вечный, долговечный (напр. о прочном изделии, сооружении) # үйэлээх сааска в течение жизни, на протяжении всей жизни; үйэлээх саас употр. в притяж. ф. всю жизнь; үйэлээх сааспар манныгы көрбөтөҕүм за всю свою жизнь я такого не видал.
Якутский → Русский
үйэлээх
Якутский → Якутский
үйэлээх
- даҕ. Уһун кэмҥэ барар, туттуллар, туһалыыр. ☉ Вечный, долговечный
Кырдьык курдук үйэлээх Күн сиригэр эмиэ суох. С. Данилов
Дөлүһүөн сибэккитэ хоту дойду сибэккилэриттэн барыларыттан хойутаан тыллар, барыларыттан кылгас үйэлээх. И. Гоголев
Кулууп үлэтин чэпчэтэр сыалтан …… бэлэм матырыйаалынан үйэлээх истиэндэлэри оҥоруохха. Э. Соколов - аат суолт. Уһун кэмҥэ барар, туттуллар, туһалыыр туох эмэ. ☉ Что-л. вечное, непреходящее
Өрүү өлүө суох курдук Үйэлээххэ баҕарыллар. Суорун Омоллоон
Сибэкки күннээҕи үһү, ол кэриэтин туох эрэ үйэлээх наада үһү. Лоһуура
Эн кэскиллээҕи, үйэлээҕи умнума, онтуҥ сотору кэминэн ситиһии төрдө буолуоҕа. ААИ ОБСЫҮ
◊ Уһун үйэлээхтэр — орто дойдуга уһуннук олорор, элбэх саастаах аарыма кырдьаҕас киһи. ☉ Долгожитель
Манна уһун үйэлээхтэр ахсааннара улам элбээн иһэр. И. Данилов
«Уһун үйэлээхтэри үөрэттим, дьон үрдүк сиргэ, хайаҕа олорор буолан уһун үйэлэнэллэр эбит», — диэн Прокопий Петров быһаарбыт. Б. Павлов
Билигин да Саха өрөспүүбүлүкэтэ уһун үйэлээхтэр ахсааннарынан Сибииргэ бастакы миэстэни ылар. «ХС». Үйэлээх саас (тард. сыһыар-х тут-лар) — орто дойдуга олорорун былаһын тухары, олоҕун тухары. ☉ Всю жизнь, в течение жизни, на протяжении всей жизни
Оо, саха барахсан, үйэлээх сааһыҥ тухары итии иннигэр төһөлөөх көлөһүҥҥүн, эньиэргийэҕин сиэппитиҥ, үйэҕин кылгаппытыҥ буолуоҕай? Суорун Омоллоон
Үйэлээх сааһыгар үлэлээн тириппэтэх ийэ-хара көлөһүнэ ыгылынна. М. Доҕордуурап
Мин үйэлээх сааспар учууталбын, саха тылын уонна литературатын үөрэппитим. «Кыым»
Еще переводы: