Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дойҕохтоо

туохт. Туһата суоҕу мээнэ уһатан-кэҥэтэн эбэтэр чахчыта суоҕу кырдьык оҥорон кэпсээ, саҥар. Рассуждать, говорить неуместно много, долго о чем-л. незначительном; болтать
Тугу дойҕохтуомуй, арай: Сордооҕу соҥотор, Муҥнааҕы муҥнуур, Эрэйдэнэн эрэри Элэк гынар буолаайаҕыт. А. Софронов
Дулҕа быыһыттан буҕарҕана сордоох Дойҕохтуу сытта, сиилии саҥарда. П. Ойуунускай
Бу сырыыга наһаа элбэҕи дойҕохтоотум быһыылаах. Ол эрээри этиэх буолбуппун аҥарын да кыайан эппэтим. Н. Лугинов

Якутский → Русский

дойҕохтоо=

говорить слишком много об одном и том же.


Еще переводы:

дойҕохтот=

дойҕохтот= (Якутский → Русский)

побуд. от дойҕохтоо =.

околёсица

околёсица (Русский → Якутский)

ж. разг. кураанах дойҕох; нести околёсицу кураанаҕы дойҕохтоо.

дойҕохтооһун

дойҕохтооһун (Якутский → Якутский)

дойҕохтоо диэнтэн хай
аата. Серафим Романович сэмэй буолан, мин дойҕохтооһунум былаһын тухары болҕомтолоохтук истибитэ эрэ. «ХС»

саппаҕырыы

саппаҕырыы (Якутский → Якутский)

саппаҕыр диэнтэн хай
аата. Итинник дойҕохтооһун арай хараҕы сыыһырдар, өйү-санааны сутуйар, өй саппаҕырыытын бэргэтэр. В. Ленин (тылб.)

дойҕохтос

дойҕохтос (Якутский → Якутский)

дойҕохтоо диэнтэн холб. туһ. Оҕонньор эдэр хоноһотунаан олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи кэпсэтэллэр, дойҕохтоһоллор. Н. Якутскай
Хата, аҕаа, ыл, ону-маны буолары-буолбаты дойҕохтоһон бүтүөх, дьыаланы кэпсэтиэх. В. Гаврильева

болтает

болтает (Русский → Якутский)

гл
1. Булкуйар (напр . кашу). 2. Лахсыйар, лабаҥхалыыр, баллыгырыыр, мээрилиир, дойҕохтуур (в смысле говорить )

кыраһыт

кыраһыт (Якутский → Якутский)

аат., кэпс.
1. Ол-бу кыраны кыбар идэлээх киһи. Мелкий воришка. Кырдьан баран кыраһыт буолбукка дылы (өс хоһ.)
2. Ол-бу кыраны тутуһар, бытархайдьыт киһи. Человек, придирающийся к мелочам, мелочный
Ордугурҕаан, ымсыыран, Бэйэлэрэ холуннаран, Дойҕохтууллар арааһы, Ону кытта аахсыбаккын. Эн кыраһыт буолбатаххын! Д. Дыдаев
Рудин, мааны көнө уҥуохтаах барахсан, кыраһыт майгылаах этэ, оннооҕор кини хобуоччулуура. И. Тургенев (тылб.)

мотуччу

мотуччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Толорутук, иҥсэлээхтик уобан (сиэ). В полный рот, за обе щеки (есть, уплетать)
«Бу да оҕонньор сэрии дьонугар дылы хамаанданан үлэлэтээри дойҕохтоотоҕо үһү», — өттүгэстээн сытан, лэппиэскэни мотуччу уоба-уоба, б и и р у о л х а п т ү һ ү с т э. Дьүөгэ Ааныстыырап
Манна эрэстэрээҥҥэ курдук ким да сэрэнэ туттубат: мотуччу уоппут эти ыстаан ыллаҥнатыы, итии миини үрэн бурдьугунатыы, дуоһуйбуттуу кэҕэрдэн кэбиһии. Ыҥырар ыл.

остуоруйалаа

остуоруйалаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Остуоруйата кэпсээ. Сказывать сказку
«Эбээ, остуоруйалаа», — Надя, Дора, Еля, Настя чаҕаараллар. М. Попов
Остуоруйалаабат буоллаххына ончу да утуйуохпут суоҕа. П. Тобуруокап
Оҕолоор, доҕоттоор, Оргууйуҥ, тохтооҥ! Олоруҥ тулалыы, Остуоруйалыым. Баал Хабырыыс
2. кэпс. Буолары-буолбаты кэпсээ, дойҕохтоо. Болтать, нести чушь
Охонооһойоп оҕонньор (холуочук эбитэ дуу) былыргы талкыттан, тиргэттэн, саха хотууруттан ыла остуоруйалаан таҕыста. П. Ойуунускай
[Сибиэтэ:] Чэ, тугу да остуоруйалаа, онон-манан муннара сатаама. С. Ефремов
Миэхэ остуоруйалаама. И. Гоголев

халаанньа

халаанньа (Якутский → Якутский)

халаанньа хаамп — туох да сыала-соруга суох төттөрү-таары хаамп, мээнэ сырыт. Ходить взад и вперёд бесцельно, без большой надобности, бродить без дела, шататься (туда-сюда)
Лев илиилэрин бүрүүкэтин сиэбигэр уктуталаан баран, халаанньа хаама сылдьыбыта. Р. Баҕатаайыскай
Кини бэрт холкутук сис туттан халаанньа хаама сылдьан бу курдук дойҕохтуур. В. Ойуурускай
Сонун ойоҕос сиэптэригэр илиилэрин уктан баран, бэрт дуоһуйуулаахтык туттан халаанньа хаама сылдьан афишаны көрө биэрдэ. «ХС»