көр дэс
«Дьэ, тутаар, тутаар эрэ [моҕотойу], Байбааскыа!»- дэһистилэр оҕолор. Суорун Омоллоон
«Ээ, Гаврил хаадьаҥныырын таптыыр», - эҥин дэһистилэр. М. Доҕордуурап
Биир өрөбүл күн аттар хоннохторун аһыахха дэһиспиттэрэ. «ХС»
Якутский → Якутский
дэһис
Якутский → Русский
дэһис=
см. дэс=.
Еще переводы:
дэсиһии (Якутский → Якутский)
дэһис диэнтэн хай
аата. «Немецтэр, ама, тос мааскаҕытын ыллыгыт ини? Кэһэйиҥ!» - дэсиһии элбээбитэ. И. Сосин
балыйылын (Якутский → Якутский)
балый диэнтэн атын
туһ. «Туох акаарыларын, алҕастарын барытын биһиэхэ [айыы дьоно] балыйбыт бэйэлэрэ», – дэһиспиттэр кырдьаҕас абааһылар. Абааһы балыйыллара үгүс. Амма Аччыгыйа
омуктас (Якутский → Якутский)
туохт. Кими эмэ атын омук киһитэ диэн туоратардыы сыһыаннас. ☉ Относиться к кому-л. как к иноплеменнику, инородцу, чужаку
Биһиги «нууччаҕын», «сахаҕын» дэһиспэппит буолбат дуо? Син ол кэриэтэ, кинилэр эмиэ хаһан да омуктаһа сылдьыбаттар. Г. Нынныров
эн-мин (Якутский → Якутский)
эн-мин дэһэн — эн-мин дэс (дэһис) диэн курдук (көр дэс)
Билигин оҥоруу, ыйаах күүһүнэн атын-атын буолбут иһин, былыр хаһан эрэ чугас ыаллыы буолан эн-мин дэһэн олоорпут этэ буолбат дуо? А. Софронов
ар-бур (Якутский → Якутский)
тыаһы үт. т. Ыттар охсуһар саҥалара. ☉ Звуки, издаваемые дерущимися собаками. Икки ыт утарыта көрсөн, ар-бур бөҕө буолла
□ Тииҥ маска куһугураата да, ыт ар-бур үрдэ. ЕНВ СТ
Сабараанньа ойоҕоһугар утуктуу сыппыт тэллэх ыта соһуйан «ар-бур» диэбитинэн утары ыстанна. Е. Неймохов
Атын дьон иһэллэрин билэн, ыттар ар-бур бөҕөнү түһэрбитинэн биһиэхэ утары сырсан кэллилэр. В. Арсеньев (тылб.)
♦ Ар-бур буол (дэһис) — кими эмэ кытта кыыһырыс, этис. ☉ Ссориться, ругаться с кем-л. [Үрэкиин оҕонньор эмээхсинэ Ааныкалыын] саастарын тухары биирдэ «ар-бур» дэһиспэккэ, өрүү өйдөһөн, өйөһөн-убаһан олорбуттара. Болот Боотур
Этиспэтэх, охсуспатах Иллээх, сэмэй бэйэлэрэ Ити курдук Дьэбдьиэй, Ылдьаа Иирсэн ар-бур буоллулар. Күннүк Уурастыырап
дэс (Якутский → Якутский)
диэ диэнтэн холб. туһ. Дьонум алаадьы, эт сиэхпит дэстилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап
«Дьарҕааны, соһолооҕу, оҕонньор дьиэлээх, хата хостуу сытар ини», - дэстилэр булчуттар. Н. Заболоцкай
«Петя бүгүн кэлэн туос тордуйа буолан устан ньолбойор үһүө, таастыы, биирдэ уу түгэҕин булар ини»,- дэстилэр сорохтор. М. Доҕордуурап
♦ Эн-мин дэс (дэһис) - кимниин эмэ доҕордуу, эйэлээх буол. ☉ Жить в дружбе, в полном согласии, в ладу с кем-л.
