сов. 1. (упасть за что-л.) түс, түһэн хаал; 2. разг. (обрушиться) суулун, суулан түс; 3. разг. (лечь, улечься) баран туе, сыт; завалиться спать утуйаары ороҥҥор баран түс; 4. перен. разг. (потерпеть неудачу) түҥнэһин (экзамеҥҥа).
Русский → Якутский
завалиться
Еще переводы:
иэкэй (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс. Ойоҕоһуҥ диэки иэҕэй, иҥнэри бар. ☉ Покоситься, скособочиться, завалиться набок.
налай (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт. Илиигинатаххын босхо ыытан, тиэрэ түс, нэлэй. ☉ Развалиться, завалиться, раскинув руки, ноги
Хаҥас диэки көрдөҕүнэ, халыйбыт хаһалаах, хаар маҥан баттахтаах …… хатын дьахтар налайан олорор [эбит]. ПЭК ОНЛЯ II
ср. монг. налайх ‘быть спокойным, добродушным; располагаться для отдыха’
хаадьай (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт.
1. Биир өттүгэр иҥнэй, ханньары бар. ☉ Накрениться, покоситься, завалиться набок
Арай сыҥаһа орон аттыгар үс атахтаах эргэ остуол хаадьайбыт. Софр. Данилов
Эмиэ биир оннук хаадьайбыт титиик баар сайылыгар аҕалбыттара. Э. Соколов
Оһох уҥа диэки хаадьайбыт. «ХС»
2. Аҥаар өттүгэр сүдьүҥнээн бытааннык хаамп, доҕолоҥноо. ☉ Идти с трудом, хромая, ковылять
Чанхаайап сис туттан, миигиттэн кэлэйбиттии киэр эргиллэн, дьиэтин диэки нэһиилэ алтахтаан хаадьайа турда. Н. Габышев
ср. монг. хазайх ‘накреняться, наклоняться набок’, кирг. хажы ‘проявлять слабость, усталость, ослабеть, расхлябаться’
дьоодьой (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт.
1. Аҥаар өттүн диэки иҥнэй, ханньары бар. ☉ Завалиться в сторону, покоситься, скособочиться
Ыстапааннарын мунна, сэҥийэтэ дьоодьойон хаалбыт курдуга, эргиллэн, Алдан сүүрүгүн одуулуура. Дабыыт сото кэбиһэн дьоодьойдо. П. Аввакумов
Соҕотох биир кыра түннүгүн анныгар быыкайкаан, дьоодьойо сытыйбыт остуоллаах. «ХС»
2. Токуччу соҕус туттан, кыараҕас хардыынан икки өттүгүнэн иэҕэҥнээн-хаадьаҥнаан хаамп. ☉ Идти нешироким шагом, переваливаясь то в одну, то в другую сторону
Мин тоҕо эрэ интэринээтим диэки дьоодьойо туруохпун санаталаатым. «ХС»
3. көсп. Улахан айдаана суох, аргыый аҕай барыахтаах сиргэр эрдэтинэ бара тур. ☉ Без всякого шума, тихо или заранее уйти, исчезнуть. Тэҥн. дьаадьай, дьөөдьөй
ханньай (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Ойоҕоһуҥ диэки иҥнэри бар, кыҥнай. ☉ Наклониться в сторону, завалиться на бок, покоситься
Арай ханньайан түспүт кыра балаҕаҥҥа киэһэ-сарсыарда дьон тугу эрэ кистээн ибир-сибир кэпсэтэллэрэ. В. Гаврильева
2. Аҥаар өттүгүнэн үөһэ эбэтэр аллара диэки тартар (сирэйи, уоһу этэргэ). ☉ Скривиться, перекоситься (о лице, губах)
Боллоорутта оҕонньор ынырыктык ханньайа мичээрдээбитинэн, ньуура холлон, уҥуоҕа хамсаан, биир сиргэ таба үктэммэт буола салҕаластаан киирдэ. Амма Аччыгыйа
[Настенька] сирэйэ ханньайан хаалбыт этэ. Т. Находкина
Кини киирбитин көрөн мичээрдээн муҥнаммыта, сирэйэ кубарыйа сатаан баран көҕөрөн, эбиитин ханньайан хаалбыт этэ. «ХС»
Макар ыалдьан ханньайбыт хааннаах сирэйинэн эргийэ биэрдэ. М. Шолохов (тылб.)