Якутские буквы:

Якутский → Русский

дьэллик

бездомный, бродячий || бродяга; дьэллик ыт бездомная собака.

Якутский → Якутский

дьэллик

  1. даҕ.
  2. Дьиэтэ-уота, иччитэ суох; мэнээк сылдьар. Бездомный, бродячий; бесхозный
    Улуу кыыл охсуук, дьэллик кыыл тэбиик (тааб.: сохсо (килэпси)). Дьиэтэ-уота суох Дьэллик киһи курдук, Дэлби мунчаардым. В. Гольдеров
    Сааскы мэник, дьэллик тыаллар Ханна эрэ саспыттар. Чэчир-80
    Мин тымырдарбар оннук дьэллик [ыраах сирдэринэн тэлэһийэр] хаан сүүрүгүрэр быһыылааҕа. «ХС»
  3. Сүүрэлэс, онно суоҕунан көрбүт (харах). Бегающие, бездумные, без выражения (глаза)
    Долохов, арааһа, өссө да элэктии түһээри, …… кырасыабай, дьэллик харахтарынан кини диэки чаҕылыччы көрдө. Л. Толстой (тылб.)
  4. Дойдута, сирэ суох. Без родины, без отчизны
    Киһи эрэ дойдулаах буолбат, Диэхтээҕим. Ким - күрдьүктээх... Дьиҥнээхтик Дьонугар долгуйбат Дьэллик ыт курдук көстүөхтээх. С. Тарасов
  5. аат суолт. Дьиэтэ-уота, иччитэ суох; мэнээк сылдьар, тэлэһийэр, дьиэҕэ тохтуурун сөбүлээбэт, кэриимниирин таптыыр киһи, сүөһү. Бродяга, скиталец, непоседа (о человеке, животном)
    Ити дьиэҕэ баппатах дьэллик, ити аартыкка баппатах акаары эйигин атаҕастаата. П. Ойуунускай
    Мин курдук дьэлликтэр, быралгылар, хаамаайылар, устугастар, нуучча даҕаны, саха даҕаны элбэх этибит. И. Никифоров
    Дьэ түөкүн хаххан, дьэллик дьэллигэ тардан, албыннаабыт буоллаҕа. Саха ост. I
  6. сыһ. суолт. Дьиэтэ-уота, иччитэ суох, көҥүл-босхо (бар, сырыт). Без дома, без хозяина, как бродяга (жить, обитать)
    [Күһүнүн тиийэн] Көҥүл барбыт күрүөлэннэ, Хаҥыл барбыт хаһааланна, Дьэллик барбыт кыбыыланна. Саха нар. ыр. I
    Кыра да буоллар, кырыктанна бу ытыҥ - Биллэ көҥүлбосхо, дьэллик барбытын. Л. Попов
    Дьэллик маҥан (элэмэс) - харах саатар дьиримнэс сырдык; харах иириэх чаҕылхай (элэмэс). Ослепительно белый (до дрожи в глазах); ярко-пестрый (до ряби в глазах)
    [Бухатыыр дьахтардаах] Чэлгиэннээх киэҥ Дьэллик маҥан Тэлгэһэтин иһигэр Илэ бааччы Дибдитэн киирэн кэллилэр. Күннүк Уурастыырап. [Куралай Кустук] субу баран иһэн сирин ортолуута дьэллик элэмэс табалаах киһини көрсө түстэ. Д. Апросимов. Дьэллик чолбон эргэр. - Дьэллэҥэ былыргы аата (сүтэ-сүтэ киэһэ сарсыарда баар буолар чолбон). Венера (звезда), букв. блуждающая звезда. Көтөр дьэллик буол - куруук көтө сылдьар буол. Постоянно летающий (с места на место)
    Суор онтон бэттэх абатыттан хааҕыргыы-хааҕыргыы көтөр дьэллик буолбут. И. Егоров
    ср. тув. черлик, челлик 'дикий'

Еще переводы:

нөҥүөһүлэс

нөҥүөһүлэс (Якутский → Якутский)

