Якутские буквы:

Якутский → Якутский

даҕан

даҕай диэнтэн бэй. туһ. Даҕанар да тарбаҕын суола суох, үктэнэр да уллуҥаҕын суола биллибэт (тааб.: балык)

Якутский → Русский

даҕан=

возвр. от даҕай =.


Еще переводы:

сиэкэнит

сиэкэнит (Якутский → Якутский)

сиэкэний диэнтэн дьаһ
туһ. [У даҕан дьахтар — Кулун Куллустуурга:] Иэримэ дьиэм иччитэ, Ичээн бэрдэ диэҥҥин, Аҕыс түүлээх бадьыр көмүс Баҕананы сиэкэнитэр буолаайаҕын. ТТИГ КХКК
Сэрии сиэкэниппит хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрии сүдү улахан ыарахаттардааҕа. «Кыым»

сахсылын

сахсылын (Якутский → Якутский)

  1. сахсый диэнтэн атын. туһ. Массыына кэлин көлөһөлөрө суол быллараатыгар өрүтэ көтүөккэлээннэр, кэнники олорооччулар бэргэһэлэрэ уһуллуор диэри сахсылыннылар. П. Аввакумов
  2. Эккирээн, хамсаан өрө-таҥнары сиксилин, илгиэлэн, сахсаҥнаа. Трястись в танце, при ходьбе; подрагивать (напр., о волосах, листьях). Үҥкүүлээн сахсылын
    У даҕан, өрүтэ сахсыллан, күүскэ битийэн, эмиэ «һай-һай!» бөҕөнү түһэрдэ. Болот Боотур
    Ол да буоллар баттыкпар тирэнэн, ыаллыы куорпус диэки тиэтэйэ-саарайа хааман сахсыллабын. С. Никифоров
    Дуняша саҥа кэппит дьэдьэн уга ойуулаах ырбаахытын көрдөрө хостон хоско эрбэгэр баттаҕа сахсыллар. В. Иванов
сайыы

сайыы (Якутский → Якутский)

  1. сай I диэнтэн хай. аата. Сааһын, сайыы түһүүтэ, Күһүн, көччөх көтүүтэ, — Күөстэммиттии эрэнэн, Көлүччэбэр — Эйиэхэ — Көмүс аалыы көтөҕө Сылааһыгар үктэнэн Сыбдыгырыы сүүрэрим. М. Тимофеев
  2. Саас күөл мууһа, хаар уута түһэн, дьөлө дьуххарбыта. Весенняя полынья на озере, образованная талыми водами. Күөлбүтүгэр сайыы таҕыстаҕына, туу угуохпут. Сайыы күөнэҕэ
    Эр дьон субу-субу чугас күөллэртэн талахха тиһиллибит сайыы сордоҥун ат икки өттүгэр, ньидьир курдук, ыҥырдан тахсаллар. Нэртэ
  3. эргэр. Халлаан алын кырыыта, сиксигэ. Нижняя кромка (неба)
    У даҕан дьахтар Ойук былытыгар олорон, Сандаҕаннаах халлааны Сайыытынан көтүтэн Сатараан түһэн истэ. М. Тимофеев-Терёшкин
    [Бухатыыр] дьахтар, иэйикээн иэйиитин иэйэ, туойукаан туойуутун туойа, арҕаа халлаан алын сайыытын диэки баран эрэр саҥата иһиллибит. Эрилик Эристиин
маачаха

маачаха (Якутский → Якутский)

  1. аат. Төрөппүт буолбатах, кииринньэҥ ийэ. Мачеха
    Төһө да, маачахабын дэнэн, Түтүр-татыр буолтун иһин, Дьэбдьиэй муҥнаах даҕан ы Д ь и ҥ э р , таптыыр этэ кыыһын. Күннүк Уурастыырап
    Иккис маачахам мөлбөйбүт толору эттээх-сииннээх, маҥан сирэйдээх, кырыктааҕынан кынчыаттаабыт кыараҕас, ыйаастыгас харахтаах Ылдьаана диэн дьахтар. И. Гоголев
    Оҕо ҕо төрөппүт ийэтэ икки маачахатааҕар ордук. С. Курилов (тылб.)
  2. даҕ. суолт. Төрөппүт буолбатах, кииринньэҥ (ийэ эбэтэр аҕа туһунан). Нер од ной (отец) и ли не род на я (мать) по отношению к детям от прежнего брака супруги или супруга
    Маачаха ийэ.  Аны Саргы эргэ тахсан хаалыа. Оччоҕо Алгыс муҥнаах маачаха аҕаланарга тиийэр дии. Н. Лугинов
    Өлөксөй, ийэтэ өлөн хаа лан, бэрт өр тулаайах сы лдьыбыта. Маачаха и й э т э а а н н ь а к ө р б ө т буолара. Н. Түгүнүүрэп
    Манна даҕатан эттэххэ, маачаха ийэлэр оҕо иитиитигэр үчүгэйдик сабыдыаллыыллара бэрт аҕыйах. ОАП ИиЭУО