несов. что, разг. 1. (огораживать) күрүөлээ, бүтэйдээ; 2. (говорить вздор) лахсый; # огород городить туһата суохха түбүгүр.
Русский → Якутский
городить
Еще переводы:
чушь (Русский → Якутский)
ж. разг. солуута суох, мээнэ тыл; городить (или нести) чушь солуута суоҕу тыллас.
чепуха (Русский → Якутский)
ж. разг. 1. (глупости, вздор) хойгур, мээнэ тыл, таак быпыы; городить чепуху, нести чепуху хойгуру хэпсээ; 2. (пустяк) дуона су ох, таак, кэпсэл буолбат суол.
ньэмээр (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт., сөбүлээб. Солуута суоҕу кэпсээ да кэпсээ буол. ☉ Долго и нудно городить чепуху
Ойоҕоһуттан ойох көрдөөбүт диэбиккэ дылы, ньэмээрэ турума, …… тохтоо. «ХС»
манаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Тугу эмэ харабыллаа, кэтээ. ☉ Караулить, стеречь, охранять что-л. Пограничниктар эргэ саахта аттыттан хаҥас тумулга диэри кыраныыссаҕа киирэн маныыллар. Н. Якутскай
Ийэ сирбит киэнин Илинарҕаа баһын Кыһыл сэрии мэлдьи Кыраҕытык маныа. Күннүк Уурастыырап
Биһиги дойдубут …… Сэбилэниилээх Күүстэрэ сэбиэскэй дьон эйэлээх олоҕун э р э л л э э х т и к маныыллар. Д. Кустуров
2. Туох эмэ кэлэрин эбэтэр буоларын кэтээ, кими-тугу эмэ күүт. ☉ Караулить, поджидать кого-что-л. — Ул а х а н т ы й а атыр оһуордаах ааннарын Муусука ымсыытыгар үгүстэ маныырым. С. Данилов
— Хайа бу тоҕо суолу манаатыҥ? — Дойдулаатым… Манна миигинэ да суох үөрэниэх кыахтаах дьон нордоох эбиккит, — диэн баран Коля атын сир диэки хайыста. «ХС»
3. Дьиэ сүөһүтүн көр-харай, кэтээн мэччит. ☉ Пасти (скот)
Арай уол алаас уҥуоргу саҕатыгар торбуйаҕын маныы сылдьара. Суорун Омоллоон
Артыал ийэ уонна оҕо табаларын кыһын манаан аһаппыт Балааҕыйа Тихонова кыыс кэллэ. Т. Сметанин
Былырыын Таня олорбут хоһугар Соня баар, кини ынах тары манаан мэччитээччинэн ананна. М. Доҕордуурап
4. Саас-күһүн куһу-хааһы кэтээн бултаа. ☉ Подст ерегать (напр., дичь), выж идать
Дьонум оттоох уолбаларга Миигинэ суох кус маныыллар. С о ф р. Д а н и л о в. Түһэр көтөрү Сааһыт маныырыттан Бүкээк дурда, Бүгэн сиргэ сыһынна. А. Абаҕыыныскай
ср. тув. мана ‘поджидать, подстерегать; ждать’, алт. мана ‘городить, загораживать’, монг. манах, бур. манаха ‘караулить, стеречь’
хой (Якутский → Якутский)
I
даҕ. Ис хоһооно суох, кураанах, дойҕох (тыл-өс туһунан). ☉ Бессодержательный, пустой (о речи)
Дэҥҥэ, ханнык эрэ сир баһыгар, ити курдук этэр, кэпсэтэр ускахтарын дуораана кэлэрэ. Атын, түһээн да көрбөтөх дьоннорун хой дойҕохторо. С. Дадаскинов
[Кириисэ:] Куттаан-куттаан бүтэн баран, Кураанах хой хайҕаллаах, Булгуччу да моһуогуран Бу кыыс сүттэ быһыылаах! «ХС»
♦ Хой баһа — 1) мээнэ, солуута, ис хоһооно суох тыл-өс, санаа-оноо. ☉ Чушь, вздор, ахинея
Хой баһа хоһоон субуллар, дойҕох тойук суккуллар. Л. Попов
Дьэбдьиэ …… олоҕо суоҕу ыралыы, хой баһын саныы сыппыта эмискэ суох буолла. Болот Боотур; 2) олус ыраах. ☉ Очень далеко, на большом расстоянии от кого-чего-л.
Саҥа оҥостуоҕу, хайыһар хаптаһына буолар маһы таастан булбаккын, маска тиийэр хой баһа. Болот Боотур. Хой баһа тыл көр тыл II. Хой баһа тыллаах киһи. Хой баһын (тойугун) туой (тарт, тыл- лас) — мээнэ, туох да олоҕо, сыһыана суоҕу, киһи итэҕэйиэ суоҕун саҥар. ☉ Молоть вздор, городить чепуху
Чэ, хой тойугун тардыаҕыҥ, күн көрүн түһэриэҕиҥ. И. Гоголев
Тыаҕа сатаан сылдьыбат дьон хамсыы түстэллэр эрэ, хой баһын тарда сылдьар буолаллар. Н. Босиков
[Омуннаах уол] Арыт таба этэр, Син түөрдү ылар. Арыт түҥ-таҥ эрдэр Хой баһын туойар. Баал Хабырыыс
Нойоон, эн хой баһын туойаҕын, олоҕу билбэт, хаҥыл буолаҥҥын. «Чолбон»
Тугу эмэ кэпсээтэҕинэ, букатын хой тойугун туойар, көрдөрөн олорон сымыйалыыр. «ЭК»
II
аат. Бараан. ☉ Баран
Таһыттан хара кыыс сибилигин өлөрүллүбүт хой иһин, сулуйуллан кырбаммыт этин икки иһиккэ тутан киллэрдэ. Н. Лугинов
Араас тэбиэн, хой сүөһүлэр ирбэт тоҥ муус дойдуга суохтар. КДьА
Күөх дуолга хой (бараан), сылгы, ынах үөрдэрэ мэччийэллэр. «ХС»
др.-тюрк., тюрк. хой