эбир дьаҕыл Илгэ быйаҥ эркиннээх, Иитиллибит Ийэ киин дойдукам. Саха нар. ыр. III
Үүт чөллөрүүн уйгу быйаҥы биэрэр үрдүк халлаан үрүҥ айыылара айхалламмыттара — төлкөлөөх түөнэ маҥан түөрэх түҥнэстибэтэҕэ. «Чолбон»