Якутские буквы:

Русский → Якутский

долговечный

прил
уһун үйэлээх

долговечный

прил. 1. (длительный) упун үйэлээх; 2. (прочный) ер үйэлээх, үйэлээх.


Еще переводы:

үйэлээх

үйэлээх (Якутский → Русский)

вечный, долговечный (напр. о прочном изделии, сооружении) # үйэлээх сааска в течение жизни, на протяжении всей жизни; үйэлээх саас употр. в притяж. ф. всю жизнь; үйэлээх сааспар манныгы көрбөтөҕүм за всю свою жизнь я такого не видал.

төлкөлөөх

төлкөлөөх (Якутский → Якутский)

даҕ. Инникигэ кэскиллээх, үйэлээх буолар кыахтаах. Имеющий будущее, долговечный
[«Ийэ» диэн] төрүт-уус, төлкөлөөх тыл! И. Федосеев. Саха норуота үйэттэн үйэ тухары киэн туттар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» геройун аатынан тааҥка тутуутугар үп хомуйбут киһи диэн төлкөлөөх санаа киирэр. ВВМ

тулхадыйбат

тулхадыйбат (Якутский → Якутский)

даҕ. Хамсаан да көрбөт, олус бөҕө. Очень крепкий, прочный, долговечный
Манна сиэмэн тааһы хайаны кытта холбоон биир тулхадыйбат кэлимсэ оҥорор курдук, бу тутуу норуоттар доҕордоһууларын кытаанахтык бөҕөргөтөр эбит. Суорун Омоллоон
Миимээн баччааҥҥа диэри Бүлүү эбэ хотун тулхадыйбат туруук таас хайаларын хамсатар сүдү күүс аан дойдуга баар буолуо дии санаабат этэ. И. Данилов. Манна баар …… Тулхадыйбат остоолболуу Турар толуу киил тиитим. Хоһоон т.
Тулхадыйбат (туллаҥнаабат, туллубат) тулааһын көр тулааһын
Биһиги Россия тулхадыйбат тулааһыннаах …… улуу судаарыстыба буолан туругура турарыгар баҕарабыт. Софр. Данилов

үйэлээх

үйэлээх (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Уһун кэмҥэ барар, туттуллар, туһалыыр. Вечный, долговечный
    Кырдьык курдук үйэлээх Күн сиригэр эмиэ суох. С. Данилов
    Дөлүһүөн сибэккитэ хоту дойду сибэккилэриттэн барыларыттан хойутаан тыллар, барыларыттан кылгас үйэлээх. И. Гоголев
    Кулууп үлэтин чэпчэтэр сыалтан …… бэлэм матырыйаалынан үйэлээх истиэндэлэри оҥоруохха. Э. Соколов
  2. аат суолт. Уһун кэмҥэ барар, туттуллар, туһалыыр туох эмэ. Что-л. вечное, непреходящее
    Өрүү өлүө суох курдук Үйэлээххэ баҕарыллар. Суорун Омоллоон
    Сибэкки күннээҕи үһү, ол кэриэтин туох эрэ үйэлээх наада үһү. Лоһуура
    Эн кэскиллээҕи, үйэлээҕи умнума, онтуҥ сотору кэминэн ситиһии төрдө буолуоҕа. ААИ ОБСЫҮ
    Уһун үйэлээхтэр — орто дойдуга уһуннук олорор, элбэх саастаах аарыма кырдьаҕас киһи. Долгожитель
    Манна уһун үйэлээхтэр ахсааннара улам элбээн иһэр. И. Данилов
    «Уһун үйэлээхтэри үөрэттим, дьон үрдүк сиргэ, хайаҕа олорор буолан уһун үйэлэнэллэр эбит», — диэн Прокопий Петров быһаарбыт. Б. Павлов
    Билигин да Саха өрөспүүбүлүкэтэ уһун үйэлээхтэр ахсааннарынан Сибииргэ бастакы миэстэни ылар. «ХС». Үйэлээх саас (тард. сыһыар-х тут-лар) — орто дойдуга олорорун былаһын тухары, олоҕун тухары. Всю жизнь, в течение жизни, на протяжении всей жизни
    Оо, саха барахсан, үйэлээх сааһыҥ тухары итии иннигэр төһөлөөх көлөһүҥҥүн, эньиэргийэҕин сиэппитиҥ, үйэҕин кылгаппытыҥ буолуоҕай? Суорун Омоллоон
    Үйэлээх сааһыгар үлэлээн тириппэтэх ийэ-хара көлөһүнэ ыгылынна. М. Доҕордуурап
    Мин үйэлээх сааспар учууталбын, саха тылын уонна литературатын үөрэппитим. «Кыым»