Миитэрэйдээҕи кытта эн-мин дэһэн хардарыта ылса-бэрсэ, көмөлөсүһэ олорор этибит. Далан
Кинилэр саастарын тухары ыаллаһан, баччаҕа диэри бэркэ эн-мин дэһэн кэлбиттэрэ. Н. Лугинов
Дьонум бэрт өрдөөҕүттэн эн-мин дэспит үөлээннээхтэр эбит. Күндэ. Тэҥн. дэмнээхтик
илэй-балай (Якутский → Якутский)
- сыһ. Түҥ-таҥ, киһи өйдөөбөт гына (саҥар). ☉ Невпопад, некстати, не соображая, невразумительно (говорить)
Хайдах-хайдах түҥтаҥ кэпсиигин, илэй-балай саҥараҕын? Ньургун Боотур
Ээ, чэ, ол мэник-тэник эрдэххэ илэй-балай туойбуту баран! Софр. Данилов
Илэй-балай кэпсэттилэр, Эҕэ тылтан иирсистилэр, Этиһиигэ тиийдилэр, Эҥин-дьүһүн дэһистилэр. П. Тобуруокап - даҕ. суолт. Сибээһэ-ситимэ суох, быһаарыыта суох. ☉ Бессвязный, невразумительный
Ити илэй-балай түүлүн быыһыгар кини олус үчүгэйдик утуйдаҕа буолуо, уута астан, төбөтө дьэгдьийэн хаалбыт. Амма Аччыгыйа
Урут даҕаны илэй-балай тыллаах-өстөөх Ылдьаананы ис хааныттан сөбүлээбэт этэ. А. Сыромятникова
Соҕотох чаас иһигэр элбэх баҕайы эҥин араас, илэй-балай түүлү түһээтэ. М. Шолохов (тылб.)
ньэлбэн (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Амтаһыйан аһаа; ордорбокко сиэн кэбис. ☉ Есть с особым аппетитом; съесть что-л. без остатка
Эһэ бултаан бүппүтэ. Ирдээн муспут кустарын ньэлбэнэн баран, тотон тыатыгар тахсыбыта. Далан
[Эһэ] талах ыллыгын устун сиҥнэстэн иһэн, отонноох иһиттэргэ иҥнэ түһээт, бэлэм сугуну сиэн ньэлбэммитинэн барбыта. Суорун Омоллоон
«Доҕор, быарбытын хараардыах», — дэһистилэр иккиэн. Сылаас быары сиэн ньэлбэнэн кэбистилэр. В. Миронов
△ Дуоһуйа аһаабыккын биллэрэн салан-салбан. ☉ Облизываться от удовольствия после приёма пищи
«Үтүө да ас эбит!» — Ниндеманн, чахчы астыммыт киһи быһыытынан, уоһун ньэлбэммитэ. И. Федосеев
Ыт топпута. Тумсун-уоһун ньэлбэммитэ, тыыллаҥнаабыта. «ХС»
[Бөрөлөр] сылгылар диэки иҥсэрбиттии көрөллөр, сиэмэхтэр баара, өссө иҥсэлэригэр ньэлбэнэн ылаллар. АХС
хараарт (Якутский → Якутский)
- хараар диэнтэн дьаһ. туһ. Самаан сайын барахсан …… Тымныыны тыһытытан, Хаары хараардан, Күөх унаар урсуннанан …… [кэлэр]. Өксөкүлээх Өлөксөй
«Эйиэхэ, Байбаал, буору хараардыахха айылаах биэс-алта оҕус баар этэ буолбат дуо?» — диэн унаарыйда Даарыйа эмээхсин. Амма Аччыгыйа
[Ира] күн уота хараарпыт эрчимнээх атахтарын бокуччу туттубут. Л. Попов - көсп. Кими, тугу эмэ киртит, хоруотаа, холуннар. ☉ Наговаривать на кого-что-л., очернять, порочить когочто-л.