нөҥүөһүлээ диэнтэн холб. туһ. Эмиэ хат үгэргэһэн, нөҥүөһүлэһэн барда Дьэллик мородуларын кытта. Н. Заболоцкай

хаҥынаспахтаа

хаҥынаспахтаа (Якутский → Якутский)

хаҥынас диэнтэн тиэт
көрүҥ. Онтон баара эмискэ субу кини [Дьэллик] төбөтүн үрдүнэн бадахтаах үөр хаас саҥаран хаҥынаспахтаата. Н. Заболоцкай

анньыллыы

анньыллыы (Якутский → Якутский)

анньылын диэнтэн хай
аата. Дьиэ кэлэн ампаарга анньыллыытыгар эрдэттэн сэрэнэн, тоһуйан турар Дьэллик сүүрүк [дьиэни] кэнниттэн үтэ анньан, ампаар үрдүгэр олордон биэрбитин бэйэтэ өйдөөмүнэ хаалла. Н. Заболоцкай

дьуһуур

дьуһуур (Якутский → Якутский)

көр дьуһаал II.1
Дьуһуур киһи. СГФ СКТ
Дьуһуур суоллаах, Дьэллик идэлээх, Айанньыт саҥнаах, Элбэх эргиэннээх, Киэҥ кэпсэтиилээх, Ыраах ыырдаах Буолар оҕоҕо ымсыырарыҥ буолаарай? Өксөкүлээх Өлөксөй

көччүйбэхтээ

көччүйбэхтээ (Якутский → Якутский)

көччүй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Дьэллик сата бурхааннаах Сэттэ ыйы тэлэммит Субу кэлэн тураммыт Көччүйбэхтиир күммүтүгэр …… Эһиэхэҕэ этээри Эгэлгэлээн эрэбит. С. Зверев

кыбыылан

кыбыылан (Якутский → Якутский)

туохт. Кыбыыга ук, хаай. Закрывать на сеновале
[Күһүнүн] Көҥүл барбыт күрүөлэннэ, Хаҥыл барбыт хаһааланна, Дьэллик барбыт кыбыыланна, Хонууга сылдьар Хоноҕор муостаах хотоннонно. Саха нар. ыр. I

ордороохтоо

ордороохтоо (Якутский → Якутский)

ордор I, II диэнтэн атаах. Эр да буолан диэн кини Биирдэ тохтуу түспэтэ
Көтөр курдук сайынын Көстөөт күһүн күрэнэр, Дьиэтинээҕэр айанын Ордороохтуур дьэллик эр. Дьуон Дьаҥылы

сэллэт

сэллэт (Якутский → Якутский)

сэллээ диэнтэн дьаһ
туһ. Син-биир силлиэни сэллэппэт буолуоххут Сэбиэскэй сиилэтэ ситэри. Эллэй
Тибилийэн түһэн, дьэллигим! Дьэргэлгэн хара ыыспатынан Сири, халлааны ыһаарталаан, Сэлиитин күүһүн сэллэппэтэ. Эллэй

хаһаалан

хаһаалан (Якутский → Якутский)

туохт. Хаһаалаах буол, хаһааҕа киир, тур (сүөһү, сылгы туһунан). Стоять, укрываться в хлеву, в загоне
Көҥүл барбыт күрүөлэннэ, Хаҥыл барбыт хаһааланна, Дьэллик барбыт кыбыыланна. Саха нар. ыр.

айыбыын

айыбыын (Якутский → Якутский)

көр айыбыан
Дьэ ити кэннэ туохха эмит билиннэрэр буолаайаҕыт [кистэммит түүлээҕи]. — Ээ, туохха билиннэрдэмий. Айыбыын... Күндэ
Айыбыын, бу дьүһүн дьүһүннэннэххин, дьэллик бэйэлээх уолчаан! Ч. Айтматов (тылб.)
«Арай уоран сиэтилэр диэтиннэр? Айыбыын!» — Хобороос хараҕын симмэхтээн ылла. «ХС»