туохт.
1. Күүстээх долгуннан (хол., муора). ☉ Сильно волноваться (напр., о море)
Байҕал буолла да хаһан эмэ бааллырыахтаах, буурҕаланыахтаах, кыра харамайдар биэрэккэ быраҕыллаллар, өлөллөр, хаталлар. Н. Тобуруокап
Муора хараара, туртаҥныы Бааллырбыта күүстээҕин! Дьуон Дьаҥылы
Саас тыгар саһарҕа – Сайсары сыһыыта, Бааллырар Өлүөнэ – Барылара биһиэнэ. П. Тулааһынап
2. көсп., поэт. Күүһүрэн-уоҕуран ис, күүрээннир. ☉ Становиться сильнее, мощнее
Түбүктээх үлэ түүннэри-күнүстэри бааллыран, тарҕанан, холкуостар киллэм буолактарыгар хаамта. Дьүөгэ Ааныстыырап
Мин санаам махталтан бааллыран, Үөрүүбүн күн күүһэр былаата. Көһүннэ тыаллаахха бааллыран, Алааһым мутукча былаата. Р. Баҕатаайыскай