Көнө, чиэһинэй үлэһиттэри сымыйанан хараардан, киһи киһинэн талаһаланан былааска тахсара оччотооҕу кэмҥэ баар суол этэ. Эрчимэн
[Инбэлиит буойун] ол да буоллар саха аатын хараардыбатах, охсуһууга сааттаахтык чугуйбатах. КНЗ ТС
Талбаана бииртэн мунаарара: кинилэр тоҕо бэйэтигэр көнөтүнэн эппэккэ, дириэктэр нөҥүө кинини хараарда сатаатылар? Күрүлгэн
♦ Быаргын хараарт — быарын харалыыр диэн курдук (көр быар)
«Доҕор, быарбытын хараардыах», — дэһистилэр иккиэн. Сылаас быары [сыалыһар быарын] сиэн ньэлбэнэн кэбистилэр. В. Миронов
эн (Якутский → Якутский)
с. солб. аат. Саҥарааччы биир ахсааҥҥа иккис сирэйи бэлиэтээн этэр тыла. ☉ Личное местоимение 2-го лица единственного числа, ты
Итиннэ барытыгар эн эппиэттиэх тустааххын. Н. Якутскай
Эн ханна да барыма! Эрилик Эристиин
[Солко:] Уйбаан, бэрдин бэрт киһи буолан бараҥҥын, эн биир улахан итэҕэстээххин ээ. С. Ефремов
♦ <Эн> айаххар батыам суоҕа — айаххар батыам суоҕа (баппатах баҕайым ини) диэн курдук (көр айах I)
Эн айаххар баппатах баҕайым ини. Тыллыыраптаан сиэбэккэ сирэйиҥ саатыа. «ХС»
Эн антах түс — аан антах бар (түс) диэн курдук (көр антах). Бэйэм кыараҕастык олорон, тылгын быһа гыммакка, кыах баарынан көмөлөспүтүм үрдүнэн, эн антах түһэ олороруҥ даа баар ээ. ГНС СТСДТ. Эн аньыыҥ (инниҥ) инньэ (туспа), мин аньыым (инним) инньэ (туспа) — мантан антах эн биһиги дьылҕабыт тус-туспа. ☉ С этого момента наши пути расходятся
Онуоха хоммут хоноһото Эрдьигэн Баатыр: «Эн аньыыҥ инньэ, мин аньыым инньэ», — диэн баран, таһырдьа тэп гыммыта. СНА. [Лэкиэс:] Аны эһиги кыыскынаан иннигит туспа, мин инним туспа. С. Ефремов
Эн-мин дэһэн (дэсиһэн) — эн-мин дэс (дэһис) диэн курдук (көр дэс). Былыр хаһан эрэ чугас ыаллыы буолан эн-мин дэһэн олоорпут этэ буолбат дуо? А. Софронов
Эмээхсинэ оҕонньорун, бачча тухары бииргэ эн-мин дэсиһэн эр-ойох буолан олорон баран, билбэт буолуо дуо? П. Ойуунускай
Миитэрэйдээҕи кытта эн-мин дэһэн, хардарыта ылса-бэрсэ, көмөлөсүһэ олорор этибит. «ХС»
Эн соххор, мин соххор дэспиккэ (диэбиккэ) дылы — эн соххор, мин соххор диэн курдук (көр соххор I). Ээ, эрэйдээх, били эн соххор, мин соххор диэбиккэ дылы, элэй-балай тыллаһа турума. В. Ойуурускай. Эн хараххар ким да үүт ыгыа суоҕа көр үүт I
◊ Эн буолбут киһи — ким эмэ үчүгэйгэ тиксэригэр ымсыыран этии. ☉ Мне бы на твоём месте быть (букв. мне бы быть тобой)
Ээ, оччоҕо сыбаайбаҕа бэлэх бэлэмнээтэҕэ. Үчүгэй да баҕайы. Эн буолбут киһи. А. Фёдоров
— Сарсыарда үлэбэр массыынанан аҕалан биэрэллэр, киэһэ дьиэбэр илдьэллэр. — Аата үчүгэйин, эн буолбут киһи баар ини! «Чолбон»
Эн эппэтэҕин буоллун көр эт I. «Оо, дьэ, эн эппэтэҕин буоллун, барыта этэҥҥэ буоллун», — дии-дии илиитин ыга тутан салыбыратта. «Чолбон»
Дьэ, кырдьаҕас, баһыыба, Эн эппэтэҕин буоллун. «ХС»
ср. др.-тюрк., тюрк. сэн, сен ‘ты’