Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьаадьай

туохт. Кэбирээн аанньа туппат буолан, ханньары бар (хол., дьиэ тэрилин туһунан). Расшататься, разболтаться
Тэлэбиисэрбит атаҕа дьаадьайбыт. Муннукка дьаадьайбыт остуол турар. Арай биир бүтэһик түгэҥҥэ эмиэ талах олоппос олоҥхоһумас суханан сирин түөрэн дьаадьаҥнатара. «ХС»

Якутский → Русский

дьаадьай=

расшатываться; остуол дьаадьайбыт стол расшатался; ср. дьоодьой = 1.


Еще переводы:

дьоодьой=

дьоодьой= (Якутский → Русский)

1) быть расшатанным, перекошенным; ср. дьаадьай =; 2) идти на слабых ногах (обычно о человеке).

дьаадьараҥнаа

дьаадьараҥнаа (Якутский → Якутский)

дьаадьай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Бу остуол атахтара дьаадьараҥнаабыттар. Тэлиэгэ дьаадьараҥнаатар эрэ хампарыйара дөбөҥ. Н. Туобулаахап

дьаадьас гын

дьаадьас гын (Якутский → Якутский)

дьаадьай диэнтэн көстө түһүү. Тайах кэлин өттүгэр таптаран дьаадьас гына түстэ

дьаадьаҥалаа

дьаадьаҥалаа (Якутский → Якутский)

дьаадьай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Икки киһи салайар болуота үрэх икки өттүгэр халыҥныы, дьаадьаҥалыы испитэ. «ХС»

дьаадьаҥнаа=

дьаадьаҥнаа= (Якутский → Русский)

равн.-кратн. от дьаадьай = 1) шататься (постоянно); остуол дьаадьаҥныыр стол шатается; 2) идти на подкашивающихся ногах; хааман дьаадьаҥныыр он идёт неуверенным шагом; ср. дьоодьоҥноо =.

хампай

хампай (Якутский → Якутский)

туохт. Олус эргэрэн, үрэллиэх курдук буол (хол., дьиэ тээбиринин этэргэ). Становиться ветхим, ветшать (напр., о домашней мебели)
Түннүк таһыгар муннукка боробулуоха үүдэһиннээх олоппос дьаадьайан турара, аттыгар хампайбыт остуоллаах. «ХС»

дьөөдьөй

дьөөдьөй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Кыаммат буолан арыычча хаамп, тур (кыра уҥуохтаах бөгдөччү соҕус туттубут киһи, сүөһү туһунан). Быть немощным, слабым (о слегка сгорбившемся человеке, небольшом животном). Оҕонньор саҥата суох дьиэтин диэки дьөөдьөйдө. Борооску дьөөдьөйөн туран арыычча кэбинэр
Арыычча тур (эргэрбит тутуу, хаарбах тэрил туһунан). Еле держаться (о старой постройке, мебели). Халдьаайы үрдүгэр эргэ өтөх дьөөдьөйөн турар. Тэҥн. дьаадьай, дьоодьой

үүдэһиннээ

үүдэһиннээ (Якутский → Якутский)

туохт. Үрэллэн, алдьанан эрэр тугу эмэ (хол., иһити) үүдэһининэн туттар, бөҕөргөт. Скреплять, сшивать что-л. (напр., посуду) с помощью үүдэһин
Күөһү үрэллибэтин диэн үүдэһиннээн кэбиһэллэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Иҥнэйбит остуол таһыгар собус-соҕотох олоппос дьаадьайан турарын оҕонньор боробулуоханан үүдэһиннээн кэбистэ. «ХС»
Наарта чаастарын кытаанах тирбэҕэ быанан үүдэһиннээбиттэр. ВС ХД

дьаадьый

дьаадьый (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс.
1. Дьалты буолан, туора хааман биэр, бар (кимтэн-туохтан эмэ күрэнэрдии). Незаметно уходить, отходить в сторону, убираться прочь (убегая от кого-чего-л.)
Дьэ, хотуой, мантан быыс булан дьаадьыйдаххына эрэ табыллар буолла. Уорбалаан эрэллэр. П. Филиппов
Бу киһини кытта өссө салгыы кэпсэтэр туһата суоҕун билэн, дьаадьыйа хаамтым. В. Ойуурускай
Кини [үөрэнээччи] ыарырҕатар уруогун үөрэтиэ суоҕа, туох салла саныырыттан дьаадьыйан биэрэ сылдьыа. ЧКС ОИиСТ
2. көсп. Туохтан эмэ туора тутун, кыттыһыма. Держаться в стороне от кого-чего-л., избегать, сторониться когочего-л.
Ыччат холкуостан дьаадьыйарыгар оскуола ордук буруйдаах дии саныыбын. Софр. Данилов
[Чокуурап:] Солко [киһи аата] эн дьаһалгынан эмиэ үлэттэн дьаадьыйа сылдьар. С. Ефремов
Маннык быһыыга-майгыга Софронов хаһыат үлэтиттэн дьаадьыйан биэрдэҕинэ сатаныах курдук буолбута. «ХС»
ср. монг. дьайирла 'уклоняться'
та суох кураанах дьаадьайан туран хаалар. «Кыым»
Түннүк таһыгар муннукка боробулуоха үүдэһиннээх собуссоҕотох олоппос дьаадьайан турара. «ХС». Тэҥн. дьоодьой, дьөөдьөй

дьаадьаҥнаа

дьаадьаҥнаа (Якутский → Якутский)

  1. дьаадьай диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Бу ыскамыайка дьаадьаҥныыр эбит. «Молотоох, молотуоккун уларыс эрэ, бу паартам хаппаҕа дьаадьаҥнаабыт», - диэн эҥинник элэктээн сордууллара. Е. Неймохов
    Бу остуол биир да тоһоҕото суоҕа уонна үйэҕэ чугаһыыр кэм устата, эчи, дьаадьаҥнаан да көрбөтөҕө. «Кыым»
  2. Икки өттүгүнэн иэҕэҥнээн, атахтаргын соһо былаастаан хаамп (сэниэтэ суох буолан). Ходить, идти переваливаясь, едва передвигая ноги
    Хааман дьаадьаҥныыр. Өлөксөй Туораҥаҕа дьаадьаҥнаан тиийдэ. А. Сыромятникова
    Наталья оһоҕостоох буолан, тот кус курдук дьаадьаҥнаан хаамара. М. Горькай (тылб.). Тэҥн. дьоодьоҥноо