Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьоһумсуй

туохт.
1. Дьон хайаан да ытыктыахтаах киһитин курдук сананан боччумура тутун, киэмсий. Демонстрировать свою значительность, важничать
Дьону кытта дорооболоһон, дьоһумсуйа соҕус кэҕис гына-гына, Хойутаанап президиумҥа дайаҥнаан тиийэн олордо. Софр. Данилов
Остуол туорайыгар өттүк баттанан олорор, кыаһаан сирэйдээх, саас ортолоон эрэр киһи дьоһумсуйа туттан олорон кыргыттары доппуруостаан барбыта. С. Никифоров
Семенов судьуйа, дьоһумсуйан олорон, куоракка сылдьыбыт сонунун сэһэргиир. М. Доҕордуурап
2. Улахан суолталааҕы, дьоһуннааҕы оҥорор, быһаарар быһыынан дуоспуруннан, боччумурбут көрүҥнэн. Держаться с большим достоинством (как при выполнении весьма важного, значительного дела)
Кыл сэлээппэлээх кырдьаҕастар, быйыл сааскыта хатааһыннаах буолан, от-бурдук бөрүкүтэ суох үүнүө диэн, дьоһумсуйан олорон дьылҕалыыллар. В. Чиряев
Дьоһуннааҕы айыах айылаах Дьоһумсуйан, дархаһыйан, Дьоммун, дойдубун хаалларан, Хара муора кытылыгар Айар дьиэҕэ диэн аат ааттаан Аҕыйах хонно кэлтим айаннаан. В. Гольдеров
Атах тэпсэн, дьоһумсуйан, оллоонноон олорон кэпсэтээри, санааны үллэстээри, тэһийбэккэ, былыргы сахалар хас эмэ алааһы уҥуордаан атын ыалларыгар бараллара. ПБН КСКТ
3. көсп., поэт. Дьоһун, ытык көрүҥнээх буол; улуу дархан курдук көһүн (үксүн тыыммат барамайы тыыннааҕымсытан этэргэ). Напускать на себя важность (обычно при олицетворении)
Үрэх күөх кытылларыгар ынах киэнин ыраастара, толомонноро сиргэ тиийэр сириннэрин нэһиилэ соһон дьоһумсуйа хотолдьуһаллар. С. Тарасов
Торҕо күөх көстүүлээх дьоһумсуйа туттубут тиит мастар, хампа күөх хасыыҥка бааммыт үрүҥ түнэ этэрбэстээх лаглаҕар хатыҥнардыын сиэттиһэн, бу улуу алааһы түһүлгэ оҥостон сэлэлии хаампыттар. Г. Угаров
Күөх тыа дьоһумсуйа нусхайар. И. Данилов

Якутский → Русский

дьоһумсуй=

важничать, держаться важно; дьоһумсуйа тутун = держаться важно; дьоһумсуйбут көрүҥнээх с важным видом; ср. дьоһуннан=.


Еще переводы:

дьоһумсут=

дьоһумсут= (Якутский → Русский)

побуд. от дьоһумсуй=.

важничать

важничать (Русский → Якутский)

несов. разг. дьоһумсуй, дархаһый, улаатымсый.

пыжиться

пыжиться (Русский → Якутский)

несов. разг. 1. (стараться, силиться) ыгылын, ыгыһын; 2. (важничать) дьоһумсуй, дьоһумсуйан үлүн.

дьоһуннан=

дьоһуннан= (Якутский → Русский)

делать что-л. важно, с важностью; дьоһуннанан олор = важно восседать; ср. дьоһумсуй=.

тооспоҥноо

тооспоҥноо (Якутский → Якутский)

тооспой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Хряк:] Ол Климов улахан саҕа буолан тооспоҥнуу сылдьар. И. Гоголев
[Айдаар] сиэбигэр укта-укта, өҥөнөн көрүнэ-көрүнэ, дьоһумсуйуу бөҕөнү дьоһумсуйа-дьоһумсуйа, хаамыталаан балай эмэ тооспоҥнуур. Багдарыын Сүлбэ

сохсоҥноо

сохсоҥноо (Якутский → Якутский)

сохсой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Улахан бороҥ тумустаах тураах дьоһумсуйан сохсоҥнуур. ОВИЛТ

тоҥхолдьуһуу

тоҥхолдьуһуу (Якутский → Якутский)

тоҥхолдьус диэнтэн хай
аата. Дьоһумсуйбут туттуу-хаптыы. Эгди буолбут сирэй-харах. Эҕэрдэлэһии, тоҥхолдьуһуу. «Кыым»

түрдэһиннэр

түрдэһиннэр (Якутский → Якутский)

түрдэһин диэнтэн дьаһ
туһ. [Эллэй] өрүүтүн хааһын түрдэһиннэрэн, дьоһумсуйа туттан суруйа эбэтэр ааҕа олорор буолааччы. «ХС»

важничает

важничает (Русский → Якутский)

гл
дьоһумсуйар; киэбирэр; дархаһыйар

дархаһый

дархаһый (Якутский → Якутский)

туохт. Дьоһумсуйа тутун. Держаться важно, надменно, важничать. [Буустуур Ойуун] тэлгэһэҕэ киирэн, атын сэргэҕэ баайан, дархаһыйан дьиэҕэ киирэр. Саха сэһ
1977
Киммит хоно-сүтэ дархаһыйан кэллэҕэй. Болот Боотур
Олус дьоһумсуйа, дархаһыйа соҕус туттубут киһи киирэн, кэпсээн кутан-симэн барда. Г. Угаров