даҕ.
1. Курдаттыы тардар иэйиилээх; омуннаах, умайар иэйиилээх. ☉ Проникнутый сильным чувством, страстный; пылкий
Көр эрэ: баай күндү дьиэтигэр Бардам баал байҕаллыы ньиргийэр, Имэҥнээх муусука эҥээттэр, Фокстрот сааланы эргийэр. Эллэй
Истэҕиэн эдэркээн оҕо-кыыс Имэҥнээх күлүүтүн! А. Абаҕыыныскай
Ити имэҥнээх суругу, таптал суругун Наташа салҕалас буолбут илиитигэр тутан баран ааҕар. Л. Толстой (тылб.)
Эмээхсимминиин, эдэр эрдэхпинэ, биһиги тапталбыт имэҥнээх таптал этэ! М. Шолохов (тылб.)
2. Олус күүстээх, уохтаах (хол., тымныы, тыал уо. д. а.). ☉ Неистовый, неукротимый (о стихийных явлениях, ветре и т. п.)
Имэҥнээх тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ. А. Софронов
Сытыы тыалга кыйдатан [Харыйа] Саргылаах саас имэҥнээх итиитин эккэ-хааҥҥа иҥэринэр эриэккэс үөрүүтүн билбитэ дуо? Г. Угаров
Сылаас күннэр куоттулар, Итии, тымныы охсуһан Имэҥнээх дьыбар хотто. Н. Тарабукин (тылб.)
3. Киһини абылыыр күүстээх, долгутуулаах, уоттаах-төлөннөөх (үксүгэр тыл, этии туһунан). ☉ Обладающий особой силой внушения, способностью чаровать, проникновенный (обычно о речи, песне)
Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбээ, нохоо! А. Софронов
Оннооҕор Уордаах Үөксүкү этэр тыла илбистээх, имэҥнээх. Эрчимэн
Семен Данилов поэзията сахалыытыгар күүстээҕэ, имэҥнээҕэ, эҥсилгэннээҕэ нууччалыы «табыллыытын» сүрүн төрүөтүнэн буолар дии саныыбын мин. «ХС»
4. көсп. Туохха эмэ курдаттыы тартарар иҥсэлээх, оботтоох. ☉ Жаждущий чего-л., жадный до чего-л.
Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыҕан оҕонньор. П. Ойуунускай
Имэҥнээх сытыы кылыстара Ириэнэх сигэ курдук Эриллэн хаалла. С. Васильев
Күөх буруобунан Күнү бүөлээтим, Икки атахтааҕы Имэҥнээх оҥордум. С. Зверев
♦ Имэҥнээх хараҥа - иһийбит, сиэххэ-аһыахха айылаах ынырык хараҥаны ойуулааһын. ☉ О всепоглощающей глубокой тьме, подавляющей, парализующей человека своей абсолютной тишиной и чернотой
Ол ахсын иэһийэр имэҥнээх хараҥа соһуйбут курдук өрүтэ көтүөлээн, дьэргэҥнии түһэрэ, дьэ эбии иэһийэрэ, дьэ ордук барыастара. П. Ойуунускай
Тула Им-дьим тыҥаата, Имэҥнээх хараҥа халыҥаата. В. Лебедев (тылб.)